Киир

Киир

Ньурба Аканатыгар 100 сүөһү киирэр саха ынаҕын хотонун тутан бүтэрдилэр.

Санаттахха, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быйыл номнуо үс хотону тутан үлэлэтэн эрэр. Эмиэ итинник хотоннор Нам Таастааҕар (150 сүөһү баайыллар хотоно) уонна Мииринэй Сүлдьүкээригэр (200 сүөһүгэ аналлаах) тутуллубуттара.

Саҥа хотон 100 саха сүөһүтэ киирэн турарыгар, ирдэбилгэ толору эппиэттиир, үлэһиттэр сынньаналларыгар аналлаах хостоох. Бу хотоҥҥо Амматтан, Намтан уонна Горнайтан аҕалбыт сүөһүлэрин туруоруохтара.

Эбэн эттэххэ, күн бүгүн саха сүөһүтүн өрөспүүбүлүкэ 20 нэһилиэгэр (14 улууска) иитэллэр. 2020 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, ахсаана 2 440 буолан турар. Саамай элбэх сүөһү Эбээн Бытантай улууһугар баар – 975.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар