“Почта России” Саха сиринээҕи салаата халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ почта үлэтэ тохтообокко барарын курдук дьаһаллары тобулар.
Уус Майда улууһугар сааскы халааҥҥа эмсэҕэлээбит Эдьээн, Күп уонна Эльдикан нэһилиэктэригэр “Почта России” Саха сиринээҕи салаатын салалтата үлэ хаамыытын быһаччы хонтуруоллуур. Бу уустук усулуобуйаҕа үлэни тэрийиигэ суһал штаб тэриллибит. Алдан өрүс үрдүгэр турар почта салааларын исписэлиистэр кыраҕатык кэтээн көрөллөр.
Ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторо көһөрүллүбүттэрэ. Инньэ гынан, нэһилиэк баһылыгын уонна Ил Дархан көрдөһүүлэринэн, биэнсийэни түҥэтии миэстэтигэр, көһөрүллүбүт сирдэргэ болдьоҕун иннинэ ыытыллар.
“Ууга барбыт нэһилиэктэргэ почта дьиэлэрэ үрдүк сиргэ турар буолан эмсэҕэлээбэтилэр. Матырыйаалынай баай-дуол уу ылбат сиригэр көһөрүллүбүттэрэ. Эрдэттэн бэлэмнээх буолан, үлэһиттэр эмсэҕэлээбэтилэр. Бары социальнай төлөбүрдэр кэмигэр тиэрдиллиэхтэрэ”, - диэн “Почта России” Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Андрей Суслов бэлиэтээтэ.
Сэҥээриилэр
selection cleaves and degrades cGMP to 5′-GMP.
PDE5 inhibitors are standardised in body structure to cGMP; they
competitively bind to PDE5 and conquer cGMP hydrolysis, thusly enhancing the
effects of NO. This addition in cGMP in the shine muscular tissue
cells is creditworthy for prolonging an hard-on.
after that i suggest him/her to go to see this webpage, Keep up the pleasant work.
due to it's nice articles or reviews