Киир

Киир

Бу сылга социальнай төлөбүрү ылыахтаах сокуоннай саастарын туола илик биэс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыал ахсаана икки төгүл элбээтэ. 
Социальнай төлөбүрү 14 муниципальнай оройуоннартан, Дьокуускай куораттан 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох 124 ыал ылыаҕа, маны сэргэ, Сунтаар уонна Ленскэй оройуоннарыттан сокуоннай саастарын туола илик 10 уонна онтон элбэх оҕолоох 2 ыал ылыахтара. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайааччылаах, 5 уонна онтон элбэх, сокуоннай саастарын туола илик  10 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга биир кэмнээх социальнай төлөбүрү биэрии туһунан боппуруостарга сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Хамыыһыйа мунньаҕар эппит.  
Быһааран эттэххэ, ааспыт сылга тэҥнээтэххэ 5 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана икки төгүл элбээбит. Быйыл соц. төлөбүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 500,0 мөл. солк көрүллүбүт. 
2021 сыллаахха 56 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыал 199,2 мөл. солкуобайга дьиэтин-уотун усулуобуйатын тупсарбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Бырабыыталыстыба иннигэр бу 5 сыл иһигэр сокуоннай сааһын туола илик 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыаллар социальнай төлөбүрү ылар уочараттарын суох гыныы соругун туруорбута.
 
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга Министиэристибэтин пресс-сулууспата сырдатыытыттан
 
 

Бүтэһик сонуннар