Киир

Киир

Пандемия кэмигэр инбэлииттэри, кырдьаҕастары уонна тулаайах оҕолору быстах кэмҥэ олордо (эпиэкэҕэ) ылбыт Саха сирин олохтоохторо Путин дьаһалынан федеральнай бүддьүөттэн көмөнү ылыахтара. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“Муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр дылы кэмҥэ көрүллэр ыйдааҕы материальнай көмө хас биирдии көрүүгэ ылыллыбыт киһиэхэ 12 130солк. буолар”, - диэн министиэристибэ иһитиннэрэр.

Бастакы төлөбүрдэри Биэнсийэ пуондата бэс ыйыттан түһэрбитинэн барыахтаах. Көрүүгэ барбыт киһи сайабылыанньалаһааччыга ыйга 7 күнтэн итэҕэһэ суох кэмҥэ олорбут буолуохтаах. Дойду резервнэй пуондатыттан бу көмөҕө анаан 145,6 мөл. солк. ыыппыттар.