Киир

Киир

Хой

хой

Саҥа дабайыыларга бэлэмҥин. Эйигин кытта бииргэ үлэлиир дьонуҥ эн туттунуулааххын өссө төгүл итэҕэйиэхтэрэ. Бу күннэргэ бэйэ күүһүн эрэнэр суолталаах. Өскөтүн дьаныһан туран үлэлээтэххинэ, нэдиэлэ түмүгэр кыайыылаах тахсыаҥ. Даҕатан эттэххэ, үлэҕэ эрэ буолбакка, тус олоххо эмиэ дабайыы баар. Сытыыгын-хотуугун, бааргын биллэрэ сылдьаҕын. Өрөбүллэри хайаан да култуурунайдык атаар, күүс-уох тиийэр.

Оҕус

о5ус

Үлэлииргэ уустук буолбут. Бииртэн биир үлэ төрөөн тахса турар. Үлэҥ төһө сөптөөх хайысханан баран иһэрин чаастатык ырыҥалыыгын. Чугас киһиҥ сүбэлиирэ элбээбит. Сылайбыккын аһаҕастык этэр буолбуккун. Бэйэҕин эрэйдээмэ, сынньанарга бириэмэ уолдьаспыт. Элбэхтик салгыҥҥа сырыт, муусуката иһит. Таптал чааһыгар сулумахтары саҥа билсии күүтэр. Тус олоххо суолта уурбат буолбуккун. Онон барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах, истириэскэ кииримэ, үөр-көт.

Игирэлэр      

игирэ

Оннооҕор өрөбүллэргэ кытта төлөпүөн “умайар” буолбут. Үлэни дьиэҕэ “соһоргун” дьиэлээхтэриҥ сөбүлээбэттэрин биллэриэхтэрэ. Итинтэн сылтаан ар-бур дэсиһии баар. Эн тускунан кэлэктиип иһигэр сурах тарҕаммыт. Онно кыһаллыма, тарҕатааччы киһи эйигин ордук саныырын өйдөө. Дьонтон олус ураты курдук көстө сатыырыҥ, атыттар харахтарын олус аалар эбит. Кэргэннээхтэр сыһыаннара тупсубут, өрөбүллэри бииргэ атаарыҥ.

Араак

араак

Эйигин интэриэһинэй айан эбэтэр туһалаах дьарык күүтэр. Бэйэҕэ саҥаны арыйартан толлума, билбэккин ыйыталаһан ис. Соторутааҕыта билсибит дьоҥҥун наһаа итэҕэйбэтиҥ ордук. Нэдиэлэ иһигэр үлэ эрэсиимэ уларыйар чинчилээх, ол -- үлэ үксээбитин көрдөрөр. Өрөбүллэри дьиэ кэргэҥҥин кытта атаар, оҕолоргор бириэмэтэ анаа. Успуордунан үлүһүйүмэ, кыра эчэйии тахсыан сөп.

Хахай

хахай

Көҥүллүк сырыт. Үлэҕэ кыһалҕа өрүү баар, дьиэлээхтэриҥ тус соруктарын бэйэлэрэ ситиһиэхтэрэ. Арыт-ардыгар бэйэҥ тускунан умнан кэбиһэр курдуккун, атыттар кыһалҕаларыгар наһаа долгуйаҕын. Арай, нэдиэлэ бүтүүтэ үлэҕиттэн эрдэ күрүү сатаама. Уруккуттан астына көрөр киһигин кытта соһуччу көрсүһүү буолуон сөп. Доруобуйаҕар болҕомтото уур. Сис, төбө ыарыылара көбүөх курдуктар.

Кыыс

кыыс

Баҕа санааҥ туоларыгар кыра хаалбыт, ыһыктынан эрэ кэбиһимэ. Аныгы үйэ киһитэ буолаҥҥын, олус сайдыылааххын. Исписэлиис быһыытынан маладьыаскын. Бу күннэргэ быыс-арыт көһүннэҕинэ, кинигэтэ аах, сөбүлүүр киинэҕин көр. Кирэдьииккин төлөһөргөр харчы баар, эбии дохуот киллэринэр туһунан толкуйдан. Тапталлааххын кытта мээнэ иирсимэ, нэдиэлэ иккис аҥаарыгар сибидээнньэ күүтэр.

Ыйааһын

ыйааьын

Туох баар күүһү-уоҕу дьиэ кэргэҥҥэр аныырыҥ суолталаах. Дьиэҕэ кыра өрөмүөнү да тэрийиэххитин сөп. Хата, бары бииргэ бириэмэни атааран, бэйэ икки ардыгар сыһыаны тупсарыаххыт. Өрөбүллэргэ настарыанньаҥ тупсуоҕа. Аны туран, баҕалаах малгын атыылаһар кэм кэлбит. Уруккуттан биир малы атыылаһар туһунан саныыр эбиккин эрээри, харчыгын кэрэйэҕин. Оччолоох харчы барар, наадалааххын атыылас.

Скорпион

скорпион

Ситиһиилээх нэдиэлэ күүтэр. Кэлэктиипкэ олус наадалааххын уонна суолталааххын өйдүөҕүҥ. Кыра кыһалҕалар бааллар эрээри, эрэллээхтик барытын ааһаҕын. Биир идэлээхтэргин тус сатабылгынан элбэхтик абырыаҕыҥ. Ол эрээри атын дьон дьыалатыгар наһаа орооһума. Барытын чуолкайдык бэрэбиэркэлээ, уган биэриэхтэрин сөп. Таптал чааһыгар булкуллуу-тэккиллии элбэх. Доҕотторгун кытта бириэмэни атаар, аһаҕастык кэпсэт.

Охчут

охчут

Харчыга баартааххын, онон кытаат. Эмискэ сүүйүүлээх латарыайаҕа дуу, күрэххэ дуу кыттан, кыайыылаах тахсар чинчилээххин. Дьиэ кэргэни истиҥ сыһыан, үлэҕэ ситиһии, сулумахтары интэриэһинэй кэпсэтии күүтэр. Үлэҕэр сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ болҕомтолоох буол. Дьыала-куолу докумуоннарыгар мээнэ илии баттаама. Өрөбүллэргэ маҕаһыын кэрийэргэ, киинэҕэ сылдьарга табыгастаах күн. Атыы-кутуу ситиһиилээх буолуоҕа. Бу күннэргэ сүрүн кыһалҕа доруобуйаттан үөскүөн сөп. Чараастык таҥныма.

Чубуку

чубуку

Аймахтары кытта көрсүһүү, бырааһынньык күүтэр. Ас-астыыр түбүгэр түспүккүн. Оннооҕор үлэ күнүгэр кытары көр-нар баар. Үлэҕэ улахан уларыйыы суох, барыта аргыый наллаан устан иһэр. Сороҕор наһаа бытаан курдуккун. Бэйэҕэ эрэлиҥ намтыыр буолан эбитэ дуу, искэр бэйэҕин тургутан көрөҕүн. Тус олоххор барыта этэҥҥэ. Бэйэҕин көрүн, тус имиджкин тупсарарга кыһан.

Күрүлгэн

курулгэн

Саас кэлэн, сүрэҕэлдьиир буолбуккун. Нэдиэлэ бастакы аҥаара ордук сылаалаахтык ааһыаҕа. Атын дьон сыыһа-халты тутталларын өйдүүгүн, киэҥ көҕүстээххин, холку майгылааххын. Ол иһин сороҕор эн сатабылгын атыттар туһанар курдуктар. Тугу саныыргын этэ үөрэнэриҥ буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ. Бу күннэргэ иэскин-күүскүн төнүннэр, кимиэхэ да иэс биэримэ. Дьиэҕин-уоккун хомун, наадата суох таҥаһы-сабы оннун буллар.

Балыктар

балыктар

Кэмпириэнсийэттэн, лиэксийэттэн аккаастаныма. Омук тылын ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэр кэм кэлбит. Күннээҕи олохтон элбэҕи билэр-көрөр буолбуккун, алтыһар дьонуҥ элбээбит. Урбаанньыттар, бу нэдиэлэҕэ ордук табыллыаххыт. Хармаан хаҥыыһы. Тус олох чааһыгар сыһыан соччо үчүгэйэ суох. Сыһыаны тупсарарга бастакы хардыыны син биир эн оҥороҕун, онон тугу эрэ толкуйдуохха наада. Арааһа, тапталлааҕыҥ эйигин олус күнүүлүүр буолбут.