Киир

Киир

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар VII сийиэһин дэлэгээттэрин кытары көрсүһүүгэ: “Ил Түмэн V ыҥырыылаах мунньаҕар 70 дьокутаат баарыттан, биир эрэ дьокутаат – хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуот бэрэстэбиитэлэ. Ити – сөбө суох”, - диэн эттэ.

Кини “Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктар бырааптарын, интэриэстэрин көмүскүүргэ сыһыаннаах боппуруостары быһаарарга, кыһалҕаны төрдүттэн, иһиттэн билэ-көрө сылдьар киһи үлэлиэхтээх" диир. “Оттон парламент билиҥҥи мунньаҕар 70 дьокутаат баарыттан биир эрэ хотугу норуот бэрэстэбиитэлэ баар. Ити олох кыра уонна сөбө суох” диэтэ. Маныаха сүрүн мэһэйинэн федеральнай сокуон элбэх куолаһы ылбыт эрэ киһи дьокутаат буолар диэн ыйара буолар. “Билиҥҥитэ ити боппуруоһу быһаарар атын суол суох курдук. Ол эрээри, парламеҥҥа уонна атын толорор былаас уорганнарыгар хотугу аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэлин хандьыдаата туох да эрэйэ суох көҥүллүк киллэрэргэ кыах баар ” диэн эбэн эттэ.

Спикер буолаары турар Ил Түмэн быыбарыгар эрэгийиэннээҕи бэлитиичэскэй баартыйа салайааччыларыгар хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар интэриэстэрин учуоттуурга этии киллэрдэ.

 

Сэҥээриилэр

николай
0 николай 04.04.2018 07:29
Жирков А Н ордук.Талын куоластаан
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар