Анал байыаннай эпэрээссийэ бастакы долгунугар барбыт байыастар сорохторо кэлитэлээн эрэллэр. Кэлбит саллааттары уонна хомуурга барбыт уолаттардаах, ону сэргэ сүтүктээх төрөппүттэри кытары уйулҕа үлэһиттэрэ быыстала суох үлэлии олороллор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин салайааччытын солбуйааччыта Октябрина Тупринаны кытары көрсөн, балаһыанньа тугун-ханныгын, хайдах үлэлии олороллорун ыйыталастыбыт.
– Октябрина Ксенофонтовна, быстах хомуур биллэриллэ да илигинэ, аармыйаҕа сылдьар уолаттар хантараакка илии баттаан сэрии буола турар сиригэр барбыттара. Ийэлэрэ барахсаттар айманаахтыыллара биллэр, кинилэри кытары үлэлэспиккит дуо?
– Быстах хомуурга барыахтарын иннинэ аан бастаан аҕыс ый хантараактаах дьон сэриилэспиттэрэ. Биһиги кинилэр ийэлэрин кытары кулун тутар ыйтан ыла тиһигин быспакка үлэлэспиппит. Ийэлэр барахсаттар, биллэн турар, психологическай үлэҕэ бэлэмнэрэ суох этэ. Бу үлэ хайдах быһыылаахтык барарын үчүгэйдик билбэт да буоллахтара. Ону Ньургуйаана Хоютанова диэн ийэлэр бассаап бөлөхтөрүн актыбыыһын көмөтүнэн, биирдиилээн үлэлэспиппит, үлэлэһэ да олоробут. Куоракка – 6 ийэ, улуустарга 70 ийэ олороллор.
– Ол уолаттар үксүлэрэ билигин даҕаны онно сылдьар буоллахтара?
– Аармыйаҕа тиийэн баара-суоҕа аҕыйах ый сулууспалаабыт уолаттар алҕаска диэххэ дуу “контракка” илии баттаан бараахтаабыттар. Үксүлэрэ сүүрбэччэлээх эрэ уолаттар. Хамандыырдар хайдах эрэ гынан үтэн-анньан, ыган-түүрэн илии баттаталлара сэрэйиллэр. Сорох-сорохтор, бэл, туохха илии баттаабыттарын, ханна баралларын билбэккэ, илии баттаан, киирэн биэрээхтээбиттэр. Бастакы охсууну кинилэр ыллахтара дии. Ол оҕолор үксүлэрэ билигин даҕаны онно сылдьаллар. Билигин, кинилэр балай эмэ уопуттаах дьон быһыытынан, быстах хомуурга барбыт уолаттары кытта хайдах киирэн, туох ньыманы туттан сэриилэһэргэ үөрэтиигэ үлэлэһэн эрэллэр.
– Бастакы долгуҥҥа барбыт уолаттартан сорохторо кэлитэлээн эрэллэр быһыылаах дуу?
– Кыралаан кэлитэлээн эрэллэр. Биһиги сэрииттэн кэлбит үс уолу кытары үлэлэһэ сылдьабыт. Ол уолаттар барахсаттар билиҥҥитэ психологическай үлэҕэ олох бэлэмэ суохтар. Кыра да энчини көрбөттөр, буола турартан барытыттан олус ньиэрбинэйдииллэр, бэл, тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо, салалтаҕа киҥнэнэллэр. “Хата, эһиги манна туох да буолбатаҕын курдук олорор эбиккит дии”,– диэх курдук баайсан саҥараллар. Уйулҕа үөрэҕэ этэринэн, кинилэр оннук кыыһыраллара, ньиэрбинэйдииллэрэ оруннаах курдук. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, кинилэри үчүгэйдик сэриилэһэр ньымаҕа киһилии үөрэппэккэ, өй-санаа да өттүнэн бэлэмнээбэккэ ыыппыттар. Аармыйа күнүн бырааһынньыктаабыттарын кэннэ, сарсыҥҥы күнүгэр пуойаска олордуталаан баран, Белоруссиянан эргитэн, сэриигэ ыыталаан кэбиспиттэр. Бу барахсаттар ханна тугу гына баран иһэллэрин даҕаны билээхтээбэтэхтэр. Бэлэмнээбэккэ ыыппыт буоланнар, өй-санаа, ис турук өттүнэн бэлэмэ суох дьон уоттаах сэриигэ соһуччу быраҕыллан, соһуйбуттара, уолуйбуттара, куттаммыттара ааһа илик. Сыччах туохха тиийэллэрин билбэккэ соһуччу барбыт буолан, киҥнэнэллэрэ өйдөнөр.
– Эһиги, уопсайынан, сэрииттэн кэлбит уолаттары кытта хайдах үлэлиигитий?
– Киһи ыарахан боппуруоһу ылынарыгар уйулҕа үөрэҕин хас даҕаны кэрчигин ааһар. Кинилэр кыыһырар, кыйыттар кэрчиккэ сылдьаллар. Ол аата, холобур, “мин бу уйулҕаһыт көмөтүн ылбытым кэннэ, миэхэ чахчы үчүгэй буолар дуо?” диэн. Уйулҕаһыты кытта үлэ кэннэ, үчүгэй буолбат буоллаҕына, ньиэрбинэйдээбитин курдук ньиэрбинэйдии сылдьар. Киһи уустук түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, бастатан туран, онтун кытары эйэлэһэ үөрэниэхтээх. “Сэриигэ сылдьан кэллим, онон олох бүппэт, сэриини умнуохтаахпын, чугас дьоммор күүс-көмө, өйөбүл буолуохтаахпын”, – диэн бэйэтин бэйэтэ сааһылана, наада буоллаҕына, хам баттыы үөрэниэхтээх. Кыһалҕатын хайдах баарынан ылыннаҕына, дьылҕатын кытта сөбүлэстэҕинэ эрэ, уоскуйан эйэлээх олохторугар төннүөхтэрин сөп.
– Саллааттары кытары кэпсэтэн көрдөххүтүнэ, кинилэр туохтан ордук кыыһырар-абарар, киҥнэрэ-наардара холлор буолар эбитий?
– Бастакы кыйыттыылара: “Тоҕо, ала-чуо, мин эрэ сэриигэ бардым, тоҕо мин өлүү-сүтүү, уот сэрии ортотугар сырыттым, тоҕо миигин эрэ талан ыыттылар, тоҕо бу атын уолаттар күн кыһалҕата суох сылдьалларый?” – диэн буолар. Итини ылыналларыгар балай эмэ кэм ааһар. Бу кэмҥэ кинилэри кытта идэтийбит психолог үлэлэһиэн наада. Маныаха чугас дьонноро, кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ күүс-көмө буолуохтарын наада. Ол гынан баран, маныаха төрөппүт биири өйдүөхтээх (!). Төрөппүт үгэс быһыытынан оҕотун аһынар. Кини төһөнөн оҕотун аһынар, соччонон оҕотун майгытын алдьатан киирэн барар. “Сөп, эн сэриигэ сылдьан кэллиҥ, биһиги бары эн тускар долгуйбуппут, ол гынан баран эн наһаалаама!” – диэн кытаанах соҕустук этиллиэхтээх. Манныгы этэр, биллэн турар, төрөппүккэ олус ыарыылаах эрээри, оҕотун киһи гыныан баҕарар буоллаҕына, олус аһыныа, атаахтатыа, маанылыа суохтаах. Оччоҕуна эрэ бу уолаттар саҥаттан олох олоро үөрэнэллэр. Биһиги тылбытынан “ресоциализация” дэнэр. Сэриигэ барыан иннинээҕи олоҕо атын, ып-ыраас буоллаҕа. Оттон сэриигэ сылдьан кэлбитин кэннэ – букатын атын. Сэриигэ сылдьыбатах киһи маны өйдөөбөт. Тулалыыр эйгэлэригэр дьон кинилэргэ арааһы бары утары саҥарыахтарын сөп. “Эн харчы туһугар дьону өлөртөөн баран, билигин миэхэ кэлэн киэбирэ тураҕын дуо?!” – диэн эдэр дьон икки ардыгар өйдөспөт быһыы-майгы тахсыан сөп. Итинниккэ сэриигэ сылдьыбыт уолаттар өссө бууһа кыйаханан-абаран оту-маһы тырыта тыытар турукка киирэллэр. Сэриигэ сылдьан кэлбит уолаттар үксүлэрэ куһаҕаннык утуйаллар, сорохтор контузиялаахтар, улахан тыаһы-ууһу тулуйбаттар, ким эрэ бааһырбыт, илиитэ-атаҕа суох кэлбит. Онон чугас дьонноро куттаналлар. “Ресоциализацияны” биир халыыпка киллэрбэппит. Киһи-киһи киэнэ тус-туһунан буолар. Ол иһин уолаттары кытта хас биирдиилэрин тус-туһунан тутан үчүгэйдик үлэлиэхтээхпит, барытын илдьиритиэхтээхпит, бытарытыахтаахпыт. Кинилэр бэйэлэрин өйдүү, ылына сатыылларыгар тиэрдиэхтээхпит. Уйулҕа үлэһиттэрин кытары тэбис-тэҥҥэ үлэлээн төбөлөрүгэр, сүрэхтэригэр, дууһаларыгар илдьэ сылдьар аһаҕас баастарын оһоро сатыахтаахтар. Оччоҕуна эрэ киһилии олоххо кэлэллэр.
– Эппит үс уолгутун кытары үлэлии сылдьаҕыт?
– Икки уол: “Биһиги билигин хайдах даҕаны психологическай үлэҕэ сылдьар кыахпыт, бэлэммит суох”, – диэн тута аккаастаммыттара. Кинилэри эмиэ өйдүүбүт. Тохтуу түһэн баран, бэлэм буоллахтарына кэлиэхтэрэ. Аан бастаан элбэх киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ сылдьан уоскуйуохтаахтар, арыычча бэттэх кэлиэхтээхтэр. Онтон биирдэ уйулҕа үлэһитин кытары үлэлииргэ бэлэм буолуохтара. Ол икки уол ыраах тыаҕа бултуу бардылар. Ол саамай сөп. Төрөөбүт сирдэригэр-буордарыгар, чуумпуга айылҕаны кытары алтыһан сырыттахтарына, ордук уоскуйан кэлиэхтэрэ.
– Төһө өр бэйэлэригэр кэлиэхтэрэй?
– Биһиги сабаҕалаан көрүүбүтүнэн, үс-түөрт сылынан биирдэ бэттэх кэлиэхтэрэ. Атын дойдулар уопуттарыгар даҕаны олоҕурар буоллахха, итиччэ бириэмэҕэ бэттэх кэлэллэр эбит. Омуктар киэннэрин эмиэ үөрэтэбит, кэтээн көрөбүт. Арассыыйаҕа кэлин байыаннай психологтар элбээтилэр, олортон эмиэ үөрэнэбит.
– Билигин быстах хомуурга киһи бөҕөтө барда. Бу дьон сотору бары кэлиэхтэрэ. Маныаха төһө бэлэмҥитий?
– Бырабыыталыстыба өттүттэн биһиги үлэлиирбитигэр күүс-көмө, өйөбүл оҥоһуллар. Онно тирэҕирэн, биһиги куурустарга, үөрэхтэргэ үлэһиттэрбитин үксүлэрин үөрэттэрэбит. Хомуурга барбыттары бачча ыйынан кэлиэхтээхтэр диэн суоттанабыт. Ол кэлбит уолаттар, бастатан туран, психиатрга көрдөрүөхтэрин наада, психикалара төһө алдьаммытын, кэһиллибитин бэрэбиэркэлэнэллэр. Ону психиатрдар эрэ быһаараллар, сорохтору эминэн-томунан эмтээн бэттэх аҕалаллар. Ол эрэ кэннэ биһиэхэ тиийэн кэлиэхтээхтэр. Биһиэхэ, дьэ, уһуннук киирэллэр. Доруобуйа, Үлэ, Үөрэх министиэристибэлэрин, үлэлээх буолуу департаменын кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхпит. Тоҕо диэтэххэ, уолаттарбытын кэллилэр да, өйдөрүн-санааларын, ыар-баттык оҥостубут дууһаларын ыарыытыттан чөллөрүгэр түһэрэбит. Ол кэннэ аны үөрэҕэ, идэтэ суохтары үөрэххэ киллэриэхтээхпит, үлэтэ суохтары үлэнэн хааччыйыахтаахпыт. Ситинник гынан кинилэри эйэлээх олоххо сиэтэн киллэриэхтээхпит.
Тэрилтэбитигэр билигин бакаа алта уончабыт. Өссө эбии доруобуйа, үлэ уонна да атын биэдэмистибэлэртэн өссө эбии сүүрбэ киһи көрдөөтүбүт. Олору холбоон 80 буолуохтаахпыт. Ол эбии кэлэр дьоммутун күүскэ үөрэтэн баран, улуустарынан барыахтаахпыт. Билигин хас даҕаны улууска биһиги кииннэрбит, салааларбыт быстах хомуурга барбыт уолаттар төрөппүттэрин, сэрииттэн кэлбит уолаттары кытары үлэлии олороллор. Үлэлииргэ усулуобуйа баар, былаас бары өттүнэн өйүүр. Онон кыаллар кыахтаах, бэлэммит дии саныыбын.
– Урут Афганистан, Чечня да сэриитигэр сылдьыбыт байыастар эйэлээх да олоххо кэлэн, сэрии толоонугар көрбүттэрэ бүүс-бүтүннүү өйдөрүгэр-санааларыгар, сүрэхтэригэр-быардарыгар умнуллубат гына хаалан хаалар диэн истээччибит.
– Оннук. Сэриигэ сылдьыбыт киһи сэриитээҕи кыһалҕатын бүүс-бүтүннүү таһаҕас гынан илдьэ сылдьар. Ол гынан баран, онтун кытта кини сатаан олоро үөрэниэхтээх. Бу – саамай ыарахан. Ааспыт сэрии кэмнэригэр ылар буоллахха, оччолорго кинилэри кытары үлэлиир аналлаах психологтар суохтар этэ. Ол да буоллар, үксүлэрэ айылҕаттан ураты күүстээх санаалаах буоланнар, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан эйэлээх олох атын кыһалҕаларыгар киирэннэр, төбөлөрүн оройунан үлэҕэ умса түһэн аһарыммыттара. Киһи барыта оннук күүстээх буолбатаҕа өйдөнөр. Киһи-киһи психиката тус-туһунан буоллаҕа.
– Эн, өр сылларга бу эйгэҕэ үлэлээбит киһи, Чечня сэриитигэр сылдьыбыт уолаттары кытары үлэлээтэҕиҥ аҕай дии. Бэрээдэк өттүнэн хайдах этилэрий?
– Бастаан кэлэн баран, биллэн турар, сорохтор аһыы утахха оройдорунан түһэн, төһө кыалларынан сэриигэ көрбүттэрин умна сатыыллар этэ. Арыгы хаһан үчүгэйгэ аҕалбыта баарай?! Биллэн турар, төттөрүтүн, “агрессияҕа” аҕалар, иһэн баран дьэ киэптиэх, охсуһуох, кырбыах санаалара киирэр буоллаҕа. Бу уолаттары кытары күүскэ үлэлэһэммит, бары эйэлээх олоххо этэҥҥэ сылдьыбыттара. Инникитин кэлиэхтээх уолаттарбыт эмиэ оннук буолуохтарын сөп диэн дьиксинии баар. Нэһилиэнньэ оннукка туран биэриэ суохтаах, утары этиэхтээх, “оройго биэрэн” миэстэтин булларыахтаах. Үксүлэрэ оҕолордоох ыал дьон буоллахтара. Ханнык баҕарар оҕо аҕатын “дьоруой” курдук киэн тутта көрөр. Аҕата бэйэтин аһына-аһына иһэ-аһыы, киэптии-охсуһа, ытыы-соҥуу сырыттаҕына, оҕолоругар туох холобуру көрдөрүөҕэй?! Ол иһин, бэйэтин кытта үлэлээн, күүстээх санаа ылынан, көннөрүнэн күрүөлэниэхтээх буоллаҕа. Биллэн турар, барыларын биир халыыпка киллэрбэппит. Хас биирдии киһи өйө-санаата туһунан. Мин кэтээн көрүүбүнэн, Чечня сэриитигэр сылдьыбыт дьон үксүлэрэ бастакы сылларыгар эрэ ыһылла сыһан баран, миэстэлэрин булбуттара, бары эйэлээх олох күннээҕи кыһалҕатыгар киирбиттэрэ.
– Урут сэриигэ сылдьыбыт дьон эйэлээх олоххо сатаан олорботтор, бэйэлэринэн тылланан, өссө атын сэриигэ бара тураллар дииллэр. Сэрии кинилэри төттөрү угуйа, ыҥыра турар дуо?
– Сэриигэ сылдьыбыт киһи быыстала суох истириэскэ сылдьар. Онтулара суох сатаммат буолан хаалаллар. Ол иһин эйэлээх олоххо сатаан олорботтор, күннээҕи үөрүүнү ылымматтар. Сорохтор оннук “адреналиҥҥа” наадыйан, сэрии бүппүтүн да кэннэ, “наемник” быһыытынан атын сэриигэ тылланан бараллар.
– Аҕа дойду сэриитигэр барбыт дьон, сэрииттэн кэлэн, урусхалламмыт олоҕу, холкуоһу өрө тардарга үлэлээбитинэн бараллара. Оччолорго ким даҕаны кинилэри кытта “ньээҥкэлэһэ” сылдьыбатаҕа. Билиҥҥилэр бэлэмҥэ кэлэр буоллахтара.
– Сөпкө этэҕин. Оччотооҕу уонна билиҥҥи олох тус-туһунан эрээри, уопсай көрүү баар. Билиҥҥи да кэмҥэ, сэрии иннинэ олорбут чунуобунньуктары ити уолаттар солбуйуохтара дии саныыбын. Олох аһыытын эттэринэн-хааннарынан билбит, дьон кыһалҕатын иһиттэн көрө сылдьар дьон салайар үлэҕэ барыахтара. Түргэн толкуйдара, мындыр өйдөрө, бойобуой уопуттара да туһалыа дии саныыбын.
– Эн бу баҕа өттүнэн тылланан барбыт дьону этэҕин дуо?
– Кинилэри. Син лиичинэс быһыытынан турбут, өйдөрүн-санааларын туппут, бэйэлэрин сүүс бырыһыан эрэнэр дьон тылланан барар буоллахтара. Бу дьон тот олоххо олорбут дьоннооҕор ордук киһилии сиэрдээх, олоҕу сыаналыыр, кыраны-кыамматы харыстыыр, өрүһүйэр аналлаахтар. Тот киһи дьон кыһалҕатын өйдөөбөт. Наһаа тот олох кэлбититтэн, бэл, сиэр-майгы сатарыйда, баайга-дуолга ымсыы санаа баһыйда. Холобур, мин аҕам – сэрии бэтэрээнэ. Кини: “Наһаа тот олох биһигини алдьатта, омуктар тот олоххо үөрэтэн киһилии сирэйбитин сүтэрдибит”, – диэн бу олорор олохпутун, дьоммутун көрө-көрө санаарҕыыра.
– Октябрина Ксенофонтовна, эн идэтийбит уйулҕа үлэһитэ, айылҕалаах дьон көмөлөрүн хайдах ылынаҕыный?
– Олус биһириибин. Биһиги, сахалар, айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Айылҕалаах дьон сэрииттэн кэлбит уолаттары итэҕэллэригэр аҕалан, сүнньүлэрин көннөрөн, өйдөрүн-санааларын, ис туруктарын ыраастаан, көнөр суолга туруораллара туох куһаҕаннаах буолуой?! Саатар эрэ буоллаҕа. Эн-мин дэспэккэ, бары бииргэ куолаан ылсан үлэлээтэхпитинэ эрэ, туох эрэ тахсыа дии саныыбын.
– Истиҥ сэһэргэһииҥ иһин махтал буолуохтун.