Киир

Киир

Паарка итиэннэ бүддьүөттэн харчы ылан бүттэ. Маннык быһаарыныыны дойду бырабыыталыстыбата ылынна.

2018 сылга федеральнай ыстаатыһы ылбыт “Кодар”, “Өлүөнэ турууктара” уонна “Хибины” национальнай пааркалар, итиэннэ “Новосибирскай арыылара” заказник 2019 сылтан ыла бүддьүөттэн харчылаһан бүтэллэр уонна бэрээдэги кэспит дьон ыстарааптарыттан эрэ үбүлэнэр буолуохтара. Бу туһунан вице-премьер Александр Хлопониҥҥа буолбут мунньах боротокуолугар этиллэр. Докумуоҥҥа «начиная с 2019 года финансовое обеспечение функционирования указанных особо охраняемых природных территорий (ООПТ) федерального значения осуществлять за счёт дополнительных доходов федерального бюджета, полученных за счёт зачисленных в федеральный бюджет неналоговых доходов от уплаты штрафов за нарушение законодательства об ООПТ и средств, полученных в порядке возмещения время, причинённого окружающей среде» диэн суруллар

Ураты харыстанар сирдэри сайыннарыыга национальнай пааркалары уонна заказниктары тэрийиигэ дойду Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин быйылгы федеральнай бүддьүөккэ көрүллүбүт үбүттэн тыырыллыаҕа.

kyym.ru

Санааҕын суруй