Соҕуруу Корея дуоктара Хван Ву Сук – Байанай уонна Сүүтүк диэн төрүт саха ыттарын клоннаабыта. 2017 сыл сайыныгар ити ыттар үкчү куоппуйалара Бэлэх уонна Кэрэчээнэ Саха сиригэр аҕалыллыбыттара. Ол хайдах саҕаламмытай?

Булчут ыттары иитээччилэр кулууптарын бэрэссэдээтэлэ, лаайкалар питомниктарын дириэктэрэ, “Байанай” сурунаал эрэдээктэрэ, “Кубалаах күөл” эко-бырайыак ааптара, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Петрович Борисов итиннэ быһаччы сыһыаннаах эбит. Киниттэн ити туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт. Онон, Юрий Петрович кэпсээнин истиэҕиҥ.

Елена Григорьева диэн Чурапчыттан төрүттээх мэдиссиинэ билимин хандьыдаата баара. Университекка “Молекулярная палеонтология” диэн аан дойдутааҕы киини салайбыта. Ити киин Сэлии (мааман) түмэлин лабораториятын базатыгар үлэлээбитэ.

Кини биир үтүө күн миэхэ төлөпүөннээбитэ. Ити 2017 сыллаахха этэ дуу, 2018 сыллаахха этэ дуу? Арааһа, 2017 сыллаахха быһыылааҕа. Мин Елена Григорьеваны үчүгэйдик билбэт этим. Көннөрү дорооболоһон, аҕыйах тылы бырахсан ааһааччыбыт.

Инники күөҥҥэ - Бэлэх. Тайах Булдугар

Инники күөҥҥэ - Бэлэх. Тайах Булдугар

– Дьэ, Юрий Петрович, – диэбитэ Елена Григорьева. – Дьокуускайга Хван Ву Сук диэн билим дуоктара кэллэ. Кини Соҕуруу Корея киин куората Сеулга улахан институттаах. Дуоктар Хван Ву Сук төрүт саха ытын клоннуон баҕарар.

Хван Ву Сук бастакы сыала-соруга сэлиини (мааманы) клоннааһын эбит этэ. Кини сэлии кырамтатын, уҥуоҕун көрдүүр эспэдииссийэлэргэ сылдьыспыт. Ляхов арыыларыгар тиийэ.

Онтон аны төрүт саха ытын клоннуон баҕарбыт. Тус санаабар, Хван Ву Сук клоннааһыны илэ-чахчы баһылаабытын көрдөрөр, аан дойду учуонайдарыгар дакаастыыр санаалааҕа. Тоҕо диэтэххэ, дойдутугар – кини кыыллары дьиҥ чахчы клоннуурун итэҕэйбэт быһыы-майгы буола сылдьыбыт.

Ахсынньы ый быһыылааҕа. 50 кыраадыстаах бытарҕан тымныылар түһэн турар кэмнэрэ. Дуоктар Хван Ву Сук икки киһилээҕэ (тылбаасчыт уонна көмөлөһөөччү). Кинилэри илдьэ питомникпытыгар тахсыбыппыт. Хван Ву Сук түөрт ыттан кулгаахтарын төбөтүн быһыта кырыйталаан ылбыта. Ол кырыйбытын көмөлөһөөччүтэ тута пробиркаларга уган испитэ.

Ол түөрт ыттан иккитэ – Сүүтүк уонна Тайҕа диэн ааттаахтара. Сүүтүк – алта саастаах тыһы, Тайҕа – атыыр. Тайҕа кэлин Байанай диэн ааттаммыта. Амма Олом Күөлүгэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Николай Кузьминтан кэлбит ыт. Киппэ, бөҕө-таҕа көрүҥнээх саха ыта. 12 саастаах кырдьаҕас ыт этэ.

Сарсыныгар дуоктар Хван Ву Сук дьиэтигэр, Сеулга көтүөхтээх. Миэхэ: “Бу пробиркалары дьиэҕэр илдьэ киирэн, халадыынньыккар угаар”, – диэбиттэрэ. Дьиэм таһыгар кэлбиппитигэр – Хван Ву Сук көмөлөһөөччүтүгэр тугу эрэ бирикээстээбитэ. Аны санаатахха: “Дьиэтигэр киирсэ сырыт уонна халадыынньыкка хайдах уурарын көр”, – диэбит эбит. Ол уол миигин кытта дьиэбэр киирэн хайдах уурарбын көрбүтэ, халадыынньык  температуратын мээрэйдээбитэ.

Юрий Борисов уонна Хван Ву Сук

Юрий Борисов уонна Хван Ву Сук

Кинилэр бу иннинэ Сэлии түмэлин көмөтүнэн – ирбэт тоҥҥо этэ-сиинэ чөл кэриэтэ сыппыт, бэл, хааннаах эҥин маамантан матырыйаал ылбыттар этэ. Ол матырыйаалы Москуба нөҥүө Соҕуруу Кореяҕа ыытаары соруммуттар. Дьэ, онно кинилэртэн араас докумуоннары, көҥүл суруктары эҥин ирдээн – ол матырыйааллара Москубаҕа олус уһуннук сыппыт этэ. Матырыйаал килиэккэлэрэ өлүктүйүөхтэригэр дылы.

Ол иһин биһиги ыттарбыт быһа кырыллыбыт кулгаахтарын төбөтүн... Ээ, эн ону суруйарыҥ хайдаҕа эбитэ буолла? Таах да билигин кэм-кэрдии аастаҕа дии, клоннаммыт ыттар билигин питомникпытыгар бааллар. Сааһыра быһыытыйдылар.

Ыттар кулгаахтарын төбөтө угуллубут пробиркалары – балык иһигэр уган баран фольганан эрийбиппит. “Соҕуруу Кореяттан сылдьар күндү ыалдьыттарбытыгар балык бэлэхтээн ыытабыт”, – диэтэхпит дии, пуорка. Пробиркалар тоҥ балык иһигэр буолбакка, тууһаммыт балык иһигэр угуллубуттара.

Кыһалҕаттан оннук дьаһанарга тиийбиппит. “Москуба нөҥүө эргийдэхтэринэ эмиэ туһата суох матырыйаалга кубулуйуохтара”,  – диэн санааттан.

Дьэ, онтон, салгыы хайдах буолбутай? Клоннаммыт ыттары ыла Сеулга бэйэм бара сылдьыбытым. Биология билимин хандьыдаата Максим Юрьевич Чепрасовы кытта. Кини билигин Петр Лазарев аатынан сэлии түмэлин лабораториятын сэбиэдиссэйэ. Ити түмэл – ХИФУ Хотугу сир экологиятыгар институтун састаабыгар киирэр.

Сеулга биһигини наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Олох, этэргэ дылы, “по высшему разряду”. Үрүҥ халааттары кэтэрдэн баран институту көрдөрбүттэрэ. Институт бары салааларын көрбүппүт, клоннааһыны хайдах оҥороллорун сиһилии кэпсээбиттэрэ. Килиэккэлэргэ хайдах арааралларын эҥин.

Дьэ, онтон ол клоннаммыт ыттары биһиэхэ биэрэллэригэр бырааһынньыктыы сиэр-туом тэриллибитэ. “Самсунг”, “LG” курдук улахан корпорациялар кыттыылаах. Бэл, Арассыыйа Соҕуруу Кореяҕа посола баара. Өссө : “Good bye, Belekh and Kerechene! Have a safe trip back home!” (“Бакааларыҥ, Бэлэх уонна Кэрэчээнэ! Дьиэҕитигэр дьоллоох айаны!”), – диэн Арассыыйа уонна Соҕуруу Корея былаахтардаах, Бэлэхтээх Кэрэчээнэ хаартыскалардаах былакаат ыйанан турара. Дьиҥ чахчы бырааһынньык тэриллибитэ. Остуол тардыллыбыт этэ, чүмэчилэрдээх туорт баара.

Кэрэчээнэ

Кэрэчээнэ

Сеул суруналыыстара, дьэ, үөмэхтэһии. Хаартыскаҕа түһэрии, видеокамеранан устуу... Фотоаппарааттар уоттара-күөстэрэ биир кэм чаҕылыҥнаан олорбута.

Дьиҥинэн, институт клоннааһыны босхо оҥорбот. Оччотооҕу сыаналарынан (солкуобайга таһаардахха) биир ыты клоннааһын төлөбүрэ – 4 мөлүйүөн солкуобай эбит этэ. Оччотугар икки ыты клоннааһын өҥөтө – 8 мөлүйүөн солкуобай буолан тахсар. Онтон биһиэхэ буор босхо клоннаан биэрбиттэрэ.

Биһиэхэ кэпсээбиттэринэн: арааб биир дойдутун баайа (шейх) таптыыр, сөбүлүүр ытын клоннатан баран туох да наһаа үөрбүт, дьолломмут. Уонна институту аныгы оборудованиеларынан толору хааччыйбыт. Кэлин сурах хоту истибиппинэн: ити шейх дуоктар Хван Ву Сугу дойдутугар кучуйан илдьэ барбыт. “Баһыллар үптээх-харчылаах шейх бэйэтин клоннатаары гыммыта буолуо”, – диэн сэрэйэ саныахха сөп курдук.

Ити курдук, докумуоннары-тойдору бэйэлэрэ хомуйан, биһигини ыттарбытын кытта Дьокуускайга бэрт үчүгэйдик атаарбыттара. Дьокуускайга эмиэ көрсүһүүлэр буолбуттара, университекка пресс-кэмпириэнсийэ тэриллибитэ.

Сүүтүк куоппуйатын Кэрэчээнэ диэн ааттаабыппыт. Кэрэчээнэ үүт-үкчү Сүүтүк курдуга. Нууччалаатахха – “один к одному”. Сытыы баҕайы ыт. Курбачыйан, көрөн-истэн. Бэлэх да Байанайга олус майгынныыра. Ол гынан баран кулгаахтара олус улаханнара. Сорох клоннаммыт ыттар кулгаахтара чөрөйө, тура сылдьыбаттар эбит.

Кэрэчээнэлээх Бэлэх билигин питомникпытыгар бааллар, тоҕус саастаахтар. Ол аата 2017 сыл сайыныгар Сеултан аҕалбыт эбиппит. Кэрэчээнэ хаста да төрөөбүтэ. Оҕолоро үкчү ийэлэрин курдуктар. Оттон атыыр ыт Бэлэх кулгаахтара аһара улахан буолан – племенной үлэҕэ туттубатахпыт.

Биология билимин хандьыдааттара, дьупулуом үлэтин суруйар да устудьуоннар ити ыттары кэлэн көрүө-истиэ, билим ыстатыйаларын суруйуо этилэр. Саха сириттэн аан бастаан клоннаммыт ыттар биһиги питомникпытыгар бааллар. Арассыыйаҕа да клоннааһын үлэтэ ыытыллыа этэ буоллаҕа.

Федор РАХЛЕЕВ.

Бүтэһик сонуннар