2026 сыл устатын тухары өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 5 244 араас таһымнаах уонна ис хоһоонноох субуотунньук ыытыллыбыт. Онно барыта холбоон 106 452 киһи кыттыбыт. Бөһүөлэктэртэн уонна бөһүөлэктэр тастарыттан 110 723 кууп кытаанах бөх хомуллубут. Ол туһунан экология министиэристибэтэ сырдатар.

Нэһилиэнньэлээх пууннары ыраастыыр хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ быйыл Саха сирин үрдүнэн киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыбытын бэлиэтиир. Ураты болҕомто ыччакка ууруллубут. Субуотунньукка кыттыбыт дьон хайа охсубут аҥаара – 52 975 киһи – 18-тан 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон.

Субуотунньуктары таһынан, көҕөрдүү үлэтэ эмиэ ыытыллыбыт. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бар дьон уопсайа 4 471 маһы, 2 872 талаҕы олордубуттар. Көҥүлэ суох сыбаалка ахсаана икки төгүл аҕыйаабыт. 1 250 бөх тоҕуллар сирэ (контейнер былаһаакката) ирдэбилгэ эппиэттиир буолбут.

Сыл устата саамай элбэх субуотунньугу Горнайга, Тааттаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Өймөкөөҥҥө уонна Абыйга тэрийбиттэр.

Кыым.ру.
Хаартыска: “Олох суола” хаһыат.  

Бүтэһик сонуннар