Киир

Киир

ВЦИОМ ыйытыга көрдөрбүтүнэн, быйыл сайын Арассыыйа олохтооҕун 45 %-на дьиэтигэр олорон сынньанар былааннаах.

 

Нэһилиэнньэ 34 %-на – даачатыгар сайылыа, 14 %-на – тыа сиригэр эбэтэр атын куоракка барыа. Быһата, Арассыыйа олохтооҕун 4 %-на эрэ кыраныысса таһыгар сынньана барар былааннаах. Бу сыыппара, урукку дьылларга холоотоххо, быстар кыра. Биллэн турар, ол барыта дойду олохтоохторугар эмискэ көөнньөн кэлбит патриоттуу күүрээни кытта туох да сибээһэ суох. Ыйытыллыбыт дьон 44 %-на “атын омук сиригэр барыахпын харчым суох” диир, 18 %-на “дьиэ кэргэним дьыалата-куолута элбэх, күүлэйдиир бокуойум суох” диир.

Быһата, экэнэмиичэскэй балаһыанньа уустугурбута дойдуга барытыгар биллэр.

Санааҕын суруй