Киир

Киир

Хой

Сэттиэлэ бастакы аҥаарыгар бэйэҥ соҕотоҕун хаалан олоххо сыалгын-соруккун, кэлэр былааннаргын торумнаа. Бу кэмҥэ эн бэркэ налыйан-намыраан, холкутуйан сылдьаҕын, онон туох эрэ аһара туһалаах түмүктэри оҥостуоххун сөп. Сэттиэлэ кэнники күннэригэр күүскэ хамсанан, тугу эрэ бүтэрэ-оһоро, айа-тута сатыаххын сөп. Туох эрэ уларыйыы, хамсааһын тахсара – үчүгэйгэ эрэ.

Оҕус

Доҕотторгунуун элбэхтик алтыс, кэпсэт, ол эһиги сыһыаҥҥытын өссө истиҥ оҥоруо. Ол эрээри, кинилэри үпкэ-харчыга сыһыаннаах боппуруостаргар кыттыһыннарыма. Онтон сылтаан иирсээн эрэ көбөн кэлиэн сөп. Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар дьон ортотугар сырыт, саҥа сибээстэри олохтоо, доҕоттору бул. Бу кэмҥэ эн урукку ыра санааларгын хайдах олоххо киллэрэр суолу тобулуоххун сөп.

Игирэлэр

Сонуну-нуомаһы үчүгэйдик “сиидэлээн” ылын. Сымыйа сураҕы итэҕэйэр куттал баар. Кэлин өһүргэнсии үөскээбэтин туһугар, чугас дьоҥҥун, аймахтаргын кытта кыыһырсыбакка холкутук кэпсэт. Сэттиэлэ бастакы аҥаарыгар айар үлэҕиттэн гонорар эбэтэр хантан эрэ дохуот, кэлэн үөрдүө.

Өрөбүллэр диэки бэйэҥ бэйэҕэр бүгэн, олох-дьаһах туһунан толкуйдаа, ырааҕы-киэҥи анаар.

Араак

Сэттиэлэ саҕаланыыта ханна эрэ айаҥҥа бара сырыт. Аһара ырааппакка. Онтон улахан дуоһуйууну ылыаҥ, дууһаҥ чэпчиэ. Бу кэмҥэ дьону кытта алтыһыыҥ аһара ис киирбэх, истиҥ буолуо. Ол эрээри, аймахтаргыныын сыһыаныҥ хаҕыс соҕус буолар чинчилээх. Онно бэйэҕин туттунарыҥ, киэҥ-холку буоларыҥ ирдэнэр. Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар бэйэҥ идиэйэлэргин олоххо киллэрэр, дьону кытта сыһыаны тупсарар кыах көстүө.

Хахай

Аһара дьаныһан туран босхо үбү-харчыны тоҕо тардан ыларга дьулуһуоҥ эрээри, ол туһата суоҕун бэрт сотору өйдүөҥ. Харчы хаһан да чэпчэкитик кэлбэт.  Бу кэмҥэ үпкүн үчүгэйдик ааҕан-суоттаан тутун, кэмчилээ. Ону-маны мээнэ атыылаһыма.

Сэттиэлэ устата олоҕу көрүүҥ, баайга-дуолга сыһыаныҥ сыыйа уларыйан иһиэ. Ол эйиэхэ үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыаҕа.

Кыыс

Күҥҥүн-дьылгын аһара үчүгэйдик суоттанан-ааҕынан сылдьар буолаҥҥын, бириэмэҕин аһара туһалаахтык атаараҕын. Көргө-нарга сылдьаҕын, дьону уонна дьиэлээхтэргин кытта алтыһан дуоһуйууну ылаҕын. Быстах, соһуччу иэйиинэн эрэ салайтарымыахха наада.

Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар чугас аймахтаргын, ыалларгын кытта алтыс, сыһыаҥҥын тупсар. Ханна эрэ чугас айаҥҥа барарга тоҕоостоох күн-дьыл.

Ыйааһын

Сэттиэлэ саҕаланыыта – дьиэ үлэтин толорорго, тупсарарга табыгастаах кэм. Кэргэҥҥин кытта кыыһырсыма. Уопсайынан, дьиэ кэргэн иһигэр өйдөспөт быһыыны таһаарыма. Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар ыарахан сыаналаах күндү малы атыылаһыахха сөп. Онно улахан табыллыы күүтэр. Хантан эрэ соһуччу бэлэх кэлэн соһутуон, үөрдүөн сөп. Хамсаабат баайы кытта сыһыаннаах дьыала ситиһиилээх буолуо.

Скорпион

Тапталга сыһыаннаах умсугутуулаах түгэннэр, сырыылар күүтэллэр. Аһара аралдьыйбакка, билигин баар сыһыаны тупсарарга кыһалын. Түргэн быһаарыныылары оҥостума, аҥаардас имэҥҥэ-дьалыҥҥа олоҕурбут сыһыан – кэскилэ суох. Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар дьиэлээхтэргин кытта ханна эрэ сынньана, киинэҕэ, маҕаһыыҥҥа уо.д.а. бар. Ол эйиэхэ сонун уонна саҥа көрсүһүүлэри, ураты иэйиилэри бэлэхтиэ.

Охчут

Сэттиэлэ бастакы аҥаарыгар бэйэҥ кыайар-хотор, сатыыр дьыалаҕынан ситиһиилээхтик дьарыктан. Саҥа, билбэт, сатаабат суолгар эрэ киирэн биэримэ. Кэһэйиэххин сөп. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт.

Бытархай дьиэ-уот үлэтинэн сэттиэлэ иккис аҥаарыгар дьарыктан. Холобур, дьиэҕин өрөмүөннээ, сууй-сот, миэбэлгин уларытан туруор. Онтон аһара улахан дуоһуйууну ылар чинчилээххин.

Чубуку

Сэттиэлэ саҕаланыытыгар бэйэҥ тус уонна дьыалабыай сыһыаннаргар болҕомтоҕун уур. Онно бэйэҥ эрэ иннигин, интэриэскин көрүнүмэ, атыттары эмиэ санаа. Дьону кытта күүһү холбоон уопсай үлэни толоруу – сыһыаны тупсарар.

Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар тапталга, сүрэх иэйиитигэр сыһыаннаах үтүө хамсааһыннар баар буолуохтара. Сулумах дьон хамсаммахтаан хаалыахтарын наада.

Күрүлгэн

Бэйэҥ сыалгар-соруккар аһара хабыаласпакка-тардыаласпакка, ыксаабакка, аа-дьуо уонна өйдөөн-төйдөөн баран ис. Араас тиэхиньикэни, прибору кытта үлэҕэ сэрэхтээх буол. Бэйэҥ доруобуйаҕар сыһыаннаах дьайыыны, холобур эпэрээссийэни, сэттиэлэ иккис аҥаарыгар көһөрөн биэр. Өскөтүн эмтэнэргэ сөбүлэҥҥин биэрдиҥ да, тиһэҕэр диэри сылдьа сатаа, быһаҕаһыттан тохтотума.

Балыктар

Билиигэ-көрүүгэ, үөрэххэ дьулууруҥ улахан. Бу кэмҥэ саҥа билиини барытын хабан, ылынан иһэҕин – онон мэйиигин туһата суохха ноҕуруускалаама, наадалааҕы эрэ ылын. Билии эрэ барыта туһалаах буолбатах: сыаналаах билии-көрүү үлэнэн ситиһиллэрин өйдөө.

Сэттиэлэ иккис аҥаарыгар улахан быһаарыныылары кэргэҥҥин кытта сүбэлэһэн эрэ баран ылын. Ол эһиги сыһыаҥҥытын бигэ туруктаах оҥоруо.

Санааҕын суруй