Киир

Киир

Полина Христофорова уонна Николай Гулгунов диэн эдэр ыалга үс игирэ күн сирин көрбүтэ. Кинилэргэ СӨ бырабыыталыстыбата дьиэ атыылаһалларыгар 9 мөл солк көрдө.

Ийэ күнүнэн эдэр ыалы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов эҕэрдэлээтэ:

Ийэ буолар диэн дьол уонна улахан эппиэтинэс. Бу сылга үс игирэни күн сирин көрдөрбүт Полина Христофорованы уонна  Николай Гулгунову эҕэрдэлиибин. Эдэр ыалга өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата дьиэ атыылаһалларыгар 9 мөл солк көрдө. Дьоллоох буолуҥ! Бырааһынньыгынан!” — диэн “Instagram” социальнай ситимҥэ Владимир Солодов таһаарбыт.

Бүтэһик сонуннар