Киир

Киир

хой

Биир да тылынан сымыйалаама. Баҕар, сатаныа эрээри, ол албыныҥ-көлдьүнүҥ ыар бурҕалдьы буолуон сөп. Бэйэҥ алҕастаргын билинэ үөрэн. Бу нэдиэлэҕэ кирэдьиити сабарга, биисинэһи кэҥэтэргэ, саҥа үлэҕэ көһөн хааларга саамай табыгастаах. Биллэн турар, кимтэн да кистээбэккэ.

Оҕус

о5ус

Улахан малы-салы атыылаһыаххын сөп. Бэйэҕэр баайы-дуолу тардар кэриэтэ. Оттон дьоҥҥо көмөлөһө сатаан харчы иэстээһин, тугу эрэ бэлэхтээһин – баайгын тоҕо тардан ылыахтарын сөп. Үп-харчы кыһалҕата барыта этэҥҥэ быһаарыллан иһиэ. Төһөнөн элбэхтик үлэлиигин, соччонон чэпчэкитик биэриэхтэрэ. Түгэни мүччү тутума!

Игирэлэр

игирэ

Тас дьүһүн тугу да эппэтин бу күннэргэ билиэҥ. Дьону сиилээһин улахамсыйыыга тиэрдиэн сөп. Саамай дьадаҥы, ынырык дьүһүннээх-бодолоох киһиттэн көһүппэтэх көмөҕүн ылыаҥ. Доруобуйаҥ бэртээхэй. Күүс-күдэх хара баһаам. Барыны бары сүрэххэр чугастык ылыныма.

Араак

араак

Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы албыныгар киирэн биэрэр куттала улахан. Өс киирбэх буолума. Харчы ыытаргын, атыылаһаргын барытын кичэйэн бэрэбиэркэлээн ис. Искусствоны кытты ситимнээх дьон ааккыт ааттанар кэмэ кэлбит. Айан, сынньалаҥ, уруу-аймах куйдаана өрөбүллэргин ылан кэбиһиэ.

Хахай

хахай

Карьера уонна дьыала-куолу кыһалҕата бүтэн биэрбэт эбит. Үлэҥ бириэмэҕин, эдэр сааскын барытын эмэн сии сылдьар. Саҥа күүс, тыын, эниэргийэ наада буолбут. Айдаан, этиһии, сурах-садьык кутатыгар тимириэҥ. Ол эрээри эн онтон тоҕо эрэ астынар эбиккин. Маҕаһыын, cпорт аралдьытыа.

Кыыс

кыыс

Чуумпуга олорон саһыам дии санаама. Элбэх билсиһии, баай остуол, соһуччу бэлэхтэр, үөрэриҥ да, ытыырыҥ да биллибэт түгэннэр элбэх буолуохтара. Ыал буола сатааччылар тохтуу түһүҥ. Социальнай олох сүпсүлгэнэ оборон ылыа.

Ыйааһын

ыйааьын

Эмиэ да айманаҕын, эмиэ да утуктуугун. Уоппуска, спорт, йога наада буолбут. Өстөөхтөрү көрдөөмө – кинилэр эн суолгар суохтар. Саҥа дьону кытта билсиһэ сатаама, арааһы барытын кэпсээн кэбиһиэххин сөп. Хата, дохуот, хамнас соһуччу үрдээн үөрдүө.

Скорпион

скорпион

Тулуура суоххун. Үлүһүйүү баар. Олус ыһыллан хаалбат туһугар чопчу соругу туруор. Ханнык баҕарар эйгэҕэ тугу баҕарар ситиһэр кыаҕы биэрбиттэр. Ыксал буоллаҕына, олус күүрүмэ, ыалдьан охтон хаалар куттал эмиэ баар. Ыра сатаан моруу буолума.

Охчут

охчут

Олохтон астыммат буолуу санаата аалар да аалар. Ол аата уларыйыы түһүмэҕэр киирбиккин диэн буолар. Сүүрүк хоту устан ис – олох бэйэтэ көрдөрөн биэриэ. Ол эрээри муоһаҕын ыһыктыма, салайан биэрэн ис. Кэм тургутуутун ааспыт доҕотторуҥ сүбэлэрэ туһалыа.

Чубуку

чубуку

Утаппыт буоллаххына сонно тута уута ис. Сылайдаххына тулуйа сылдьыма, сынньан, утуй. Күнүү, ис дьиҥин билбэккэ эрэ аахса сатааһын баар. Элбэхтик дьаарбай, үөр-көт, оонньоо. Эйигин собус-соруйан ким да албынныы сатаабат.

Күрүлгэн

курулгэн

Дохуотуҥ хас да төгүл улаатыан сөп. Олоҕуҥ бары эйгэтигэр тупсуу саҕаланна. Өрөбүллэр диэки санааҥ түспүт курдук буолуо. Оччоҕо дьону кытта кэпсэтии, туһалыа. Сэрэдэҕэ аймаҕыҥ көмөлөс диэн тиийэн кэлиэ. Суолга сэрэхтээх буол.

Балыктар

балыктар

Күннээҕи олохтон тэйбит курдук буолуоҥ. Кут-сүр муунтуйуута, ап-хомуһун алтыһыыта баар. Туора дьоҥҥо өйдөммөт турукка киирбиккин. Ол эн кистэлэҥ дьыаланан дьарыгыра сылдьаргын кытта ситимнээх. Солбуллубат курдук сананыыҥ эмиэ таҥнары тарда туруо. Уоппуска туһунан санаа арахпат.

Сэҥээриилэр

Анатолий
0 Анатолий 25.06.2018 18:58
Оодьэ балык овсайынан ынырык ыарахан олохтоох наар куһаҕан да куһаҕан
Ответить

Санааҕын суруй