Киир

Киир

Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайыытын кэмигэр эһиилги сылы өрөспүүбүлүкэҕэ Доруобуйа сылынан биллэрдэ.

"Быйылгы хамсыктаах сылга дьон доруобуйата ордук сыаналааҕын өссө төгүл итэҕэйдибит. Биһиги саха дьоно чөл туруктаах, уйгулаах олохтоох буоларын ситиһэргэ эппиэтинэстээх хардыылары оҥоруохтаахпыт. Киһи олоҕуттан уонна доруобуйатыттан сыаналаах сир үрдүгэр туох да суох. Ону биһиги харахпыт харатын курдук харыстыах тустаахпыт. Ол иһин, мин кэлэр сылы Саха сиригэр Доруобуйа сылынан биллэрэбин", - диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Кини Туһаайыытыгар бырабыыталыстыбаҕа 2021 сыл олунньу 1 күнүгэр дылы 2025 сылга дылы доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр Ил Дархан стратегическэй ыйааҕын бырайыагын бэлэмнииргэ сорудахтаата. Ити стратегияны сүрүннүүргэ Ил Дархан иһинэн чөл уонна уйгулаах олох Сэбиэтин тэрийэргэ эттэ. Ити Сэбиэккэ идэлээх дьон, учуонайдар, эспиэрдэр, уопсастыбаннай лидэрдэр киириэхтэрэ. Кини "Доруобай Саха сирин олохтооҕо -чөл туруктаах Саха сирэ!" диэн тумус тылынан түмүктээтэ.

Санааҕын суруй