Киир

Киир

Бүгүн Ил Дархан  Айсен  Николаев төрөөбүт күнэ

Айсен Сергеевич Николаевы төрөөбүт күнүнэн    итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Дьоҥҥор-сэргэҕэр истиҥ сыһыаҥҥын, сырдыгынан сыдьаайар үтүө санааҕын, бастыҥ майгыгын, дьаныардаах үлэҕин-хамнаскын биһириибит, дьоһуннаах ситиһиилэргиттэн үөрэбит, Эйигинэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут! Ол иһин бу үөрүүлээх күҥҥэр тыл мааныта, бастыҥа Эйиэхэ ананнын, бар дьонуҥ үтүө алгыһа инники олоххун түстээтин, арчылаатын!

Инникитин даҕаны үлэҥ-хамнаһыҥ таһаарыылаах, кыайыы-хотуу көтөллөөх, үүнүү-сайдыы аргыстаах буоллун! Тус олоххор дьолу-соргуну, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, үтүмэн үгүс ситиһиини баҕарабыт! Торумнаабытыҥ тобуллан, саҕалаабытыҥ саргыланан, санаабытыҥ сатанан, туппутуҥ тупсан истин!

Эҕэрдэҕэ биһиги ааҕааччыларбыт кыттыһаллар уонна бэйэлэрин хоһооннорун аныыллар.

* * *

Будулла бурҕайар тумарык быыһынан,
Тоһуттар тымныылаах чысхааны силэйэн,
Бар дьоҥҥор сырдыгы арыйар аналлаах,
Күн көмүс сылааһын көрдөрөр ыралаах
Бу орто дойдуга күн сирин көрбүтүҥ,
Ийэлээх аҕаҕын дьоллооҥҥун үөрпүтүҥ!

Инники олоххор эрэли үөскэтэн,
Күөрэйэн тахсыаххын курдаттыы сэрэйэн,
Аал уоту аһатан ааттаһан алҕааннар,
Айыыттан көрдөһөн Айыы Сиэн диэбиттэр,
Ол күнтэн сырдыкка тардыһан барбытыҥ,
Өр-өтөр буолбакка, бигэтик хаампытыҥ!

Кырылас кумахтаах, оо, Бүлүү эбэҕэ
Умсаахтаан дьоллоох кэм - оҕо саас - аастаҕа,
Төрөппүт иитиитэ, оскуола үөрэҕэ -
Инники олоххор бэлэми биэрдэҕэ,
Хорсуннук МГУну арыйан киирдэҕиҥ,
Кыһаллан үөрэнэн, эн туйгун буоллаҕыҥ!

Ол кэмтэн салайар үлэҕэ ылсаҥҥын,
Билиигин-көрүүгүн, дьоҕургун көрдөөртүҥ,
Ол иһин бар дьонуҥ эрэлин ылаҥҥын,
Кыайыыны ситиһэн, Ил Дархан буолбутуҥ,
Дойдубут туһугар санааҕын уураҥҥын
Инники олоҕу сайдыыга туһаайдыҥ!

Арассыыйа киэҥ нэлэмэн иэнигэр
Бу тыйыс дойдулаах Сахабыт сиригэр
Сүүс омук сомоҕо түмсүүтүн биллэрдиҥ,
Дабайар аартыктаах бу суолу арыйдыҥ!
Бар дьонуҥ бу сылы уруйдуу көрүстэ,
Иллээхтик тэринэн биир иигэ түмүстэ!

Кэскиллээх санаабыт биһиэнэ сандаархай,
Сайдыыга сорукпут - дьэ, кырдьык, баһырхай!
Ил Дархан, Эйиэхэ - эрэлбит улахан,
Эн үлэҥ түмүгэ, оо, буоллун балысхан!
Ол иһин Эн ааккын бу күҥҥэ ааттыыбыт,
Төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэ аныыбыт!

Алаһа дьиэбитин курас тыал хоппотун,
Сып-сылаас сыһыаммыт сойору билбэтин,
Дьол-үөрүү аргыстаах чэгиэнник олоруох,
Уйгулаах чорооммут быйаҥын толоруох,
Кэнчээри ыччаппыт кэскилэ үрдээтин,
Күн көмүс күлүмэ сырдыгы саҕыахтын!

Алексей ТАТАРИНОВ -УДЬУРҔАЙ .

Нам улууһа, Нам.

* * *

Дьол кыымнаах бу   дьоро түгэҥҥэ
Эйиэхэ төрөөбүт күҥҥүнэн
Сулустар туманы силэйэн
Ыыталлар ыраахтан эҕэрдэ!

Кыыгынас муус кыаһаан кырыалаах
Хотугу тоҥ сиргэ ыйаахтаах
Бар дьонуҥ Эйигин кэтэһэр,
Байылыат олоҕун түстэнэр.

Биир ньыгыл ыстааллыы кытаатан,
Төрөөбүт дойдуну барҕардан,
Кэскиллээх олоҕу тутарга
Күр күүс баар Сомоҕолоһууга!

Эрэнэр Сахабыт дойдута
Умайар төлөннөөх сүрэххэр!
Инники олоҕо, дьылҕата
Aйыллар Эн бигэ илиигэр!

Мэһэйи, буомнары 
Эн тэлэ,
Туохтан да чаҕыйан бэттимэ!
Үс сахаҥ үөрүүтүн үрдэтэ,
Ыраахтан, ыардартан кэхтимэ!

Татьяна ВИНОКУРОВА-САБЫЙА.

Эҕэрдэни кытта “Кыым” норуот хаһыата, “Күрүлгэн” сурунаал уонна “Кыым.ру”.