Хой
Карьераҕын оҥосторгор тоҕоостоох нэдиэлэ. Ураты толкуйгунан арааһы барытын мындырдаан тутум үрдээн көстүөххүн сөп. Ыраах айан, уустук соҕус командировка күүтэр. Былаас уорганнарыттан тэйиччи сылдьа сатаа. Ыстарааптыан сөптөөх тэрилтэлэртэн эмиэ.
Оҕус
Санааҥ күүһүн бөҕөргөтөр араас ньыманы баһылыырга дьулуһуоҥ. Билэр-көрөр баҕаҥ улаатан, кэҥээн иһэр. Итэҕэл, сиэр-майгы, духуобунас өттүгэр охтууһуккун. Соһуччу араас быһыы-майгы тахсыбытын да иһин, бэйэҥ киэпкиттэн тахсыма. Барыта этэҥҥэ ааһыа.
Игирэлэр
Үөрэххэ дьулуһууҥ улааппыт. Үп-харчы туруга орун-оннун булан эрэр. Иэстэн, кирэдьииттэн босхолонор тоҕоос көстүө. Дьиэ кэргэҥҥэр кыра ар-бур кэпсэтии буолуо эрээри, ол дириҥиэ суоҕа. Доруобуйаҕын көрүн. Элбэхтик хамсан, тирит, сүүр-көт.
Араак
Тосту уларыйарга дьэ бэлэмҥин. Олоҕуҥ эйгэтэ, үлэҥ да уларыйыан сөп. Санааҥ сытар, сүрэҕин сөбүлүүр үлэтин булуоҥ. Тоҥума, ыараханы көтөҕөлөөмө. Кыраадыстаан сытынан хаалар куттал баар. Таптал дьыалатыгар өс-саас тутума, бэйэҕин чорбото сатаама.
Хахай
Араас куонкурска, күрэстэһиигэ кыттаҥҥын бааргын биллэриэҥ, аатыҥ күүскэ ааттаныа. Дьыала-куолу бэйэтин хаамыытынан баран иһиэ. Төһө баҕарар улахан бырайыагы иилиир-саҕалыыр кыахтааххын. Таптыыр киһигин күнүүлээн ким тойонун-хотунун быһаарса сатыаҥ. £рөбүллэргэ дьиэҕэр бүгэриҥ ордук.
Кыыс
Кыралаан салгыҥҥа эрчиллэр, сүүрэ, хаама сырыт. Биир күн эмискэ табаххын, арыгыгын бырах. Ол – кыаллар суол. Дьиэҕин-уоккун бөхсүн. Ыарыы, тумуу буулуо суоҕа. Чэпчээбит курдук буолуо. Саҥа киһини кытта билсиһэртэн туттунаар. Дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьи буоларын курдук буолуо.
Ыйааһын
Тус олоххор барыта олус үчүгэй. Таптыыр киһигин кытта көрдөөх-нардаах айаҥҥа баран кэлиэххин сөп. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ. Ыаллыыларгын кытта алтыһаргар уустуктар бааллар. Саҥа киһини кытта билсиһэргэ кырыктаах быһыы-майгы биллиэ. Улаханы атыылаһартан туттун.
Скорпион
Дьиэҕин-уоккун өрөмүөннүү түһэргэ санаммыккын. Саҥа тиэхиньикэтэ атыылас. Эйиэхэ мэһэй эрэ буолар, аралдьытар дьоннор эн эйгэҕиттэн туораан биэриэхтэрэ. Бэйэҥ да туоратарыҥ буолуо ээ. Көргө-нарга харчыгын ороскуоттаама.
Охчут
Үөрэр-көтөр түгэн элбэх буолуо. Айан, билсии-көссүү. Үөрэх табыллар. Дьиэ кэргэҥҥэр соччото суох кэрдиис кэм кэлбит. Харчыҥ элбэх. Үлэҕэр олус үрдүктүк, барыны бары билэр-көрөр курдук сананаары гыммыккын. Оннугун булларыахтарын сөп.
Чубуку
Үпкүн-харчыгын сааһылыыр нэдиэлэ. Үлэһит быһыытынан эйигин хайгыыртан соло булуо суохтара. Улуу сүбэһит, мындыр учуутал эн эбиккин. Эн тула дьон тоҕуоруһуо. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр билбэт киһигэр тус олоҕуҥ туһунан кэпсээмэ – бэйэҕин утары туттуохтара.
Күрүлгэн
Бэртээхэй тэрийээччи буолбуккун. Дьыала-куолу сибээһэ бөҕөргүүр. Наадыйар сонуҥҥун бэрт түргэнник булуоҥ. Бу күннэргэ харчыны иэс ылыма. Доҕор-атас сыһыана кытаатан ылыа. Өйгүн-санааҕын сааһылана, холкугар түргэнник түһэргэ анал дьарыктары оҥор.
Балыктар
Бу нэдиэлэҕэ сымыыттааҕар бүтэйдик, балыктааҕар кэлэҕэйдик сылдьыахтааххын. Этэргэ дылы, улуу дьыала барыта уу чуумпутук оҥоһуллар. Холобур, үп-харчы боппуруостара. Салалтаны кытта кирдиэлэһимэ. Ыраах айаҥҥа барыма. Урукку доҕор-атас көмөтө хаһааҥҥытааҕар да туһалаах буолуо.