Киир

Киир

Кэнники биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕо ахсаана биллэ аччаабытын бэлиэтииллэр. Бу туһунан үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтин пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Билиҥҥитэ эппэкиин ыалларга 73% тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо олорор,  14% — иитиэйэх ыалга, , 13% — тулаайах оҕолорго көмөлөһөр кииннэргэ. Уопсайа өрөспүүбүлүкэҕэ 228 иитиэйэх ыаллар бааллар, онно 640 оҕо иитиллэр. Ордук элбэх иитиэйэх ыал Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Бүлүү, Ленскэй, Нерюнгри, Хаҥалас, Горнай улуустарыгар уонна Дьокуускайга бааллар.

Бүтэһик сонуннар