Киир

Киир

Үүнэр 2019 сылга Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга 10 млрд солк. судаарыстыбаннай көмөнү көрүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов иһитиннэрдэ.

“2018 уонна 2019 сс. эбии харчыны учуоттаабакка да туран, судаарыстыбаннай көмө харчыта биллэ улаатта. Оттон киинтэн кэлэр 2 млрд солк. учуоттаатахпытына, элбэх оҕолоох ыаллары судаарыстыбаттан өйүүргэ 10 млрд солк. тахса үп ороскуоттаныаҕа. Бачча үп дьиэ кэргэн уйгутугар үчүгэйинэн дьайара саарбахтаммат” , — диэтэ премьер.

2018 сылга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ 8 млрд солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, эһиилги бүддьүөккэ 8,3 млрд солк. көрүлүннэ. Онно эбии федеральнай бүддьүөттэн 2 млрд солк. кэлэрин эбэбит.

Билигин Саха сиригэр 26 174 элбэх оҕолоох ыал баар, кинилэр 18 саастарыгар диэри үс эбэтэр онтон элбэх оҕону иитэллэр.

Бүтэһик сонуннар