Киир

Киир

 

 

Баачаан эмээхсини биһиги бары Өксүө эмээхсин диэн ааттыырбыт. Кү­лүгүн быһа хаампат буола сатыырбыт, күүстээх удаҕан диэн билэрбит. Онуоха эбии көрүҥэ-иттэтэ чаҕытара. Орто уҥуохтааҕа, бэйэтигэр сөп эт­тээҕэ-сииннээҕэ, ыыс-араҕас буола аастыйбыт баттахтааҕа, кыһыл си­рэйдээҕэ, хантаччы тутта сылдьара. Бэрбээкэйигэр тиийэр уһун ырбаахыны кэтэрэ. Кини Дмитрий Васильев-Бөтөрөҥ диэн оҕонньорун кытта Кураан таһыгар Туойдаахха олорбуттара. Бэйэлэрэ оҕолоро суох буолан, Харах Уус төрөппүт уолун (Сэмэн Уйбаанабыс Сүүлүскэйи) кыра оҕо эрдэҕинэ ылан ииттибиттэр уонна олус маанылаан, атаахтатан улаатыннарбыттар.

Сэрии сылларыгар Хордоҕойго (би­лиҥҥи Ньурбачаан бөһүөлэгин турар сирин урукку аата) холкуос тарбыйаҕа турбат буолбут, өлөн испит. Айаҕалыы сатаан, эмээхсини ыҥырбыттар. Арай, көрдөхтөрүнэ, эмээхсиннэрэ хотон иһи­­нэн-таһынан сылдьымахтаан баран, сүөһү хаппыт тириитин кытта туста сылдьар эбит. Ити – күрүлүүр кү­нүс. Онтон тохтоон баран үс кыһыл бат­таҕы тута сылдьарын ууннары тардан көрдөртөөбүт уонна эппит:

«Эһиил от аайы тарбыйах баар буолуо. Күүһүм мөлтөөбүт эбит. Кыах­тааҕым буоллар, илдьи таһыйардаа­ҕым хаалла (бука, тарбыйах абааһытын буолуо).

Онтун манньатын холкуос эмээх­сиҥҥэ 4 киилэ арыыны соболоҥ биэрбит. Нөҥүө сайыныгар, кырдьык, тарбыйахтара өлбөтөҕө үһү.

Биирдэ эмээхсин ииппит уолун дьонугар тахса сылдьыбыт. Ол ыаллара эмньик оҕус идэһэлэнэн эттии-астыы сылдьаллар эбит. Ыал ийэтэ саҥа сүлүллүбүт оҕус тириитин субалыы олороро үһү. Дьиэлээх хотун ол олорон көрдөҕүнэ, биир кутуйах тирии кытыы чэчээтин кирсэ сылдьара үһү. Ону өйдөөбөккө, тириитин түү өттүн ис гына хаартылыы тутан суулаат, та­һааран ампаарга бырахпыт. «Аны саас биирдэ дьаһайыллыа» диэн буолбут.

Бу ыаллар өтөр буола-буола Баачаан эмээхсиннээххэ тахса сылдьаллар. Эмээхсиннэрэ туой ыалдьа сытар буолара үһү. Киирдэхтэрин аайы: «Били тириигитин таҥастаан эрэҕит дуо?» – диэн ыйытар. Ону: «Суох, күн арыый уһаан эрэр дии, сотору тутан көрөр инибит», – диэн хоруйдууллар.

Өтөр соҕуһунан, халлаан арыый сылыйбытыгар, тириилэрин дьиэҕэ кил­лэрэн ириэрэн баран хастыы тардыбыттара, тирии иһиттэн куп-кугас кутуйах ньылбы ойон тахсан сылыпыс гынан хаалбыт. Ол кэнниттэн, утаакы буолбакка, эмээхсиннэрэ үтүөрэн ыалдьыттыы киирбит. Дьиэлээхтэр: «Хайа, үтүөрбүккүн дуу?» – дэһэ тоһуйаллар. Эмээхсиннэрэ: «Дьэ, саҥа турдум. Дьээбэлэнэн кутуйах буола оонньооммун тоҥ тирии иһигэр кыстаатым дии. Хата, өлбөтөхпөр махтал. Ити барыта иҥсэбиттэн...» – диэхтээбит. Ыаллара туран: «Биһиги ону тугун билиэхпитий. Онтон тоҕо эт көрдөөбөккө кубулуна сылдьыбыккыный?» – диэн баран, эмээхсиҥҥэ эт кэһиилээн ыыппыттар.

Баачаан эмээхсин ыраах да, чугас да ыалга барарыгар наар кыһыл ырбаахыны кэтэрэ. Биирдэ «Саалтааныга дьахтар ыарыйда» диэн илдьит киһи кэлбит. Сорукка кэлбит киһи атынан барбытын кэннэ, эмээхсин онно оҕуһунан тиийбит. Дьиэлээхтэр: «Оо, Өксүөй кэллэ!» – диэн үөрэ көр­сүбүттэр.

Эмээхсин ыалдьыбыт дьахтары көрөн баран, күөмэйинэн ыалдьа сытарын билбит. Ол кэннэ, дьахтар айа­ҕынан ыарыытын оборо туран, соҕотохто кэҕэрдэ түспүт. Итиэннэ: «Оо, дьэ, үрдүкү ойуун киирэн дьахтар буолан кубулунан сытарын билбэккэ бохсуруйааччы буоламмын өллөхпүн көр!» – диэн тыл ыһыктыбыт.

Онтон дойдутугар кэлэн баран икки эрэ хонон хаалаахтаабыт. Эмээхсини олорбут сиригэр, Туойдаахха көмпүттэр. Уҥуох туттарбатаҕа дииллэр.

Василий Егоров

кэпсээнин Ньукулай Буруулгун суруйуута,

«Ньурбачаан» кинигэттэн.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар