Киир

Киир

Баҕа өттүнэн астаапкаҕа барбыт Арктика сайдыытын уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар  миниистир Александр Саввинов оннугар саҥа миниистирэн “АРКТИК КАПИТАЛ” ХЭУо генеарльнай дириэктэрин Матвей Евсеев сүбэһитэ Владимир Черноградскай ананна.

Бу туһунан Айсен Николаев бэйэтин Твиттерыгар суруйда.

Владимир Черноградскай 1966 сыллаахха Уус Алдан Бороҕонугар төрөөбүтэ. 1990 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан СГУну инженер тутааччы дьупулуомнаах бүтэрбитэ, 1995 с. РАНГХиС “Менеджер” идэлээх бүтэрбитэ. 1999 сыллаахха экэниэмикэ билмин кандидата буолбута. Ил Түмэн 6-c ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа чилиэнэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар