Киир

Киир

“Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырйыак иитинэн бу сыл бүтүөр дылы Саха сиригэр дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн 7 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутан үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

2020 сылга номнуо 36 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирбит, ол дьиэлэртэн уопсайа 50,68 тыһ. кв. м.иэннээх 1179 кыбартыыраны хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэргэ анаан ылбыттар. Ахсынньы 14 күнүнээҕи туругунан, хаарбах дьиэ пуондатыттан 5,6 тыһ. киһини көһөрбүттэр. 2021 сылга 9 тыһ. тахса киһини көһөрһр былааннаахтар. Саха сиригэр 2019-2025 сс. уопсайа 1,1 мөл. кв.м. иэннээх, ол эбэтэр 61,8 тыһ. киһи олорор 3630 олорор дьиэни суох оҥорор сорук турар. Бу дойдуга саамай улахан көрдөрүү.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар