Бырааһынньыктааҕы минньигэс астаах сандалыгытын “Боотур” салаат тупсарыа. Бүгүн эһиэхэ анаан “Махтал” саха аһын киинин тутаах асчыта Семен Ноев бу судургу, ол эрээри кыһыҥҥы тымныы күннэргэ ордук иҥэмтэлээх салааты астыыргытыгар сүбэлиир.
Биһиэхэ наада (5 порцияҕа):
Буспут убаһа хартата – 400 гр.
Хортуоппуй – 250 гр.
Тууһаммыт оҕурсу – 4 устуука,
Мас арыыта эбэтэр соя суоһуһа
Кэнсиэрбэлэммит горуох – 100 гр.
1 устуука күөх салаат сэбирдэҕэ.
Эриэппэ лууга, туус, мас арыыта.
Киэргэтэргэ: моркуоп.
1-кы хардыы: Бастаан ууга буспут хартаны соломолуу уһун синньигэс гына быһабыт. Хартаны туустаах ууга биир чаас кэриҥэ сымныар диэри үчүгэйдик буһарабыт. Онтон сойбутун кэннэ кырбыыбыт.
2-с хардыы: Ууга төгүрүктүү буспут хортуоппуйбутун эмиэ солуомкалыы бысталыыбыт.
3-с хардыы: 4 устуука орто кээмэйдээх тууһаммыт оҕурсуну эмиэ соломолуу уһун синньигэс гына быһатыыбыт.
4-с хардыы: Салаат сэбирдэҕин илиибитинэн кыра лоскуй гына тырыта тыытабыт.
5-с хардыы: Иһиппитигэр кырбаммыт бородуукталарбытын уонна кэнсиэрбэлэммит горуоҕу итиэннэ кыра гынан кырбаммыт эриэппэ луугун кутабыт. Ол кэннэ кыратык мас арыытын кутан булкуйабыт.
6-с хардыы: Салааппытын үллэрэн кутарбытыгар моркуоптан лыах быһыылаах гына быһан киэргэтэн биэрэбит.
Минньигэстик аһааҥ!