Киир

Киир

Хой

Бу нэдиэлэҕэ бэрт элбэҕи ситиһиэҕиҥ. Эйигин кистээн өйүүр, көмөлөһөр киһини булан ылыаххын сөп. Ол көмө олус тоҕоостоох буолуо, тоҕо диэтэххэ, тулаҕар эйиэхэ араас дьээбэни-хообону, куһаҕаны оҥоруохтарын баҕарар дьон бааллар. Онон саҥа дьону кытта билсибэтиҥ, ордугу-хоһу тылласпатыҥ ордук буолуо. Бэйэҥ ис туруккун сааһыланаргар, биллибэт-көстүбэт чараас эйгэни баһылыыргар үчүгэй кэм.

Оҕус

Доҕотторуҥ сүбэтин иһит. Ону туһанан үлэҕэр дуу, дьиэ кэргэҥҥэр дуу, ыкса алтыһар чугас киһигин кытта сыһыаҥҥын бэрээдэктиэххин, тупсарыаххын сөп. Бу нэдиэлэҕэ уһуну-киэҥи анаарар былааннары оҥоһун. Урут хаһан эрэ сылдьыбыт сирдэргинэн хос айаннаа. Социальнай ситимнэринэн саҥа дьону кытта билис. Ол билсии кэлин туһалаах, салгыы сайдар кэскиллээх буолуо. Тапталга да кулбулуйуон сөп.

Игирэлэр

Чопчу көрүүлээх, былааннаах буоллаххына, бу нэдиэлэҕэ улаханы ситиһиэххин сөп. Иннигэр турар уустук соругу тиэтэйбэккэ, бытааннык гынан баран үчүгэйдик ааҕан-суоттаан, кээрэтэн бүтэрэн-оһорон ис. Ыксыыр букатын табыллыбат. Дьиэҕин-уоккун, үлэҕин үчүгэйдик бэрээдэктээ, эргэ, туһата суох малы-салы быраҕан кэбис. Ол эн сүргэҕин көтөҕөрүн таһынан, атын дьону кытта сыһыаҥҥын сааһылыа.

Араак

Ыал араактар дьиэ кэргэннэрин иһигэр сыһыаннара тупсуо. Эн майгыҥ уларыйбытын сүрэҕиҥ аҥаара эмиэ өйдүө. Ол өйдөһүүгэ оҕолоруҥ кырата суох оруолу оонньуохтара. Кэргэннээх да, сулумах да араактар сүрэххит аҥаарын кытта бииргэ айаҥҥа барыаххытын сөп. Ол эһиги сыһыаҥҥытыгар үчүгэй эрэ дьайыылаах буолуо. Ааккын-суолгун харыстаа, саарбах соҕус тэрээһиннэргэ кыбыллыма.

Хахай

Бу нэдиэлэҕэ доруобуйаҕын үчүгэйдик көрүнэ сырыт, дьарыктан, эрчилин, бус-хат. Күннээҕи режими тутус. Чуҥкук олоххун сэргэхситэр саҥа үөрүйэхтэри баһылаа. Холобур, арыгы, табах уо.д.а. курдук куһаҕан дьаллыктартан босхолонуоххун сөп. Бэйэҕэр сөптөөх ас-үөл диетатын булан ылан туһаннаххына, ол эн уопсай туруккар аһара үтүө дьайыылаах буолуо.

Кыыс

Уруккуттан олоҕурбут “романтичнай”, истиҥ сыһыаҥҥыт саҥа таһымҥа тахсар кыахтаах. Билсэ, “эрийсэ” сылдьар дьон туох да эгилитэ-бугулута суох ыал буолан хаалыаххытын, сыбаайбалыаххытын сөп. Сулумах Кыыс тапталын көрсөр кыахтаах. Онон, кини элбэх дьонноох сирдэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьара, бэйэтэ көхтөөх буолара ордук буолуо. Уопсайынан, өрө күүрүүлээх, наһаа сэргэх нэдиэлэ.

Ыйааһын

Күннээҕи дьиэ-уот, хаһаайыстыба боппуруостарын быһаарыыга батыллыаҥ. Чахчы, дьиэҥ-уотуҥ үчүгэй туруга доруобуйаҕар быһаччы дьайар курдук. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыаны тупсарарга үтүө кэм. Ордук чуолаан, төрөппүттэри, эһэлэри-эбэлэри кытта сыһыаны... Ол эрээри бу нэдиэлэҕэ үөрэххэ уонна ыраах айаҥҥа барбатах ордук. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах мэһэйэ күөрэйэн былааҥҥын алдьатыан сөп.

Скорпион

Элбэх романтикалаах нэдиэлэ. Скорпион дьахталлары бүтүн нэдиэлэни быһа “сулустаах чаас”, дьиҥнээх бырааһынньык күүтэр. Эр дьон “үөрдээн” сырса сылдьаллар, болҕомто бөҕө. Сулумах скорпионнар тапталларын булар, урут ситэ сайдыбакка хаалбыт сыһыаннарын чөлүгэр түһэрэр чинчилээхтэр. Онон, ханнык эмэ тэрээһиҥҥэ ыҥырыы киирдэ да – сөбүлэһэн кэбис. Саамай сүрүнэ, онно сылдьан арыгыны эрэ иһимэ.

Охчут

Төһө да охчуттар бары үчүгэй айанньыттарын иһин, бу нэдиэлэҕэ ханна да барыаххын-кэлиэххин баҕарбаккын. Бу кэмҥэ эн бэйэҥ дьиэҕиттэн ордук кэрэ миэстэ суох. Ону туһанан, дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны тупсар. Ордук чуолаан, соторутааҕыта дьиэҕит иһигэр кыыһырсыбыт-саҥарсыбыт буоллаххытына. Үп-харчы боппуруоһун быһаарарга, тугу эрэ саҥаны-сонуну атыылаһарга бэрт нэдиэлэ.

Чубуку

Дьону кытта элбэхтик алтыһыаххын, тулалыыр дьонуҥ туһунан элбэҕи билиэххин-көрүөххүн баҕараҕын. Онон интэриниэтинэн, төлөпүөнүнэн дьону кытта элбэхтик кэпсэт, көрсүбэтэҕэ ырааппыт урукку кэллиэгэлэргин, кылааһынньыктаргын уо.д.а. кытта уопсай тэрээһиннэргэ сырыт. Ханна эрэ айаҥҥа барыаххын сөп. Уопсайынан, сайдарга, билиини-көрүүнү сомсорго үчүгэй кэм.

Күрүлгэн

Үп-харчы туруга лаппа тупсар чинчилээх. Онон матырыйаалынай боппуруоһу быһаарыыга хорсуннук ылсан ис, эбии үлэни бул. Ол барыта табыллыа. Бэйэҥ илиигинэн тутан-хабан тугу эрэ уһаныаххын, оҥоруоххун, айыаххын баҕараҕын. Кытаат, түһүнэн кэбис. Онно эмиэ ситиһии эрэ күүтэр. Бэйэҥ дууһаҕын уоскутар, ис туруккун сааһылыыр туһугар, соҕотоҕун сылдьа түһэриҥ олус туһалаах буолуо.

Балыктар

Тулалыыр дьон болҕомтолорун тардар курдук, тас дьүһүҥҥүн, имиджкин уларытар үлэни ыыт, стилист, визажист, парикмахер өҥөлөрүн туһан. Ити ордук балык дьахталларга сыһыаннаах. Бу кэмҥэ доҕор-атас суолтата улаатыа. Кинилэри кытта бииргэ бырааһынньыктарга сырыт, сынньан. Ол эрээри дьиэ кэргэн иһигэр балаһыанньа тыҥаан кэлиэн сөп. Эн көрүлүү, “көтө-дайа” сылдьаргын дьонуҥ сөбүлээбэттэр. 

Санааҕын суруй