Киир

Киир

Хой

хой

Бэйэҥ тускунан араас сураҕы-садьыгы истэн кэбиһиэххин сөп. Биллэн турар, ол туох да оруна суох. Санааҕын түһэримэ. Үп-харчы кырыымчыгыттан сылтаан былааныҥ барыта уларыйыыһы. Бэнидиэнньиккэ нэдиэлэтээҕигин былааннан, сыарҕа үрдүттэн олорума. Чэппиэргэ айдаан-куйдаан күөдьүйүөн сөп диэбиккиттэн дьалты сырыт. Бээтинсэҕэ тулуурдаах буол.

Оҕус

о5ус

Дьыала-куолу чааһыгар олус суолталаах хардыы баар буолуо. Оптуорунньукка былааҥҥын өссө төгүл уларыта тутан биэр. Нэдиэлэ ортотугар үбү-харчыны тардыан сөптөөх табыллыы баар. Салалтаҥ үлэҕэр эйигин олус үрдүктүк сыаналыырын биллэриэ. Хамнаскын үрдэтиэ эрээри, үлэҥ өссө элбиэ.

Игирэлэр

игирэ

Сүргэҥ көтөҕүллүө. Сайдар суол-иис тыргыллан көстүө. Оптуорунньукка сүүр-көт, киир-таҕыс – элбэҕи булуоҥ-талыаҥ. Чэппиэргэ үп-харчы чааһыгар туһалаах ситими олохтууһугун. Субуотаҕа өр күүппүт айаныҥ баар. Баҕар, омук дойдутугар да тахсыы буолан хаалыан сөп.

Араак

араак

Мүччү-хаччы түһэн сырыттаххына эрэ сылдьыыһыгын. Ыҥырбатах буоллахтарына ханна да орооһума. Сэрэдэҕэ өй күрэһэ күүтэр. Барыта сатаннаҕына эн олоххор улахан суолталаах, дьайыылаах буолуон сөптөөх дьону кытта билсиэҥ. Субуотаҕа үлэҕэр кэлииһиккин. Докумуон, дьыала-куолу, бэчээт...

Хахай

хахай

Олоҕуҥ үөрүүтэ үксүүр. Төһө кыалларынан дуоһуйан хаал. Төһөнөн үрдүк култууралааххын, соччонон ситиһии кэлэн биэриэ. Сэрэдэҕэ үлэҕэр көмүскэнэриҥ наада. Бу нэдиэлэҕэ доруобуйа тиэмэтэ инники күөҥҥэ тахсыа. Табах, арыгы дьаллыгыттан аккаастаннаһыннарыахтара.

Кыыс

кыыс

Уһаан-тэнийэн хаалбыт дьыаланы-куолуну өссө төгүл сирийэн көр. Мээнэҕэ тардыллыбатах буолуохтаах. Кэпсэтэр соло суох. Болҕомтолоох буол. Бээтинсэҕэ угаайыга киирбэт туһуттан атын киһи буолун дьүһүн кубулунан ойоҕостон кэтээн көр. Сүпсүлгэҥҥэ санааҕын сааһылана үөрэн.

Ыйааһын

ыйааьын

Биир кэм күннэр. Онон оргууй аҕай сылдьаҥҥын кэлэр кэскилгин оҥоһун. Аймахтарыҥ эн көмөҕөр наадыйаллар. Өрөбүллэргэ эн тус олоххун тосту уларытыан сөптөөх көрсүһүү баар буолуо. Дьиэҕэр дьону мээнэ ыҥырыма.

Скорпион

скорпион

Бу нэдиэлэҕэ эйигин үөрдэр түгэн элбэх буолуо. Сэрэдэҕэ көтүөххүн кынатыҥ эрэ суох. Кимтэн да көмө көрдөөмө – син биир батан кэбиһиэхтэрэ. Тумуу баар. Эппин-сииммин эрчийэбин диэн тымныы уунан эҥин куттума. Билсэ сатыыр киһиҥ эйигиттэн куота сылдьыа.

Охчут

охчут

Билим уонна үөрэх эйгэтигэр сылдьар дьоҥҥо олус табыгастаах нэдиэлэ. Саҥа сонун туохтан эрэ аккаастанаргар тиэрдиэ. Чэппиэргэ уот айах, ньиэрбэлэрэ мөлтөх дьонтон ыраах сырыт. Тас дьүһүҥҥүн көрүн. Атыы-тутуу хара баһаан. Тус олоҕуҥ араас уотунан оонньуур.

Чубуку

чубуку


Үлэҥ бириэмэҕин барытын сиэҕэ. Оптуорунньукка соһуччу хардыыҥ ситиһиини аҕалыан сөп. Сэрэдэҕэ икки күлүктээх буолуо. Баскыһыанньаҕа дьиэҕэр олорума, элбэхтик кэпсэт, айаннаа, саҥа билиини ыл. Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эйигиттэн эрэ тутулуктаах буолуо.

Күрүлгэн

курулгэн

Бэнидиэнньиккэ күрэстэһээччилэргин кытта иирсии баар. Командировка да, тус сыалгар айаныҥ да табыллыа. Сэрэдэҕэ икки уот икки ардыгар түбэһиэҥ. Тус олоххун оҥостор туһунан толкуйдан. Бээтинсэҕэ истибиккэр бүк эрэнимэ. Оҕо-уруу кыһалҕата эмиэ баарын курдук баар.

Балыктар

балыктар

Чугас дьоҥҥор бэлэх-туһах бөҕө биэрэн үөрдүүһүккүн. Харчы туһунан санаама. Дьыала-куолу биир кэм баран иһиэ суоҕа. Ороскуоттаах соһуччу үлэ былааҥҥын ыһыа. Аатыҥ-суолуҥ бөҕөргүүр. Субуотаҕа – уопсастыбаннай тэрилтэлэр, киэһэтин – cпорт күрэхтэһиитэ. Эмкэ-томко элбэх харчы барыыһы.

Санааҕын суруй