Киир

Киир

Балаҕан ыйыгар үлэтэ суох төрөппүттэргэ хас биирдии сокуоннай сааһын ситэ туола илик оҕолоругар 3 тыһ. солк. босуобуйаны биэриэхтэрэ.

Маныаха туһааннаах уурааҕы миниистирдэр кэбиниэттэрэ саайтарыгар таһаарбыт. Бу хоруона хамсыгын кэмигэр эбии көмө быһыытынан бэриллэр. Маннык босуобуйаны дойду үрдүнэн үлэтэ суоҕунан официальнайдык билиниллибит, 18 сааһыгар диэри оҕолордоох 2,8 мөл. киһи ылыаҕа. Маныаха федеральнай бүддьүөттэн эбии 8,5 млрд солк. көрүллүөҕэ.