Киир

Киир

Балыыһаҕа бииргэ сыппыт киһибиттэн истибиппин кэпсиибин. Ньурба Маалыкайын оҕонньоро. Аатын умнаахтаабыппын.

Эдэр  сылдьан Уус Майдаҕа суол оҥорооччуларга ас астааччы эбит. Биир да дьахтар оччолорго оннук үлэҕэ-хамнаска сылдьыспата үһү.

Лаабан ампаара Алдан үрдүгэр турар. Туох да үчүгэй көстүүлээх ампаар дьиэ. Өрүс уҥуор — хайа. Саас көмүөл уута дьиэтин айаҕар чугаһыыр сирэ буолан, эбэ аҕалбыт ото-маһа дьиэттэн чугас анньыллан өрөһөлөнө сытара киһи кутун-сүрүн баттыыр эбит.

Айан киһитэ сылайан иһэр буолан, онно хоммут. Ампаар икки ааннаах. Биирэ хатанар, иккиһэ хатаммакка, үөттүрэҕинэн эрэ туора анньыллан турарын субуйа тардан киирбит. Былыргылыы. Дьиибэргиир. Кыра чугуун иһин баарын булан, оһоҕун оттон, онно уу оргуттан иһэр.

Дьиэ иһэ сып-сылаас буола түһэр. Күөһүн асчыт киһи өр гыммат. Утуйардыы оҥостон сытар. Урукку тапчаан тэллэх баарын булан үөрэр аҕай. Сылаата киирэн, айан киһитэ утуйан хаалар. Үлүгүнэйэн уһуктар. Утуйбакка мөхсө сыттаҕына, истиэнэ нөҥүө дьиэ аҥаарыгар дьон кэпсэтэн хобугураһалларын истэр. Бэрэбинэ истиэнэҕэ кулгааҕынан сыстан, иһиллээн сытар. Дьахтардаах эр киһи кэпсэтэллэрэ субу иһиллэр  да, саҥаларын биһиги киһибит соччо өйдөөн истибэт. Тугу дииллэрин истэ сатаан мөхсөр. Син өр сордонор.

Дьиэлээхтэр кэллэхтэрэ диэн улаханнык кутамматах. Ол быыһыгар иһит-хомуос тыаһаан ылар эбит. Утуйуох курдук буолан эрдэҕинэ, дьахтара ытаан барбыт. Эмиэ истиэнэҕэ сыста түһэр. Эрэ хайдах эрэ ааттаһан эрэрдии саҥарара иһиллэн ааспыт. Соһуччу дьахтар хатан баҕайытык күлэн алларастаабытыгар этэ аһыллыбыт, куйахата күүрбүт. Ханна баран хонуо баарай, ол курдук куттанан уҥуох уҥуохтара халыр босхо баран сытаахтаабыт...

Аны кини диэки истиэнэҕэ орон тыаһыыр, биһиги киһибит тыынара, сүрэҕин тэбэрэ дүҥүр тыаһа буолан, дуорааннанан иһиллэр буолар! Ойон туран аһаан кирдиргэтэр тыастара эмиэ иһиллэр! Онтон эмиэ сытар курдук уоскуйаллар. Ити курдук дьахтар хаста да ытыыр, уоскуйар, күлэр-салар... Бүтэһик өр баҕайы ытааһыныгар биһиги киһибит отой уҥан ыла-ыла уһуктуталаабыт... Халлаан саҥа суһуктуйан эрдэҕинэ, дьахтар чуолкайдык: “Чэ, барыахха, чаас ыраатта...” — диэбитин өйдөөн истибит.

Барар, хомунар тыас-уус иһиллибэтэх. Көрбүтэ, күн кытаран эрэр эбит. Сарсыарда түөрт чаас. Бүтэһик күүһүнэн, баҕар, айыы дьоно буолаайаллар диэн, тахсан ааҥҥа тиийэр. Арыйыах курдук гынан иһэн, былыр үйэҕэ дьэбин быһа сиэн ыраатыннарбыт ыт баһын саҕа тимир күлүүс хатанан турарын көрөр!

Туох өйүөлээҕиттэн уокка бэрсэн баран салгыы айанныыр. Киэһэлик ыалы булар. Оҕонньордоох эмээхсин иккиэйэх олороллор эбит. Уус Майдаҕа суол тутааччыларга асчытынан баран иһэрин кэпсиир. Суол үлэһиттэрэ балай эмэ ыраахтарын, хас да  хонон тиийэрин билэн, сынньана түһэргэ быһаарынар. 

Хоно сытан били дьиэҕэ хайдах хоммутун кэпсиир. Эмээхсин “оо, ол Лаабан ампаара...” диэн өрө тыыммыт. Тугу истэ хоммутун билэн баран, оҕонньордоох эмээхсин айахтара дьэ аһыллыбыт.

— Оо, Лаабан дьиэтин билэн бөҕө буоллаҕа дии. Лаабан эрэйдээх кэргэннээх этэ диэн буолар. Ол дьиэҕэ бэркэ олорон испиттэр.  Дьэбириэй дуу туох дуу киһитэ үһү. Аттыгар эмиэ табаарыстара киһи олорбут.

Лаабан кэлэр-барар үлэлээх эбит. Суох кэмигэр ол табаарыс киһитэ ойоҕун күрэтэн илдьэ барбыт. Мас эҥин кэрдэ барбытын кэннэ буолуо дииллэрэ. Кэлбитэ — эмээхсинэ суох. Били, табаарыһа буолуохсут эмиэ суох. Дьэ, онтон кэмниэ кэнэҕэс, туох буолбутун син сэрэйээхтээтэҕэ дии!

Хайыа баарай, эккирэтэн да ситиэ суох. Тэһийбэккэ, Уус Майдаҕа киирэн, биир дьахтары батыһыннаран тахсар. Нууччата да, сахата да биллибэт үһү. Ол дьахтара эмиэ күрээри гыммыт дуу, сах дуу. Ону эрдэ билбит. Алланы туораан эрдэхтэринэ харабыыннаан кэбиспит! Иккиэннэрин! Эбэҕэ ыыталаабыт... Ол диэки сүрдээх хабыр дьон кэлэн-баран сылдьыбыттара дииллэрэ. Дьэ, быыппастыгас буолаллар эбит. Лаабыны төннүбэт сиригэр түргэнник атаарбыттара.

Ол быһылаан кэннэ Лаабын дьиэтигэр хоммут аһаҕас эттээх дьоҥҥо харахтарыгар көстөр буолбут. Арыый бүтэй дьоҥҥо ол саҥа-иҥэ буолан иһиллэр үгэстэммит. Били, төһө да күрээбиттэрин иһин, син айыы дьоно буоллахтара дии. Ол дьон дьылҕаларын быһа баттааһын, улахан эбэҕэ бааһырдан баран тимирдии сыанан арыынан аҕаабат!

Оччолооҕу көрбүт-истибит дьон күрээн кэлэн, бу дьоҥҥо тохтоон ааһар буолан, оҕонньордоох эмээхсин холкулара сүр эбит.

Санааҕын суруй