Киир

Киир

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин нэһилиэнньэтэ баан өҥөтүнэн туһанар кыаҕын улаатыннарар уонна бииргэ үлэлэһиини кэҥэтэр сыаллаах “Сбербаан” ПАО Байкаллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкинныын көрүстэ.

 

 rn2jzciyiu

“Сбербаан” оҥорор өҥөтүн хаачыстыбатын үрдэтии, куһаҕан суоллаах-иистээх чиэски сиргэ сытар нэһилиэктэр баан өҥөтүнэн туһанар кыахтаналларын ситиһии кэпсэтии сүрүн тиэмэтэ буолла.

Дьоҕус нэһилиэктэр олохтоохторо бааннар аҕыйах киһиэхэ үлэлиир ночооттоох диэн, баар отделениелара сабаллар, баҥкамааттары хомуйан ыллылар диэн долгуйаллара, улаханнык эрэйдэнэллэрэ – баар суол. Онон Ил Дархан Саха сирин уратыларын, киэҥин учуоттаан, оҥоһуллар өҥөттөн нэһилиэнньэ маппатын курдук, сыыппара технологията киирэрин туһанан, баан систиэмэтин анал, ураты тиһигин оҥорору, ыраахтан олорон толоруллар кыахтаах “безналынан” үлэлиир өҥө кээмэйин улаатыннарары туруоруста. Ону таһынан хоту сиргэ таһаҕаһы тиэрдиигэ кирэдьиит бэриллиитин боппуруоһун, инбэстииссийэлээх бырайыактарга ГЧП мэхэньиисимин туһанан үлэлиир “Сбербаан” бородуукталарын кэрискэтин кэҥэтиини уо.д.а. кэпсэттилэр.

Санааҕын суруй