Киир

Киир

Бүгүн Саха сирин олохтоохторун ыар сонун соһутта. Үрдүк категориялаах терапевт-быраас, мэдэссиинэ билимин кандидата, ХИФУ доцена, мелодист, ырыаһыт, "Саха" НКИК уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, ХИФУ мэдэссиинэ институтун бүтэрбиттэр ассоциацияларын салайааччыта, "Алампа" көҥүл түмсүү түсчүтэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Виталий Тимофеевич Андросов уһун, ыарахан ыарыыттан күн сириттэн букатыннаахтык күрэннэ. Норуот таптыыр ырыаһытын ахта-саныы таарыйа, “Кыым” хаһыакка былырыын сэтинньи 23 күнүгэр биэрбит тиһэх интервьютун таһаарабыт. Быдан дьылларга бырастыы, Виталий Тимофеевич! Ийэ сир буоргар сылаастык, сымнаҕастык уһун уугар утуй!

Бэрт аҕыйах хонуктааҕыта норуот таптыыр ырыаһыта, мелодист “Виталий Андросов ыалдьыбыт үһү” диэн сураҕы истэн аһарбытым эрээри, үлэ-хамнас быыһыгар хайдах эрэ улахаҥҥа уурбатаҕым, кэм-кэрдии, саас ылыытын сиэринэн ини, кыратык сынньана, эмтэнэ түстэҕинэ ааһымына дии санаабытым. Улахан ыарыы ыаллаһан баалаттаҕа диэн өйбөр да суоҕа. Ол онон ааспыта.

Дьиҥэр, Виталий Тимофеевиһы кытта соччо алтыспатаҕым, билсибэтэҕим. Ол эрээри араас кэмҥэ син хаста да көрсөн, бэрт истиҥник кэпсэтэн, үлэлэһэн ааспыттааҕым. Биир-икки тылынан эттэххэ, онно кини бэрт холку, сымнаҕас майгылаах, эдэр киһи диэн улаатымсыйбат, биллэр киһибин диэн улуутумсуйбат, кими баҕарар кытта биир тылы булан кэпсэтэр үтүө киһи өйдөбүлүн хаалларбыта.

Оттон арай бу ааспыт өрөбүл күн сарсыарда киниттэн икки “пропущеннай” кэлбит. Соһуйдум. Ол эрээри туох эрэ наадалаах буолан эрийдэҕэ диэн хардары эрийдим. Виталий Тимофеевич балыыһаҕа киирбит эбит. Араак буолбут. “Туругум үчүгэй буолбатах эрээри, санаам бөҕөх, бэринэр санаам суох. Сэтинньи 26 күнүгэр доҕотторум хаайаннар, “эмтэнэ бараргар харчы наада буолуо” диэн, кэнсиэр тэрийэн эрэллэр. Кэлэ сыдьыаҥ буолаарай, кэпсэтэ?” диэн ыйытта. Ону быһа гыммакка, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с балыыһаҕа бара сырыттым.

bljoe esbcs

– Бүгүн институппут тэриллибитэ 60 сылын көрсө ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ буолбутум туһунан докумуону тутан үөрэ-көтө олоробун. 40-тан тахса сыл үлэлээбит дьоҥҥо туттараллар эбит.

– Тыый, өр үлэлээбит эбиккин дии, эҕэрдэ!

– Наар биир тэрилтэҕэ.

– Төрдүҥ Уус Алдан этэ дуу?

– Дьонум иккиэн – мэҥэ хаҥаластар. Ол эрээри мин Уус Алдаҥҥа төрөөбүтүм. Ийэм 23 саастааҕар сахаттан бастакынан юридическай оскуоланы бүтэрбитэ. 17 буолан киирбиттэриттэн 4 эрэ оҕо бүтэрбит. 1941 с. уолаттарын сэриигэ илдьэ барбыттар. Оттон аҕам 1938 с. Москубаҕа медик идэтин бүтэрэн, 23 сааһыгар доруобуйа харыстабылын наркома И.Е. Винокуровка солбуйааччынан, ону тэҥэ ЯФАШка саабыһынан үлэлээбитэ.

Аҕам ураты дьылҕалаах

Аҕам – дьикти дьылҕалаах киһи. Ол курдук, наркомҥа үлэлии сылдьан Аммаҕа хомондьуруопкаҕа тахсар. Оруобуна ол кэмҥэ Бөтүҥҥэ оскуола умайар. Тута НКВДлар тахсан дириэктэри “норуот өстөөҕө эбиккин, оскуоланы соруйан уоттаабыккын” диэн ыкпыттар-түүрбүттэр, дэлби кырбаабыттар уонна ол ухханыгар быһаҕынан анньан, өлөрөн кэбиспиттэр. Ол кэннэ “бабат!” дэһэн, хайдах буолалларын быһаарсыбыттар. Онуоха биир киһи “куораттан улахан быраас кэлэ сылдьар. Эдэр киһи. Кинини куттаан туран, бэйэтэ ыалдьан өлбүтүн курдук докумуон оҥорторуох” диэн, аҕабын ыҥыран ылан докумуон оҥорторо сатыыллар, бэйэтин хаайаары сааналлар. Ол эрээри аҕам кыккыраччы батынар уонна түүн, бокуонньугу тиэнээт, массыынатынан куоракка күрүүр. Сиппэттэр.

Куоракка кэлэн НВКДга тиийэр, айдаан тардар. Инньэ гынан мантан Аммаҕа хамыыһыйа тахсар, олоҕо суох буруйданан хаайылла сыппыт уонунан киһини босхолууллар.

– Хорсун киһи эбит!

– Дьэ, сүрдээх. Ити кэннэ аҕабын И.Е. Винокуров ыҥыран: “Хотугу ыаллары кытта бостуой хадаардаспыккын. Ити иһин төбөҕүнэн эппиэттиириҥ буолуо. Номнуо сураһан эрэллэр, “киһигин үлэтиттэн уһул” дииллэр. Хайдах буолабыт?” – диэн Чурапчыга куоттарар, “өрөспүүбүлүкэттэн куотуоххун наада” диэн сүбэлиир. Онон бастакы ойоҕун уонна 6 ыйдаах оҕотун кытта Чурапчылыыр. Аны, айаҥҥа оҕолоро сыыстаран өлөр.

Чурапчыга тиийэн кыратык үлэлии түспүтүн кэннэ өтөр Илья Егорович “манна олох кэлимэ” диэн, Казаҥҥа үөрэххэ ыытар. Ол кэннэ хайдах булбуттара буолла, ГРУлар тахсан аҕабын аны Узбекистаҥҥа ыыталлар. Онно да уһаабат, 1941 с. от ыйын 6 күнүгэр сэриигэ барар.

– Ханна сылдьыбытай?

– Бастаан Арҕааҥҥы Кытайга. Докумуоннарыттан көрдөххө, онно ГРУ оһуобай сорудаҕынан барбыт эбит.

– Оччолорго аҕаҥ “саарбах киһи” диэн дьаралыктаах, куота сылдьар буолбатах этэ дуо?

– Анал бэрэбиэркэни ыытан быраас быһыытынан ылбыттар этэ. Кытайга тиийэн Кытай үрдүкү командованиетын, Мао Цзэдун эргимтэтин эмтээбит. Ол иһин хойукка, 1960-с сс. диэри, Саҥа дьыл аайы Кытайтан “Кытай норуотугар өҥөтүн иһин” диэн кэһии уонна биэнсийэ харчы тутара.

Кытай кэнниттэн 1942 с. Степной фроҥҥа ыыталлар. Онно И.С. Конев уонна К.К. Рокоссовскай маршаллар салалталарынан Берлиҥҥэ тиийэр. Сэриини 10500 №-дээх байыаннай-полевой госпиталь начаалынньыгынан түмүктүүр. Берлин иһигэр ханна баҕарар сылдьар анал буруопустаах эбит.

Сэрии кэмигэр барыта 3500 эпэрээссийэни оҥорбут. Ол иһигэр – Сталинград кыргыһыытыгар, Курскай тоҕойугар, Украинаны, Венгрияны босхолооһуҥҥа уо.д.а., уопсайынан, инники кирбиигэ сылдьыбыт киһи. “Дьиҥэр, быраас бөҕөтө баара. Ол эрээри биһиэхэ холоотоххо, күүлэй дьоно этилэр. Биһиэхэ, инники кирбиигэ сылдьааччыларга, ынырык үлэ буолара. Күҥҥэ 16 чаас эпэрээссийэлиирбит. Онтон илии-атах, ис-оһоҕос бөҕөтүн сыыйан, быһан бүтэн баран, тахсан барааппытын кытта, эмтээн сордоммут дьоммутун биир буомба дэлби түһэн кэбиһэрэ. Эпэрээссийэлии турдахха, сөмөлүөтүнэн кэлэн ытыалаан ааһаллара”, – диэн кэпсиирэ.

– Сэрииттэн хаһан кэлбитэй, тугу үлэлээбитэй?

– 1948 с. ССРС Оборуонатын миниистирин анал көҥүлүнэн кэлбитэ. Маленков, Генштаб салайааччыта Захаров уонна Тас эрэспиэскэ сулууспатын салайааччыта илии баттааһыннаах ыспыраапкалааҕа. Кэлбитин да кэннэ уорганнар мэлдьи бэрэбиэркэлээн бараллара. Сыл аайы хаартыскаҕа түһэрэ, онтугар хайаан да байаҥкамаат бэчээтин уурдарара. Судаарыстыбаннай дуоһунастарга үлэлиирэ көҥүллэммэтэ.

Даҕатан эттэххэ, аҕам 1929 с. Сойуус бастакы пионердарын сүлүөтүн дэлэгээтэ этэ. Крупскаяны, Ленин балта Мария Ульянованы көрөн кэлбитэ, Буденнайтан нагаан бэлэхтэппитэ. Аны, сэрииттэн кэлэрин бастакы ойоҕо күүппэтэх. Онон балачча буолан баран, ийэбин көрсөн ыал буолар.

– Бука, кытаанах майгылаах киһи эбитэ буолуо?

– Улахан саҥата-иҥэтэ суох, бэрт аламаҕай, судургу киһи этэ. Быраастар наһаа ытыктыыллара. Кэлин, мин ийэбиттэн арахсан баран, үсүһүн ойох ылан, Амма Өнньүөһүгэр учаскыабай балыыһаҕа үлэлээбитэ. Онно олорон, бэл, эрэнгиэннээх этэ; чугастааҕы балыыһалар сиэстэрэлэрин мунньан үөрэтэрэ; тыаҕа олорон быар, куртах, үөс, ис-үөс эпэрээссийэлэрин оҥороро. Биирдэ тайҕаҕа сылдьан саха быһаҕынан эпэрээссийэ оҥорбуттаах. Оннук киһи этэ.

– Быраас буол диирэ дуо?

– Биһигиттэн төһө да эрдэ бардар, мин быраас буоларбын эрдэттэн билэрим.

– Тоҕо хирург буолбатаххыный?

– Аҕам эмиэ инньэ диирэ. “Эн акаарыгын. Ити үлүгэрдээх үчүгэй тарбахтааххын, байааҥҥа оонньуугун уонна тэрэпиэпкин” диэн мөҕүттэрэ.

“Андросов кэлбит”

3e652b9b6634910564d7ebae811d362b

– Университекка 1968 с. үөрэнэ киирбитим уонна килииньикэ ординатуратын бара сырыттахпына, каадыр суох буолан, устунан үлэлии хаалбытым, күн баччаҕа диэри.

– Эйигин эдэрчи буолуо дии саныырым ээ.

– Билигин төһөнү биэриэҥ этэй? (күлэр). Мин “Туундараны” 1969 с. суруйбутум.

– Дьиҥэр, ол инниттэн суруйар буоллаҕыҥ дии?

– Ол инниттэн. 1964 с. суруйабын.

– Оччолорго ырыа суруйар муода этэ дуо?

– Суох, муусука оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Байаанынан.

– Тута ыллаабыттара дуо?

– Ыллаан. Устудьуоннар ыллыыллара. Саамай өйдөөн хаалбыт ырыам – 9 кылааска сылдьан айбыт ырыам. “Ньургуһуннар” диэн. Оччолорго Аркадий Алексеев соҕурууттан саҥа үөрэнэн кэлэ сылдьар. Аныгылыы ырыа бөҕө. Оттон миигин “аны куорат оҕолоро мелодистаан эрэллэр” диэн сүөлүргээбиттэрэ.

– Эдэргин, устудьуоҥҥун, ырыаларгын дьон ыллыыр. “Сулус” курдук сананарыҥ дуо?

– Сэргэлээх барыта оргуйан олороро эрээри, төбөм эргийбэтэҕэ. Уопсайынан, устудьуоннуу сылдьан 32 ырыаны суруйбутум. Ол иһигэр “Таптыыбын”, “Хаарчаана”, “Мин алаас уола сахабын”, “Баара буолуо”, “Туундара”, “Сибэкки биһи икки” уо.д.а. бааллара. Билигин ардыгар сорох дьон “эн баччааҥҥа диэри бааргын дуо? Эн ырыаларгын биһиги төрөппүттэрбит устудьуоннуу сылдьан ыллыыллара, эйигин кырдьаҕас киһи дии саныырбыт” дэһэллэр (күлэр).

– Оччолорго ырыаларгын хайдах айар этигиний? Көр-күлүү, үөрүү-көтүү быыһыгар тахсара дуу, анаан дьарыктанарыҥ дуу?

– Көтүмэхтик сыһыаннаспат буола сатыырым. Оттон ырыа бэйэтинэн кэлэр. Биллэн турар, ону сиидэлиигин. Ардыгар ырыа бастаан үчүгэй курдук буолар эрээри, итэҕэһэ-быһаҕаһа кэлин тахсан кэлэр.

– Кыргыттар сырсаллара дуо?

– Доҕорум-атаһым элбэҕэ, куруук оҕолор ортолоругар сылдьарым уонна билиҥҥи курдук ол-бу “успех” эҥин диэннэрин билбэтэҕим, туһамматаҕым. Оттон доҕотторбун кытта билигин даҕаны билсэбит, ытыктаһабыт. Бу ыалдьыбыппын истэн, кыргыттар ытааһын бөҕө. Урут сөбүлүүр эҥин да буоллахтарына, саха кыргыттара сэмэйдэр, санаабыттарын этэ-тыына сылдьыбаттар. Арай кэлин “эн кэллэххинэ, саҥа былаачыйа кэтэ охсорбут, “Сэргэлээххэ Виталий Андросов кэлбит үһү” дэһэрбит” диэн күлэ-үөрэ кэпсииллэр (күлэр).

Ырыа туохтан үөскүүрүй?

– Ырыа туохтан үөскүүрүй?

– Араас. Сороҕор дьикти санаа, иэйии соһуччу киирэр. Фантастика курдук. Ардыгар онтуҥ киирэн кэлбитин кэннэ, ким эрэ аралдьытан, көтөн хаалар. Холобур, биирдэ улуу убайдарым И.Федосеев-Доосо, Н.Баскаров буолан Сунтаарга хомондьуруопкаҕа сылдьабыт. Көстүүнэйгэ сытабыт. Ол сытан Доосоҕо “бырааккар биир хоһоонно бэлэхтээ, ырыа суруйуом, оттон убайбыт Николай ыллыа буоллаҕа дии, кэлин саныы сылдьыахпыт” диэтим. Киһим “оттон ыксаабыт буоллаххына, мантан ыл” диэн, саҥа бэчээккэ бэлэмнии сылдьар кинигэтин биэрдэ. Мин түбэһиэх сирэйи арыйа баттаабытым, “Алааһым арылы кустуга” хоһоон түбэстэ. Онтон матыыба бэйэтэ кутуллан кэллэ. Ньукулай киҥинэйэн ыллаан көрдө уонна “оо, дьэ, бырааттар, тугу эрэ сиикэйдиигит быһыылаах, миигин ыллатаары бэйэҕит эрдэ айан баран сылдьаҕыт” диэтэ. Оннук эмиэ буолааччы. Кэпсээтэххэ, элбэх.

– Мин эйигин урут мелодист, ырыаһыт эрэ быһыытынан билэрим. Дьиҥэр, идэҕинэн бырааскын. Аны, уопсастыбаннай үлэҥ эмиэ элбэх.

– Бу доҕотторум таһаарбыт афишаларыгар бэйэм регалияларбын көрөн, соһуйа олоробун. Ынырык карьерист киһи курдукпун (күлэр).

– Тоҕо, доҕоор (ылан афишаҕа суруллубуту ааҕабын – аапт.), СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ доруобуйа харыстабылыгар туйгуна, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, ХИФУ дассыана, “Саха” НКИХ уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, ХИФУ Мэдиссиинэ институтун бүтэрбиттэр ассоциацияларын салайааччыта, “Алампа” көҥүл түмсүү түсчүтэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Мелодистарын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх мелодист, ырыаһыт.

– Ити өссө сорҕото эрэ киирбит. “Барытыгар хайдах тииһинэн сылдьаҕын? Наар бииринэн дьарыктаммытыҥ буоллар, ордук хотуулаах буолуо этэ” дииллэр. Ону ардыгар “баҕар, кырдьык, сөпкө этэллэрэ буолуо” дии саныыбын эрээри, эмиэ да бырытыгар куһаҕана суох үлэлээбит курдукпун. Чопчу ситиһии, чахчы, баар. Холобур, Алампа аатын таһаарыы олох кыраттан саҕаламмыта. Бастаан А.Бурцев-Салҕааһынныын саҕалаабыппыт. Сайсарыга Анемподист Софронов аатынан уулусса баар. Ону бастаан “Сафронов” диэн суруйан туруораллара. Сүрэ бэрт дии. Кэккэлэһэ Чехов уулуссата сытар. Арай ону “Чахов” диэбит буоллуннар?! Син биир ол тэҥэ буоллаҕа. Айдаан тардан, сыыйа онно биир санаалаахтарбыт Тэристээх, Дабыллаах, Валентина Семеновалаах, Санаайалаах уо.д.а. кыттыһан, күттүөннээх үлэ ыытыллыбыта.

Эппиэтинэһи өйдүүрүм

– Ол саҕана 9 сыл Москубаҕа аспирантураҕа үөрэнэн баран, 15 сыл бииргэ олорбут кэргэним арахсан барбыта. Дьиэбит-уоппут суоҕа. Онон барарыгар “олорор дьиэбит да суох, манна атын киһини көрүстүм, утарыма” диэн, Аангылыйа учуонайын таптаан барбыта. Биир кыыстаахпытын илдьэ хаалбытым.

– Ойоххун төһө чэпчэкитик ыыппыккыный?

– Наһаа таптыырым. Уонна үчүгэйи эрэ баҕарарым. Тоҕо диэтэххэ, дьиэм-уотум суоҕа. 18 сыл ыалтан ыалга сылдьыбытым, Сайсарыга быыкаа уопсайга олорбутум. Аны, үлэм кэлиитэ-барыыта элбэҕэ. Онон кини даҕаны үчүгэй олоҕу оҥорбоппун билэр буоллаҕа. Аҥаардас кураанах тапталгынан тугу гыныаххыный? Онон киниэхэ үчүгэйи эрэ баҕарбытым.

– Эр киһи итинниги олус ыараханнык ылынааччы. Эн онтон сылтаан тэмтэрийбэтэххэр, иһэн-аһаан бэйэ бодоҕун сүтэрбэтэххэр туох тирэх буолбутай?

– Быраас, ырыаһыт буолан, дьон иннигэр эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүрүм уонна аҕабын төһө даҕаны үчүгэйдик билбэт, араспаанньам атын да буоллар, Сосин оҕотобун, кини аатын түһэн биэриэ суохтаахпын диэн санаам баһыйара...

– Аны кыыһыҥ да баар буоллаҕа.

– Оннук. Оҕобун сүкпүтүнэн уһуйааҥҥа илдьэрим, киэһэ лиэксийэ кэнниттэн аҕаларым. Оччолорго дьиэм олус тымныы этэ. Кыраантан биэдэрэнэн уу баһан аҕалбытым сарсыарда муостаҕа хам тоҥон хаалбыт буолара. Ол да буоллар ыал ыал курдук оннук 9 сыл олорбутум. Биллэн турар, доҕор-атас, кэлээччи-барааччы да элбэҕэ эрээри, оннук сырыттахха, киһи буолбат буоллаҕыҥ.

– Кыыһыҥ билигин улааттаҕа дии, тугу гынарый?

– Билигин Москубаҕа олорор, икки оҕолоох, быраас идэлээх.

– Иккиһин хаһан ыал буолбуккунуй?

– Онтон маннык сылдьар табыллыбат диэн, 1988 с. ыал буолбутум.

Миигин өссө успуорт быыһаабыта. Дьиҥэр, марафонецпын ээ уонна спортивнай ориентированиеҕа маастарга хандьыдааппын. Университет чөмпүйүөнэ этим.

Саамай сүрүнэ, чөл уонна илэ өйгүн ыһыктыа суоххун наада. Оттон саамай өйү сүүйээччи, санааны түһэрээччи – арыгы.

Санаам күүстээх

– Мин санаабын хаһан даҕаны түһэрбэппин. Бу билигин эмиэ. “Ыарыыгын баалаппыккын, эпэрээссийэлээбэппит, тыҥаҕар тахсыбыт, олороруҥ олох аҕыйах хаалбыт” диэтилэр. Куһаҕан буолбат дуо? Дьиҥэр, ыалдьарбын билэрим. Ол эрээри манныкка тиийбитэ буолуо дии санаабат этим. “Сылайбытым буолуо” диирим. Урукку анаалыстарым үчүгэйдэр. Ол да буоллар санаабын олох түһэрбэппин.

– Үнүр, кырдьык, “Виталий Андросов ыалдьыбыт” диэн истибитим эрээри, улаханнаттаҕа буолуо дии санаабатаҕым.

– Оннук буоллаҕа дии. Бу билигин Москубаҕа эпэрээссийэҕэ бараары сылдьабын. Онно бэлэмнии сылдьаллар. Баҕар. Табылыннаҕына. Кыайыам дии саныыбын. Дьон эпэрээссийэлэнэн ыарыыттан куотар дии. Өссө уонча сыл олоро түспүт киһи өссө үчүгэйдик үлэлиэм этэ буоллаҕа (күлэр). Арай ол эпэрээссийэлэрэ барыта төлөбүрдээх эбит.

– Араак диэтилэр дуу?

– Араак.

– Иһиттэххэ, кэриэйдэр үчүгэйдик оҥороллор быһыылаах дии.

– Ээ суох. Ардыгар табыллар, ардыгар – суох. Уонна ол кыратыгар буоллаҕа. Миэнэ аһара тэнийбит. Миэнэ миэнин курдук. Ол эрээри, этэргэ дылы, выкарабкаемся, син биир ханан эрэ быыс булан тахсыаҕым.

Инньэ гынан элбэх киһи “эн туох даҕаны аньыыҥ-хараҥ суох, биһиги харахпыт далыгар сылдьар киһигин, эйигин билэбит, кытаат!” диэн суруйда. Дьон билиниитэ киһини уйадытар эбит. Хаһан даҕаны бэйэбин оннук уһулуччу киһибин диэн санамматаҕым үрдүнэн. Бэйэбин орто киһи курдук саныыбын. Барыта дьон тэҥинэн. Ол гынан баран хаһан даҕаны туран хаалбатаҕым, олох үөһүгэр, арыт айдааны да таһааран (күлэр) сылдьыбытым.

Кыайыам! Киирсиэм!

– Виталий Тимофеевич, биири ыйытыым дуу? Бу сарсыарда эйигин кытта кэпсэтэн баран, манна кэлиэм иннинэ улаханнык санаата түспүт, үөрүөхтээҕэр-көтүөхтээҕэр биир тылы этэрэ уустугурбут киһиэхэ тиийиэм дии санаабытым. Биллэн турар...

– Куһаҕан буоллаҕа, туох аанньа буолуой (күлэр).

– Оттон бүгүн эн бэйэҥ бэйэҕинэн күлэ-үөрэ олороҕун. Эйиэхэ туох күүс эбэрий?

– Таҥара көмөтүнэн кыайыам, киирсиэхпит дии саныыбын! Оттон оннукпун ээ, кыра эрдэхпиттэн оннукпун! Хаһан даҕаны “аҕам суох, онтон ойоҕум барда, олоҕум ыарахан” диэн санаабын түһэрбэтэҕим. Барыта оннук баран иһэр уонна оттон Үөһээттэн да көрөн турдахтара. Олохпор араас уустук түгэн элбэҕэ. Ону барытын кэпсээбэтим. Биирдэ, бэл, эмтии сылдьыбыт ыарыһаҕым “бырааһым Андросов буруйдаах” диэн сурук суруйан баран, бэйэтигэр тиийинэн кэбиспитэ балыыһаҕа. “Араак буолбуппун, ону миэхэ эппэттэр” дии санаабыт. Айдаан бөҕө тахсыбыта, эспэртиисэ буолбута, ол түмүгэр төрүт даҕаны араак буолбатаҕа биллибитэ, төбөтүнэн булкуллубут. Ол барыта киһини байыас оҥорор. Көннөрү “һуу-һаа” диэн аймаммыттан туох уларыйыай?!

Манна барыта үөрэппит оҕолорум үлэлииллэр. Бу анал хос биэрдилэр. Кэргэним аттыбар баар. Миэхэ онтон ордук туох нааданый? Үлэлээ дииллэр. Онон, хата, үлэлии, суруйа олоробун.

– Оттон Москубаны туох дииллэрий?

– Үчүгэй баҕайы робот аппараат баар эбит. Ол аппараат иһирдьэ киирэн, бэйэтэ ыраастаан, ыарыыны ылҕаан кэбиһэр эбит. Онтулара Москубаҕа уонна Питергэ баар.

– Төһөнү көрдүүллэрий?

– Аҥаардас эпэрээссийэтэ 700 000 солк. Атын даҕаны хас биирдии хамсаныылара – эмиэ харчы. Ол иһин бу ыксаан, доҕотторум көҕүлээн, кэнсиэр тэрийэн эрэбит. Кэргэним бу олорор. 30 сыл бииргэ олорбут эрэллээх, таптыыр кэргэним Октябрина, саҥа үөрэхтэрин бүтэрэн атахтарыгар туран эрэр оҕолорум күннэри-түүннэри аттыбар бааллар. Мин олоххо сүрүн ситиһиим барыта – дьиэ кэргэним күүстээх өйөбүлэ. Ол иһин кинилэргэ махталым муҥура суох. Оҕолорум саҥа үөрэнэн эрэллэр. Аны, тулаайах, ийэтэ-аҕата суох оҕону иитэ сылдьабыт. Букатын кыра, инньэ 4 хонуктаах сытан тулаайах хаалбыта. Ону ылбыппыт. Онтубут улаатан, быйыл 9 кылаас буолла. Буулдьанан ытыыга 3-с эрэсэрээттээх, “Мистер школы” буолбута.

– Эмиэ эмчит буолар дуу?

– “Эһээ курдук быраас буолабын” диир.

– Кэнсиэргэр бэйэҥ баар буолаҕын дуо?

– Биллэн турар, кыттыахпын олус баҕарабын. Чэ, көстөн иһиэ.

Кэнсиэри доҕотторум бэйэлэрэ, күүстэринэн тэрийдилэр. Манна Алексей Егоров Степан Васильевтыын кэлэ сылдьыбыттара. Онно “айдааны наһаа тардымаҥ, бэйэм даҕаны быһаарыам” дии сатаабытым эрээри, кэлин ааҕан көрбүтүм, харчым олох тиийбэт эбит. Хайыахпыный, кыһалҕа кыһыл кымньыылаах. Аны туран, университетым биир-биэс харчыта суох “Сэргэлээх уоттарын” туран биэрдэ. Онон сэтинньи 26 күнүгэр, өрөбүлгэ, “Кыһыҥҥы кырыаны уулларан” диэн кэнсиэр тэрийэр буоллубут.

Кэмсиммэппин, кыбыстыбаппын

– Уопсайынан, мин туохтан да кэмсиммэпппин. Оруобуна Сэмэн Данилов эппитин курдук. Көнө суолтан туораабакка, өһөстүк баран испитим. Түмүк күҥҥэ санаатахха, чэпчэки, ыраас да эбит. Бэйэ эрэ ымсыытын биитэр аат-суол иһин уһаты-туора хаампатаҕым, таптыырым бар дьон бары таптыырын, тойон сүрэҕим туох диирин дуораччы ыллыырым. Билигин мин этэр кыахтаахпын бар дьонум иннигэр аһаҕастык: кыбыстыбаппын, сааппаппын, ырыам биир да тылыттан. Олох кыбыстыбаппын.

– Виталий Тимофеевич, кэпсэтиибитин түмүктээмиэх. Москубаттан кэллэххинэ, кэлин эмиэ салгыахпыт. Онон этэҥҥэ буол. Киирис уонна кыай!

– Хата, оннуга өссө интэриэһинэй буолуо.

А. Капрынов.