Алексей Шамаев. Горнай улууһа, Маҕаны нэһ.
-
-
1963 с. төрөөбүт. Бүлүү орто оскуолатын 1980 сыллаахха бүтэрбит.
1986 с. СГУга бэтэринээр быраас идэтин ылан, дойдутугар Горнай Орто Сурдугар биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээтэ.
Салгыы бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, ынах, сылгы тутан үлэлии сылдьар. Уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа.
4 оҕолоох, 8 сиэннээх
Сэҥээриилэр
Алаас салгына,айылҕа,саха киһитин үөрүүтэ ,барыта иһиллэр,
Ама маннык мааны куолаһы ким истибэт буолуой, өссө улууОлоҥхо иһиллиэх курдук.
Көмүлүөк оһох иннигэр олорон ыллаан эрэ бардар ,хонноҕо аһыллан дьэ өссөыллыах-туойуох киһи эбит Өлөксөй,
Мин бэйэм,кэргэним ис сүрэхтэн баҕарабыт өссө ыллыы-туойа сырыттын диэн.
Алаас отун сыта эмтээх сибэккилэрэ өссө сиэдэрэй дьүһүннээх, бу хатыҥнара намылыһан тураллара кэрэтин,
биһиги сахалар бары да алаастан төрүттээх дьон буоллахпыт,онон ырыатын сүмэтэ ,кылыһаҕа онно сытар кистэлэҥэ,ол аата кини ис сүрэхтэн таһаарар тылларын,тойугун,
Махтал
Итинник ыллыыр киһи аҕыйах
Итинник ыллаан-туойан дьоҥҥор-сэргэҕэр норуот ырыатын иһитиннэрэ,тарҕата сылдьаргар баҕарабын.Этэҥҥэ чэгиэн сырыт,бары үчүгэйи !Ситиһиини!
Айылҕатан бэриллибит куолас
Хос хос ырыатын иһиттим
Оһуобай толоруута таҥас сап кырасыабайын дьиҥннээх сахалыы дэгэрэҥ ырыа
Маннык куоластаах киһи сэдэх кыайыылаах буолуо диэн эрэнэбит!
Булууттэн конкуреммар Сурэх биэрэбин . Саамай достойнай эбиккит!
Дьиҥнээх сахалыы тыын, маннык талаан дьонору өйүөххэ наада куолаһа оһуобай киһи астына дуоһуйа истэр
Кыайыыны баҕарабын
Бу 24 кыттаачыттан дьоһуннаах толорооччу
Жюри да
Көрөн олорор болохтаах.
Оһуобай куолас!
Барыта үчүгэй!!!