Киир

Киир

Биллии

Киһи барыта билэр дьоно бааллар. Ким да анаан суруйбатах, интервью ылбатах, тэлэбиисэргэ биэрии устубатах буоллаҕына, дьэ бу дьон тоҕо наһаа биллэллэрий? Тоҕотун толкуйдаан көрдөххө, хоруйа эмиэ да судургутук кэлэр: оннук киһи үлэтин түмүгэ оннук көстүүлээх, чаҕылхай, бэйэтэ бэйэтин кэпсии турар эбит.

МН в детстве

“Ситим” медиа-бөлөх салайааччыта Мария Христофорова олоҕун суолун, иһигэр иэйбит, сүрэҕэр сөҥпүт санааларын кэпсээбитэ ханна да суоҕун тэҥэ эбит. Уһук Илин федеральнай уокуругун саамай улахан медиа-бөлөҕүн салайааччыта тус бэйэтин олоҕун сырдатыыга хаһыат биир сирэйин анаабакка кэлбит. Ол оннугар кини ситиһиилээх үлэтин туоһулуур хайҕал, махтал бэлиэлэр Мария Николаевна хонтуоратын эркинин, ыскааптарын устун баппакка үтүрүһэллэр. Бары федеральнай таһымнаахтар. Арай... өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи билинии сэмэй курдук эбит.

С семьей

Мария Христофоровалыын кэпсэтэ олорон, кини маҥан хаардыы туналхай ньууругар сөбө суох дьиппиэн толбон, саҥатыгар булгуччулаах дорҕооннор киирэн ылалларын бэлиэтиибин. Мин иннибэр тас көрүҥүнэн – Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо, ис хаанынан – Кылааннаах Кыыс Ньургун олорор. Олох дохсун өрүһүн сүүрүктээх сүнньүнэн иннилэрин диэки дьулуруйар аныгы саха дьахталларыттан биир саамай чаҕылхайдара...

LIFU1560

“Паапа оҕото”

– Оҕо сааһыҥ саамай умнуллубат өйдөбүлэ?

– Ийэм Александра Андреевна алта оҕону төрөппүтүттэн саамай кыраларабын, улахан убайым Валерий иитиэх оҕо этэ. Аҕам Николай Евтропьевич Михайлов – биллэр адвокат. Мин кини тапталлаах оҕотобун, “паапа оҕотобун”. Биирдэ муора кытыытыгар лааҕырга сынньанан баран, Москубаттан Дьокуускайга көтүөхтээхпин. Эдьиийим Виктория Москубаҕа үөрэнэ сылдьар, аҕам эмиэ бу күннэргэ Москубаҕа кэлиэхтээх. Ол – хараҥа түүннээх, тохтор сулустаах атырдьах ыйын саҥата. Баһаатайдар “сулус түһэрин көрөөт, баҕа санааҕытын эттэххитинэ, ол санааҕыт хайаан да туолуоҕа” диэбиттэригэр, суоттаан көрөн баран, “үһүөн бииргэ Москубаҕа көрсөрбүт буоллар!” диэн аҕабар суруйдум уонна... умнан кэбистим.

Транзитынан Дьокуускайга көтөөрү Москуба аэропордугар түспүппүтүгэр, эдьиийим Вика киирэн көрүстэ. Аҕабыт суукка сылдьар буолан кыайан кэлбэтэх. Биһиги сөмөлүөппүтүгэр киирдибит. Сотору буолаат, сөмөлүөппүт хоҥноору гынан эрдэҕинэ, туох эрэ биллэриини эттилэр, мин “пассажир Михайлова...” дииллэрин эрэ өйдөөн хааллым... Арай сөмөлүөт түннүгүнэн көрбүтүм: траптаах массыына сүүрэн иһэр. Оттон ол трапка, УАЗ массыына аттыгар, мин аҕам турар уонна илиитинэн далбаатыыр! Онно үөрбүтүм саҕаны бу олоххо үөрбэтэҕим, ол – киһи биирдэ эрэ билэр үөрүүтэ буолуо.

С отцом в Москве1

– Оччоҕо аҕаҥ сөмөлүөтү тохтоппут дуо?

– Оннук! Аҕам рейси баттаһа кэлбитэ буоллар, миигин салайааччыбыттан көҥүллэтэн илдьэ хаалар санаалааҕа буолуо. Баттаспакка гынан баран,“кыра оҕону төрөппүт көҥүлэ суох илдьэ баран эрэллэр” диэн туруорсан, сөмөлүөтү тохтоппут. Оо, онно биһиги Москубаҕа үчүгэйдик да сылдьыбыппыт! Төннөрбүтүгэр эдьиийдээх аҕам икки ардыларыгар: төбөбүн аҕабар, атахпын эдьиийбэр ууран айаннаан, саха тэҥэ суох дьоллоохтук сананан кэлбитим. “Мин аҕам кыайбата, сатаабата суох” диэн санаалаах улааппытым. Кини нууччалыы да, сахалыы да тылынан суукка дьону көмүскүүр этэ. Сорох дьыаланы Москубаҕа Үрдүкү Суукка да тиэрдэн кыайара. Оскуоланы бүтэрээри сырыттахпына, кини хаайыыга киһини көрсө сылдьан сүрэҕинэн бүрүүстүгүрэн өлбүтэ. Ол күнтэн ыла олоҕум сырдыктан хараҥаҕа киирбиккэ дылы буолбута... “Аҕам суох, онон ким да миэхэ кыһаллыбат” диэн санаа бэрт кытаанахтык иҥэн хаалбыта. Мин уолум Коля Москубаҕа аҕам үөрэммит Бүтүн Арассыыйатааҕы О.Е. Кутафин аатынан юридическай академияны (урут институт этэ) бүтэрбитэ. Юрист идэтин таларыгар эһэтин туһунан мин иһирэх иэйиим дьайбыт буолуон сөп.

Оттон мин атырдьах ыйа үүннэҕинэ, хайаан да “сулустарбын” саныыбын – оҕолорбун кытта баҕа санааларбытын ырыҥалыыр идэлээхпит...

Биир сылы сүтэрбэт туһуттан

– Куоракка төрөөбүт, улааппыт кыыс тоҕо ТХИ-гэ (Т/х-тын институтугар) үөрэммитиҥ өйдөммөт.

– Оскуола кэнниттэн, эмчит буолар баҕалаах мединститукка туттарсан киирбитим. Ол эрээри, I кууруска устудьуон күргүөмнээх олоҕор төбөм оройунан түһэн, уопсастыбаннай үлэни өрө тутан, ситиспэт туруктаммытым... Билигин санаатахха, мединституппар туруулаһан хаала сатыахпын сөп эбит. Ол эрээри, дьылҕам, ыйааҕым тарда сыттаҕа... Онон сылбын сүтэрбэт туһуттан, Т/х-тын институтугар көспүтүм. Үлэһит буола охсон бэйэбин бэйэм ииттэр былааннааҕым. Бу институкка киирбиппин букатын кэмсиммэппин – бүгүҥҥү ситиһиим түөрэҕэ онно олорбут эбит дии саныыбын. Бэйэбиттэн саастаах, тыа сирин үлэтин-хамнаһын барытын көрбүт сахалыы номоҕон майгылаах дьону кытта үөрэнэммин, ол саҕана нууччалыы эрэ чобугуруур кыысчаан сахалыы саҥарар, ааҕар-суруйар, тыа сирин олоҕун сэргиир-кэрэхсиир майгыламмытым. Аны туран, төһө да куорат кыыһа аатырдарбын, сүөһү-ас, оҕуруот үлэтин кимнээҕэр билэн улааппытым. Сайсарыга, оччотооҕунан “Сайсаарга”, олбуордаах улахан дьиэҕэ олорбуппут. Дьонум биэскэ диэри ынах сүөһүнү, сибиинньэни туталлара, оҕуруот аһынан бэйэбитин бэйэбит хааччынарбыт.

– Дипломҥун ханнык тиэмэҕэ анаабыккыный?

– “Туох барыта оҕо саастан саҕаланар” диэбиккэ дылы, аҕам хоту элбэхтик командировкаҕа сылдьар этэ. Онтон наһаа элбэх кэһиилээх күө-дьаа буолан кэлэрин, адаар муостаах табалар, туундара тумара ньуурун туһунан кэпсиирин остуоруйа аптаах дойдутун курдук харахпар ойуулаан көрөрүм. Аҕам аатын ааттаан эҥээркэй саҥалаах, элэккэй бэйэлээх хоту дойду дьоно кэлэн уончалыы хонон бараллара. Мин кинилэрдиин олус тапсарым. Биирдэ миэхэ хотуттан кэлбит саастаах далбар хотун муус маҥан түү бэргэһэни аҕалбыта. Аны санаатахха, кырса буолуо. Ол бэргэһэ миэхэ наһаа барсар этэ. Сиэркилэҕэ бэйэбин аан бастаан биһирэнэ көрбүт түгэним ол бэргэһэни кытта ситимнээҕэ. Онтон дипломмун оҕо эрдэхпиттэн ыраахтан таптыы улааппыт кыылбар – табаҕа – анаабытым, “Безотходная технология в традиционных отраслях Севера” диэн. Үөрэнэ сылдьан практикаҕа Томпо улууһун Тополинайыгар аатырбыт Кладкиҥҥа, Аллайыахаҕа, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ үөрүүнэн барар этим.

Т/х-тын министиэристибэтин иһинэн “Агроинформ” диэн типография тэриллибитигэр үлэлии сылдьан, бэрэсидьиэн М.Е. Николаев түргэнник ситэр салааны көҕүлүүр дьаһалыгар үлэлэспитим. Чоппуускалары, сибиинньэ оҕолорун ыалларынан түҥэтэ сылдьыбыт кэмнэрин дьон өйдүүр буолуохтаах. Олору дьон хайдах харайалларын билбэккэ элбэхтик мунаараллара. “Бу маны дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэй баҕайытык быһааран биэрбит киһи баар ини!” диэн санаа киирбитэ. Инньэ гынан, үөрэтэр ис хоһоонноох “Байылыат” диэн брошюра бэчээттээбиппит. Онтубутун дьон олох былдьаһыгынан ылар этилэр. Иккиһин элбэтэн бэчээттээн баран, санаабытыгар тос курдук сыаналаан, т/х-тын быыстапкатыгар атыылаабыппыт эмиэ олус хамаҕатык барбыта. Онно мин санаатаҕым дии, “дьоҥҥо туһалааҕы бэчээттээн харчы киллэриэххэ сөп эбит” диэн.

Эр киһи уонна күүстээх дьахтар

– Эн оскуола саҕаттан уолаттар болҕомтолорун тардыбыт буолуохтааххын?

– Мин оскуола олоҕун оргуйар үөһүгэр сылдьар, наһаа элбэх куруһуокка дьарыктанар, муусука оскуолатыгар фортепиано кылааһыгар үөрэнэр оҕо этим. Ону таһынан улаатар кэммэр эдьиийдэрим, убайдарым киин куораттарынан үөрэнэ барбыттара, онон ийэм үлэтигэр көмөлөһөр этим. Онон уолаттар сыһыаннарын болҕойо сатыыр солом да суох буолаахтыа. Мэлдьи киэһэ хойутаан, Сайсары эҥээр дьэллик ыттартан куттанан сүүрүүнэн дьиэбин буларбын өйдүүбүн.

Бастаан тапталга билиммит киһим – кэргэним Роман Христофоров. Саахсаланар күммүтүгэр кини: “Миигин Москубаҕа аспирантураҕа ыҥырдылар, барарбын-суохпун эн быһаар”, – диэбитэ. Мин хайдах ону бохсуохпунуй, онон иккиэн 90-с булкуурдаах кэмнэр саҕаланыыларыгар Москубаҕа көппүппүт. Олох-дьаһах көрөн турдахха ыараан барбыта да, эдэр, таптаһар дьоҥҥо барыта үөрүүлээх, сырдык, чаҕылхай курдук этэ. Оннук дьоллоох долгуҥҥа уолбут Коля үөскээбитэ. Кэргэним кандидатскайын суруйар, көмүскүүр унньуктаах кэмэ саҕаламмыта, мин кини таһыгар баар буолар туһугар Плеханов академиятын куурустарыгар үөрэммитим.

– Онтон уһуннук олорботох эбиккит дии?

– Ити кэмҥэ дойду үрдүнэн киһи иилэн ылбат олоҕо саҕаламмыта, наукаҕа сыһыан адьас да мөлтөөбүтэ. Роман аспирантураны бүтэрэн кэлэригэр түптээх үлэ көстүбэтэҕэ, мин буоллаҕына олоххо чиҥник үктэммитим. Кини үөрэнэ сылдьар кэмигэр оҕобун бэйэм улаатыннарбытым, дьиэ-уот тэриммитим. Быһата, биһиги тапталбыт тургутууну ааспатаҕа. Аҕабыт биһиги туспутугар ыараханнары туоруур эр санааламматаҕа, оттон мин кини хаһан бигэ туруктанарын тулуйан-тэһийэн күүтэр киэҥ көҕүстэммэтэҕим. Арахсыбыппыт кэннэ Роман идэтинэн үлэни акыйаан нөҥүө булан, Эмиэрикэҕэ көспүтэ. Онон, арахсыы мэлдьи куһаҕаны эрэ аҕалар буолбатах быһыылаах.

– Улаатан эрэр оҕолоох аҥаардас дьахтар өссө оҕолонорго сананара диэн бэйэтэ хорсун быһыыга тэҥнээх дии. Ордук билиҥҥи иннэ-кэннэ биллибэт олоххо.

– Надюшабын улахан тапталтан төрөппүт дьоллоохпун. Дьахтар билиҥҥи кэмҥэ эр киһиэхэ сыһыана дьиҥнээҕин мэктиэлээн оҕону төрөтөр. Чэпчэки сыһыантан дуу, көрүлээн дуу бүтүн киһини төрөппөккүн... Кини улаатарыгар уолум, Колям, аһара көмөлөспүтэ, эдьиийдэрим күн баччааҥҥа диэри күүс-көмө, сүбэһит-амаһыт буолаллар. Коля билигин да “оҕотун” кылгас кэмҥэ көрбөтөҕүнэ ахтан иэдэйэр.

– Эр киһиттэн хомойдоххуна, таптал иэйиитин кэлэйии солбуйар курдук буолбатах дуо?

– Олох аһыытын-ньулуунун билбит икки киһи көрүстэҕинэ, кинилэри өссө оҕо ситимниир буоллаҕына, атына суолтата суох курдук буолар эбит.

– Эр киһи кэтит көхсүгэр саспыт, мөлтөөн-ахсаан, үҥсэргээн ылбыт кэмнээххин дуу?

– ...Олохпор ол эрэ итэҕэс эбит. Төттөрүтүн, уоскутааччы, киһи санаатын өрө көтөҕөөччү, кыайыыга кынаттааччы мин буолар этим... Эр дьон наһаа уйаннар ээ. Дьиҥнээхтик өйдүүр, өйүүр дьахтар аттыгар суох буоллаҕына ыһыктынан да кэбиһиэхтэрин сөп.

Оттон мин дьылҕабар махтанарым диэн – оҕолорбун күн сирин көрдөрөн, эр киһи өйөбүлүн билбит да курдук сананан олорон бэйэбин ыһыктымматахпар, кимиэхэ да буолбатах, бэйэбэр эрэлбин сүтэрбэккэ салгыы хамсаммыппар, бэйэбин сайыннарбыппар. Дьол да, таптал да, ким эрэ бэлэмэ да муҥура суох буолбаттарын сэрэйбит эбиппин.

– Үһүс оҕону иитэ ылбыккын истэммин соһуйдум ээ. Оҕону биэбэйдииргэ соло-билэ олус элбэх барар дии?

– Дьүөгэм хоту олорор тастыҥ балтын ийэ быраабыттан быһыахтаах этилэр. Ол дьыала быһаарыллыар диэри оҕону Дьокуускайга ыыппыттарын кини миэхэ аҕала сылдьыбыта. Хаста да кэлэ сылдьыбыттара, балыыһаҕа көрдөрөллөрүгэр көмөлөспүтүм, устунан убанан барбытым. Ийэтэ оҕо көрөр бырааба быһыллыбыта, кырдьаҕас аймахтара иитэр кыахтара суоҕа, дьүөгэм эпэкиин буолаары сүүрэ сатаабыта да, бэйэтэ эмиэ оҕолордоох уонна бүрүкүрээтийэ ирдэбилигэр эппиэттэспэт буолан, оҕону детдомҥа ыытарга быһаарбыттара. Ити кэмҥэ Дьахталлар сийиэстэригэр “2015 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕо диэн суох буолуохтаах” диэн ыҥырыы тахсыбыта. Оттон мин хараҕым ортотугар оҕону детдомҥа ыытан эрэллэрэ. Ол иһин мин дьүөгэбэр “Ньургуну бэйэбэр суруйтарыам, иккиэн көмөлөөн көрүөхпүт” диэн тыл көтөхпүтүм. Докумуон хомуһуута улаханнык салыннарбыта да буоллар, барытын ситиспитим. Ньургунум билигин 4-с кылааһы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрдэ, успуордунан, муусуканан сөбүлээн дьарыктанар. Сыл ахсын Ньурба Маалыкайыгар, Хаҥалаһыгар сайылаан сахалыы сайаҕастык саҥарар, улаатар.

с детьми

Олох умсулҕана

 

– Сарсыардаттан күнүҥ барыта аттарыллан, сарсыҥҥыҥ бүгүҥҥүттэн саҕаланан барар дуу?

– Наһаа “икки хараҥаны тэҥнии сылдьар, үлэнэн эрэ олорор” дии саныыр сыыһа буолуо... Олох умсулҕана миигин сиэтэр, күн күлүмэ иэйии буолан кэлэрэ, саҥа арыйыылар, соһуччу үөрүүлэр киһини бэйэлэринэн сырсар курдуктар ээ. Сарсыарда күн сардаҥатын оонньото сылаанньыйар көҥүлү, эбэтэр эр киһи хайгыыр хараҕын батыһыннара куота көтөр тэбэнэти, туманнаах Туймаадаттан сыралҕан куйаастаах күөх муора кытылыгар баар буолан хаалар алыптаах туругу бэйэбэр бэлэхтиир кыахтаахпыттан үөрэбин.

– Наһаа чэбдик көрүҥнээххин. Ити айылҕаттан дуу, эмиэ үлэ түмүгүттэн көстүү дуу?

– Өйдөөн көрөөр эрэ, олохторуттан дуоһуйар дьон чэбдик көрүҥнээх буолаллар. Сөбүлүүр үлэлээх, таптыыр дьонноох-сэргэлээх, доҕоттордоох дьон харахтара олох атын буолар. Сорохтор сөбүлээбэт үлэлэригэр умса-төннө, наһаа сэниэлэрин эһэ үлэлээн эбэтэр тордурҕас майгыларыттан эрдэ кырдьаллар дии саныыбын.

Мин элбэх косметиканы да, анал диетаны да туһаммаппын тулалыыр дьонум бары билэллэр. Көннөрү, үлэбин таптыыбын, сарсыҥҥы күнү үөрэ күүтэбин, сүрэҕим этэринэн үөрэбин-хомойобун.

–Ол аата олоххуттан дуоһуйар буолан чэбдик-сэргэх көрүҥнээххин?

– Киһи тас көрүҥэр олоҕу төһө таптыыра, толору олороро көстөр.

“Кыымтан” кытыастыы

– Суруналыыстыка диэн, айар эйгэ буоларын быһыытынан, олус көҥөс эйгэ. Анал идэтэ суох киһи идэтийбит дьоҥҥо салайааччы буолан кэлииҥ – чахчы хорсун хардыы.

– Айар дьон уратыларын, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уустугун ол саҕана хайдах баарынан билэрим буоллар, бука, бу эйгэҕэ наһаа хорсуннук киириэм суоҕа эбитэ буолуо. Мин билбэппэр тэптэрэн, үлэни үлэ курдук санаан кэлбитим. Ол эрээри хорсун быһыыттан эрэ туох эмэ саҥа саҕаланар.

Мин “Кыымы” сөргүтэр санаалаах бастаан кэлэктиипкэ кэлбиппэр ким да үөрэ көрсүбэтэҕэ, итэҕэйбэттэрэ көстөн турар этэ. Хомолтолооҕо диэн, “Кыымы” умулуннарбакка харааннаан кэлбит, сахаттан бастакы үрдүк үөрэхтээх суруналыыс дьахтар – номоххо киирбит Федора Петровна Егорова – суох буолбут кэмэ. Хаһыат типографияҕа иэс бөҕөлөөх, үлэлиир быыкаайык хоһун төлөбүрүн да кыайбат, үлэһиттэр хас эмэ ый хамнас ылбатахтар. Эбиитин, сотору-сотору киирэн “хоһу босхолооҥ, барыҥ мантан!” диэн үүрэ сатыыр кэллиэгэлэр бааллар эбит. Ол да үрдүнэн үлэһиттэр туораттан кэлбит билбэт дьахталларын (миигин) хаһыат эйгэтигэр чугаһатар санаалара суох этэ. Мин Федора Петровнаны бэйэтин баттаспатах буоламмын, оҕолорун кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, былааннарбын кэпсээбитим. Кинилэр сөбүлэҥнэрин ылан баран, суруналыыстарбын кытта эмиэ кэпсэтэн көрдүм. Онуоха Владимир Степанов, билигин мин солбуйааччым, быһаччы: “Хамнас төлүүгүн дуо?” – диэн ыйытта. Ону мин “урукку иэһи саппаппын, оттон бэйэм салайан барбыт кэммиттэн төлүүбүн” диэтим. Ол да үрдүнэн дьонум букатын итэҕэйбэтэхтэрэ,“дьэ, тугу гынар эбиккин?” диэбиттии көрүү-истии буолбута. Оттон мин, көҥүл ылбыт курдук сананан, сыыйа-баайа үлэбин саҕалаатаҕым дии.

Ол эбэтэр, мин “Кыымы” ким да былдьаспат кэмигэр кэлбитим. Эркин нөҥүө судаарыстыбаттан үбүлэнэр атын ааттаах мааны хаһыат үлэлиирэ. “Кыым” уота хаһан бүтэһиктээхтик кыламнаан умулларын кэтэһэр курдуктара. Ити кэлин үбүлүөйү эҥин былдьаһыы “Кыым” тиллэн, уоттанан-төлөннөнөн, ааҕааччыны тардан барбытыгар эрэ саҕаламмыта... Хайыаҥый?

Дьэ ол кэлэн, бастаан туох-ханнык балаһыанньа баарын билээри, миэстэтигэр тиийэн социалогия ыйытыгын ыытан турардаахпыт: дьон-сэргэ тугу билиэн баҕарарын, туох долгутарын...

Ол кэннэ Илин эҥээр улуустарыгар тахсан дьону-сэргэни кытта көрсүһүүлэри тэрийэн барбыппыт. Ити иннинэ хаһыат дьоно ааҕааччылары кытта атах тэпсэн олорон көрсүһүүлэрэ бэрт кэмчи эбит этэ. Онон дьон кэлиитэ олус көхтөөх, хас биирдии нэһилиэккэ киэһэ хойукка диэри олорон, дьиэлэригэр баран хотоннорун бэрийэн кэлэ-кэлэ, кэпсэтэллэр этэ. Ол көрсүһүүлэргэ суруналыыстары кытта “Кыымы” өйүүр, саха тылын, омук кэскилин туһугар сүрэхтэринэн ыалдьар ытык-мааны дьон, суруйааччылар сылдьыспыттара.

DSC 0318

– Барыларыгар командировка эҥин төлөөтүҥ дуу?

– Хайдах төлүөм суоҕай? Бастаан бүтүн оптуобус киһи ыйы быһа сылдьарын, уматыкпын эҥин ааҕан баран саллыбытым эрээри, бу сырыыттан кэлэр дьылҕабыт барыта тутулуктааҕын санаан, иэскэ киирэ-киирэ, ол айаннары тэрийбитим. Бу айаммытыгар биһиги, ааҕааччылары эрэ буолбакка, үтүө доҕоттору уонна, саамай сүрүнэ, кыахтаах суруналыыстар “Кыымҥа” эрэнэн кэлэллэрин ситиспиппит. Холобур, билигин сүрүн эрэдээктэринэн үлэлиир Иван Гаврильев ол саҕана “Саха сирэ” хаһыат үлэһитэ этэ. Уоппускаҕа сылдьан, арааһа чуҥнуу, билэ-көрө айаҥҥа барсан баран, устунан “Кыымҥа” хаалбыта. Федора Егорова тиһэх күнүгэр диэри бэриниилээхтик бииргэ үлэлэспит Владимир Степанов, Нина Герасимова, Туйаара Сергеева, Аграфена Иванова, Евдокия Дьяконова күн баччааҥҥа диэри “Ситим” ситиһиилэрин уһанса сылдьаллар. Тыа хаһаайыстыбатын институтугар бииргэ үөрэммит дьүөгэм Марфа Корнилова мин “Кыымы” сөргүтэрбэр уонча сыл устата биһиги тэрийэр араас бырайыактарбытын иилээн-саҕалаан менеджердээн кэлбитэ. Кини сатабыллаах салалтатынан “Кыым” үлэһиттэрин айымньылаах айаннара, сүүйүүлээх сурутууларбыт үгэскэ кубулуйбуттара. Хаһыат сүһүөҕүн буларыгар Уххан эмиэ уһулуччу өҥөлөөҕүн тоһоҕолоон бэлиэтиэхтээхпин. Элбэх санааны сахпыта, үлэлииргэ-хамныырга, хорсуннук хардыылыырга көҕүлээбитэ. Онтон биһиги кэккэбитигэр Виталий Иванов-Сур, Афанасий Гуринов-Арчылан, Михаил Семенов-Серкан киирбиттэрэ. Ол кэмнэргэ “Кыым” иһинэн “Өлүөнэ сарсыардата” диэн сыһыарыыны М.Ефимов, С.Руфов, Е.Неймохов, В.Сивцев уо.д.а. суруйааччылар таһаарар этилэр. Дапсы кэлэн таба суруйууну үөрэтэрэ.

“Кыымтан” төлөн саҕыллан, сыыйа, айар кут күрүлгэнэ буолбут “Күрүлгэн” сурунаал (бас дьаһабыл Афанасий Гуринов-Арчылан), ыччат сайдам сурунаала “Хатан” (сүрүн эрэдээктэр Егор Николаев), тыа ыалын суолдьут сурунаала “Байдам” (эрэдээктэр Илья Оконешников), оҕо сурунаала “Бэлэм буол+ (эрэдээктэр Ангелина Кузьмина) баар буолбуттара.

– Дьахтар салайааччыны, сорох тэрилтэлэргэ, соччо ылынааччылара суох ээ. Оннугу билбэтэҕиҥ дуо?

– Мин, “Бэлэм буол+” атын, таһаарар уонунан хаһыатым-сурунаалым сүрүннүүр эрэдээктэрдэрэ бары – эр дьон. Көннөрү да эр дьон буолбатах, бары талбыт курдук таһыччы талааннаах, үтүөкэн көрүҥнээх, суруналыыс идэлэрин, саха тылын туохтааҕар да үрдүктүк тутар дьон. Ардыгар тыл ханнык эрэ дэгэтин, сыһыарыытын уустуктарын туһуттан мөккүһэн, уолуктаһан да тураары хаайаллар. Ол барыта – үлэ сиэринэн. Мин кинилэргэ үлэлииллэригэр сөптөөх быһыыны-майгыны тэрийэбин, оттон айар үлэлэригэр орооспоппун, көҥүлү биэрэбин. Миэхэ салайааччы быһыытынан эрэнэллэр, оттон мин кинилэргэ эрэнэбин.

IMG 7236

– Тобулан таһаарбыт үлэҥ-хамнаһыҥ наһаа элбэх. Барыта да сүрэххэр чугас буолуо эрээри, барыларыттан ордук истиҥник саныырыҥ баар дуу?

– “Кыым”. “Кыым” миигин дьоммун-сэргэбин, төрөөбүт норуоппун, өбүгэлэрим үйэлээх муударастарын, саха омук үөскээбит алаастарын-сыһыыларын, хочолорун-тыаларын кытта ситимнээтэ. “Кыым” нөҥүө Арассыыйа бэчээтин эйгэтигэр биллиим, онтон кэлбит наҕараадаларым миэхэ наһаа суолталаахтар, күндүлэр.

“Кыымнар” аҥаардас сонуну тиэрдээччи эрэ буолбатахпыт, биһиги өрөспүүбүлүкэбит, норуоппут олоҕунан олоробут...

Наталья МИХАЛЁВА-САЙА

(“Алгыстаах ааттар” сурунаалга суруйуутуттан кылгатыы).

13

 

“Ситим” медиа-бөлөх ситиһиилэрэ

“Ситим” МБ 2011 сыллаахха “Хомус (варган) аан дойду култууратын эйгэтигэр” бырайыагын иһин, Арассыыйа “Үрүҥ көмүс охчут” (“Серебряный Лучник”) национальнай бириэмийэтин дипломана.

“Ситим” таһаарыылара РФ Тиражка национальнай сулууспатын “Тираж – сыл рекорда” бириэмийэтин лауреаттара буолбуттара: “Кыым” (2009, 2015 сс.), “Спорт Якутии” (2011, 2012, 2013 сс.), “Хатан” уонна “Күрүлгэн” (2010, 2011, 2012, 2013, 2014 сс.).

2013 с. “Ситим” МБ “Оһуокай синергията аан дойду култууратын эйгэтигэр” бырайыагын иһин, РФ “Үрүҥ көмүс охчут” (“Серебряный лучник”) национальнай бириэмийэтин дипломана.

2015 с. түмүгүнэн “Хатан” сурунаал Арассыыйаҕа “Атыынан тарҕаныы бастыҥа” (“Лидер продаж”) бириэмийэтин лауреата буолбута.

2015 сыл түмүгүнэн “Кыым”, дойду 10 бастыҥ хаһыатын кэккэтигэр киирэн, “Национальнай пресса” бириэмийэ лауреата буолбута.

2016 сыл бастакы аҥаарын туругунан, “Кыым”, “Күрүлгэн”, “Байдам” Арассыыйа “Сурутуунан тарҕаныы бастыҥа” бириэмийэтин лауреаттара буолбуттара.

СӨ Суруналыыстарын сойууһун куонкуруһугар “Кыым” хаһыат 2008, 2015 сс. “Сыл хаһыата” үрдүк ааты ылбыта.

“Кыым” быһаччы кыттыытынан Гиннесс рекортара олохтоммуттара: Хомус, Оһуокай, Кымыс, Саха таҥаһа.

Санааҕын суруй