“Кыым” хаһыаты уонна "Байдам" сурунаалы дьиэттэн тахсыбакка олорон түргэнник уонна судургутук QR-кодунан хайдах сурутары быһаарабыт:
1. Ханнык баҕарар баан мобильнай сыһыарыытыгар киирэҕит.
2. “Платежи” диэни талаҕыт.
3. Экран үөһэ муннугар баар куар-код ойуутун эбэтэр “Оплата по QR-коду” диэни баттыыгыт. Сөпкө баттаатаххытына, экраҥҥытыгар хаартыскаҕа түһэрэр QR-код анал рамката тахсыаҕа.
4. Ол рамканы үөһэ көстөр ойууга туһаайаҕыт. Биири өйдүөххэ наада. 1-кы зонаҕа олорооччулар бас такы, иккискэ олорооччулар иккис ойууну “тыктараҕыт”. Ойууну сөпкө “тыктардаххытына”, тута “МЕДИАГРУППА “СИТИМ” диэн ааты-суолу, дааннайы толорор сиргэ киирэҕит.
5. Манна “Назначение платежа” диэҥҥэ бастаан индекскитин, онтон улуускутун, нэһилиэккитин уонна аадырыскытын суруйаҕыт. Холобур: “678670, Чурапчинский р-н, с. Чурапча, ул. Ярославского 16, кв. 32”.
6. “ФИО” диэҥҥэ ААА суруйаҕыт. Атыны толороргут ирдэммэт. Салгыы “Продолжить” диигит.
7. Дааннайгытын бэрэбиэркэлиигит. Сөпкө толорбут буоллаххытына, “ОПЛАТИТЬ” диигит. Бүттэ!
8. Төлөбүр кибитээнсийэтэ мобильнай сыһыарыыга бэйэтигэр хараллар.
«Кыым» хаһыат - норуотун кытта биир үйэ!
Хаһыат кумааҕытыгар бэчээттэнэр. Нэдиэлэ ахсын чэппиэргэ тахсар.
Кэриҥэ-кээмэйэ: А3 кээмэйдээх 40 сирэй.
Сүрүн эрэдээктэр: Иван Иванович Гаврильев, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, СӨ култууратын уонна бэчээтин туйгуна, СӨ Суруналыыстарын сойууһун "Көмүс бөрүө" бириэмийэтин хаһаайына.
“Кыым” хаһыат ахсынньы ыйга тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээбитэ. Атыннык эттэххэ, бу кэнники 100 сыл устата саха норуотун олорон ааспыт олоҕо, үөрүүтэ-хомолтото, кыайыыта-кыайтарыыта, сайдан иһиитэ бука барыта “Кыымҥа” тиһиллэн сылдьар. Хаһыат суруйар тиэмэтэ киэҥ. Суруналыыстар аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр буола турар быһыыны-майгыны, сонуну-нуомаһы төһө кыалларынан сиэрдээхтик, кырдьыгынан, ханнык да баартыйа, бэлитиичэскэй күүс диэки иэҕиитэ суох көнөтүнэн сырдатарга кыһаналлар. “Кыым” хаһыат тутуһар сүрүн бириинсибэ: бүгүҥҥү олоҕо уонна кэлэр кэскилэ туруктаах уонна бигэ буоларын туһугар, саха киһитэ аан дойдуттан барытыттан кэлэр информацияны хайдах баарынан, кырдьыктааҕынан билиэхтээх!
Сүрүн ситиһиилэрэ:
- Дагомыска Норуоттар икки ардыларынааҕы суруналыыстар бэстибээллэригэр III-с миэстэ хаһаайына (2007 с.);
- Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун “Сыл хаһыата” аатын икки төгүллээх хаһаайына (2008, 2015 сс.)
- Арассыыйа национальнай тираһын сулууспатын «Саамай үрдүк тиражтаах регионнааҕы төрүт тылынан хаһыат» бириэмийэтин икки төгүллээх лауреата (2010, 2015 сс.);
- “Арассыыйа бастыҥ национальнай хаһыата” (2018 с.)
- “Арассыыйа почтатыгар” сурутуутунан дойду үрдүнэн 20 бастыҥ хаһыат кэккэтигэр киирэр.
Улахан бырайыактара:
- 2011 сыл бэс ыйын 11 күнүгэр күргүөмүнэн хомус тардыыга Гиннесс рекордун олохтооһуну тэрийсээччи;
- 2012 сылга Арассыыйатааҕы “Саамай улахан тоҥоруллубут үүт”, Туймаада ыһыаҕар “Саамай улахан оһуохай түһүлгэтэ” Гиннесс рекордтарын олохтооһуну тэрийсээччи;
- 2014 с. Туймаада ыһыаҕар «Саамай элбэх киһилээх кымыс иһиитэ», 2017 с. «Саамай элбэх сахалыы таҥастаах дьон» ахсааныгар Гиннесс рекордтарын олохтооһуну тэрийсээччи.
Байылыат олох сирдьитэ – “Байдам” сурунаал
Икки ыйга биирдэ тахсар өҥнөөх, килэбэчигэс тастаах сурунаал.
Кээмэйэ: 84х108 1/16, 58 сирэй.
Сүрүн эрэдээктэр: Илья Егорович Оконешников, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
“Байдам” сурунаал Арассыыйаҕа национальнай тылынан тахсар саамай улахан тиражтаах сурунааллар ахсааннарыгар сылдьар. 2018 сыл түмүгүнэн – “Саха сирин бастыҥ таһаарыыта”. Бу тыа сирин олохтоохторугар анаммыт суос-соҕотох таһаарыы. Сурунаалы дьон бэйэтигэр туһалааҕы булан ылаары, үүнээри-сайдаары, саҥа дьыаланы саҕалаары сурутан ааҕар. Бу сурунаалынан Сахабыт сирин хайа эмэ улууһугар саҕаламмыт үтүө, сонун дьыала, саҥа дьарык эбэтэр уопут өрөспүүбүлүкэбит былаһын тухары тарҕанар. Маныаха хас биирдии матырыйаал киһи барыта көрөн холобур ыларын, бэйэтэ дьыала тэриниэн баҕарарын курдук сааһыланан суруллар.Эрэдээксийэ саҥа саҕалыыр дьоҥҥо аналлаах урбаан эйгэтигэр сыһыаннаах сокуоннары, сокуон аакталарын, араас чэпчэтиилэр, көмө ылыллар ханааллар тустарынан быһааран суруйар.
Сүрүн ситиһиилэрэ:
- Арассыыйа эрэгийиэннээҕи таһаарыыларыгар “Сурутуу бастыҥа” аат хаһаайына (2016, 2017, 2018 сс.)
- СӨ Суруналыыстарын сойууһун күрэҕэр «Сыл таһаарыыта» тосхол кыайыылааҕа (2018 с.)
Айар куттаах дьон аргыһа - «Күрүлгэн» уус-уран альманах
Таһа өҥнөөх, килэбэчигэс. Икки ыйга биирдэ тахсар.
Кэриҥэ-кээмэйэ: А4 кээмэйдээх 128 сирэй.
Сүрүн эрэдээктэр: А.Г. Гуринов-Арчылан – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун, СӨ суруйааччыларын сойууһун, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация чилиэнэ, 2022 сылга СӨ Ил Дархана А.С. Николаев «Ийэ тыл – омук үрдүк айылгытын төрдө» диэн хайысхаҕа көрбүт гранын ылбыта.
«Күрүлгэн» альманах аан бастаан, «Кыым» хаһыат төрүттэммитэ 85 сылыгар ананан, 2006 сыллаахха тахсыбыта. Альманахха өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр дьон уус-уран айымньылара, чинчийэр-ырытар үлэлэрэ бэчээттэнэр — суруйааччылар, чинчиһиттэр, билимдьиттэр, ону сэргэ култуура, урамньы уонна да атын эйгэ үлэһиттэрин суруйуулара. Ону таһынан саҥа суруйар дьону кытары утумнаах үлэ ыытыллар. Улуустардааҕы айар түмсүүлэри кытары ситим бөҕөргөөн иһэр. Альманах саҥа суруйар дьон уһуйууну барар кыһаларынан буолла.Эрэдээксийэ уран сурук эйгэтин үөрэх-билим, ойуу-дьүһүн уонна дорҕоон-дьүрүл эйгэлэрин кытта ситимниир үлэни утумнаахтык ыытар.
Сүрүн ситиһиилэрэ:
- «Саха сирин бэчээтин тусаһата» регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка II дипломана (2007 с.);
- Тираж национальнай сулууспатын «Арассыыйаҕа олохтоох омук тылынан тахсар муҥутуур элбэх ахсааннаах сурунаал» диэн анал аатын биэс төгүллээх кыайыылааҕа (2010-2014 сс.):
- «Сурутуу бастыҥа-2016» – Арассыыйа регионнааҕы таһаарыыларын ортотугар;
- «Кинигэ-2019» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх «Сурунаал көрүҥнээх бастыҥ тахсыы» тосхолугар I дипломант;
- «Арассыыйа биэс бастыҥ этническэй таһаарыыта» регионнар икки ардыларынааҕы күрэх II дипломана (2019 с.);
- «Алтын курай» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх «Я не случайный гость земли родной» тосхолугар II дипломант (2019 с.);
- СӨ Суруналыыстарын сойууһун күрэҕэр «Сыл таһаарыыта» тосхол кыайыылааҕа (2021 с.)