Киир

Киир

Мин олус дьикти түүллэри көрөр буолбуппун. Ол түүллэрбин блокнокка сурунан иһэр идэлэммитим. Олортон биирдэстэрин кэпсиим.

Быйыл, кулун тутар 11 күнүгэр, эмиэ дьикти түүлү түһээн баран олус дьиксинним.

Арай ханнык эрэ улахан баҕайы билбэт куораппар баарбын: үрдүк баҕайы небоскреб дьиэлэр дьэндэһэллэр. Араадьыйанан, тэлэбиисэринэн биир кэм: «Улахан куттал суоһаата!» — диэн биллэрэллэр. Мин онтон сылтаан улаханнык куттанабын, уолуйабын. Күүстээх тыал түһүөхтээх, сир хамсыахтаах уонна бу дьиэлэри барытын суулларыахтаах дии саныыбын. Саһар сир көрдүүбүн. Арай ийэбин көрө түһэбин уонна кинилиин икки этээстээх мас дьиэ омуһаҕар саһар туһунан сүбэлэһэбит. Киирэбит. Аны онно киирэн баран, дьиэ сууллан биһигини көмөн кэбиһиэхтээх диэн санаа киирэр да, омуһахтан тахсабыт. Ол кэннэ, тахсан баран, дьиэ түннүгүнэн таһырдьаны көрбүтүм, халлаан кытархайдыҥы өҥнөммүт, онтон туох эрэ талах курдук эрээри, сэбирдэҕэ суох мастар тыалга иэҕэҥнэһэ тураллар. Мин мантан өссө күүскэ куттанабын.

Онтон салгыы туох буолбутун үчүгэйдик өйдөөбөппүн эрээри, уһуктарым саҕана уһун хара баттахтаах кыыһы көрбүтүм. Дьэ, ол кэннэ дэлби тиритэн-хорутан уһугуннум.

Кэлин түүллэрбин ааҕа олорон өйдөөбүтүм, оруобуна бу күн Японияҕа Фукусима алдьархайа буолбут этэ.

Ыам ыйын ортото эмиэ биир бэрт дьиктини түһээн турабын.

Түһээтэхпинэ, бииргэ төрөөбүт убайым тыаҕа бултуу тахсан баран сүтэн хаалар. Биһиги, аймахтар, тэринэн тыаҕа тахсан көрдөөн көрөбүт даҕаны киһибит ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбит. Мин убайым сүтэрдии сүппүт, аны хаһан да булбаппыт дии саныыбын. Бу кэмҥэ убайым оруобуна балыыһаҕа сытар этэ. Оттон бу түүл кэннэ, биир ый буолан баран, куһаҕан буолаахтаабыта. Арааһа, ону сэрэйбиппин быһыылаах дии саныыбын.

Кэлин мээнэҕэ түһээбэт эбиппин диэн, түүллэрбин суруммат буоллум. Билигин барыта үчүгэй түүллэри түһүүбүн, онон этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбин.

 

Ираида Коркина, Чурапчы.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар