Верхоянскай куорат дьаһалтата АХШ сурук туппут.
Сурукка биир дуоллар угулла сылдьар эбит. Суругу ыыппыт киһи "Верхоянскай, дорообо! мин — Томас Эрл Райтпын, холбоһуктаах штаттар гражданинабын. Эһиэхэ куорат бааныгар уураргытыгар көрдөһөн, биир дуоллары ыытабын, кэмбиэри бырахпаккытыгар уонна дуоллары Арассыыйа солкуобайыгар уларыппакктыгыра көрдөһөбүн", диэбит.