Киир

Киир

От ыйын 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэрэн туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Онно сурулларынан, аны элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын ыал аҕата эмиэ ылар буолла. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

 "Оҕону иитии-аһатыы, такайыы, үөрэттэрии уонна да атын дьиэ кэргэн боппуруостарын кэргэнниилэр иккиэн быһаараллар. Төрөппүттэр иккиэн дьиэ кэргэн иннигэр толору эппиэтинэһи сүгэллэр. Онон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатыгар аҕа оруола эмиэ киирдэ. Судаарыстыба бэлиитикэтэ үгэс буолбут сыаннастары күүһүрдүөхтээх", - диэн Ил Түмэн дьиэ кэрэг уонна оҕо саас дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бэлиэтиир.

2019 сыллаахха сис кэмитиэт бу боппуруоһу көтөхпүтэ. Төгүрүк остуол кэннэ бырабыыталыстыбаҕа аҕалары эмиэ элбэх оҕолоох төрөппүт быһыытынан сокуонунан бигэргэтэллэригэр этии киирбитэ.

Билигин элбэх оҕолоох аҕалар дастабырыанньаны уонна түөскэ кэтиллэр бэлиэни  олорор сирдэринэн социальнай харалта управлениетыгар, МФЦга эбэтэр электроннай портал нөҥүө докумуоннарын биэрэн ылыахтарын сөп.

 

 

 

Бүтэһик сонуннар