Киир

Киир

Сунтаарбыт улууһун Тэҥкэтиттэн төрүттээх 38 эрэ саастаах эдэр ийэ Айталина Максимова 14-с оҕотун күн сирин көрдөрдө.

Дьоллоох ыал Максимовтар алта кыыс, аҕыс уол оҕолоохтор. Баай ыал! Элбэх оҕолоох эдэр ийэ Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаттан ахсынньы 10 күнүгэр дьиэтигэр үөрэ-көтө тахсыаҕа.

Максимовтар Тулагы Сыырдаах бөһүөлэгэр Сунтаартан көһөн олохсуйан олороллор. Икки этээстээх улахан дьиэлээхтэр. Улахан оҕолоро Таня 22 саастаах, ыал буолан олорор. Элбэх оҕолоох ыалга өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, 11-с оҕолорун оҕоломмуттарыгар УАЗ-фермер массыынаны уонна Дьокуускай куоракка икки хостоох кыбартыыраны бэлэх ууммута хайҕаллаах эрэ буоллаҕа. Дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ инникитин чэгиэн доруобуйаны, уһун уйгулаах олоҕу эрэ баҕарабыт.

Сивцевы 5

Раиса Артемьева

Ылыллыбыт сигэтэ: Сунтаар улууһун саайта - https://xn--80aaaa5dcaagtfcekni.xn--p1ai/article/33613

Бүтэһик сонуннар