Киир

Киир

"Сүттэ! Сураҕа суох!"
Суоһар сурук кэллэ
Сэрии толоонуттан!
Суох, сүппүт көстүө!

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.38 1 

Саллаат Анемподистов (Алампадьыыстап) Егор Васильевич, Болугур нэһилиэгин чулуу үлэһитэ, Димитров колхоз чилиэнэ сураҕа суох сүппүтүн туһунан хара сурук 1943-44 сс. Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар ийэм аах дьиэ кэргэттэригэр ыар сонун буолан кэлбитэ. 

Оччолорго сэрии толоонуттан сураҕа суох сүппүттэри норуот өстөөҕүн курдук көрөллөрө, ол иһин сэриигэ өлбүттэр огдооболоругар оҕолоругар биэрэр паектарыттан, Дьөгүөр дьонун матараллара. Ийэм иккис кылаастан үөрэҕиттэн уурайан, ыар сурахтан атаҕынан сытынан кэбиспит, эбэтин көрөрө. Сайынын оҕус сиэтээччи, бугул түгэҕэ харбааччы буолан колхоз үлэтин кыра сааһыттан билбитэ.

Күүтүүлээх, харах уулаах Кыайыы буолан саллааттар дойдуларыгар кэлитэлээн барбыттара... Ийэм Агафья, балта Нюрбиналыын ээр- сэмээр эмиэ аҕаларын күүтэллэрэ, эбэбит Марфа  Семеновна кэлбит саллааттартан кэргэнин сураһара да ким да тугу да билбэт этэ.

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.36

Сыллар хонуктар ааһан эйэлээх олох күөстүү оргуйбута, олох- дьаһах сыыйа көнөн барбыта. Кыайыы күнэ сыл аайы  бэлиэтэнэрэ. Сүтүктээх сүүс айыылаах дииллэринии,  баҕар эргиллэн кэлиэ диэн, ийэм  эбэбинээн кэпсэтэллэрэ . Мин эмиэ  кэлиэ диэн сэмээр күүтэрим. Хаһан да харахтаабатах эһэбин АЛАМПА ДЬӨГҮӨРҮ. Хойукка диэри күүтэрим,  эһэлээх оҕолорго ымсыыран. Хаартыскатын көрө -көрө кини курдук дьону көрдүүрүм...

Күүтэрбит, син биир көрдүүрбүт. Кэлин, үйэ сайдан, хос сиэннэр интернет хонуутуттан 1943 с. Орловскай уобаласка кулун тутар 8 күнүгэр геройдуу охтубуттарга  хос эһэлэрин аатын булан ылбыттара. Бу биһиги дьиэ кэргэҥҥэ туохха да кэмнэммэт үөрүүлээх сонун буолбута. 

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.37

Мин эһэм ир суолун ирдээн, тор суолун тордоон 2019 с. ыам ыйыгар Орловскай уобаласка Залегощкай куорат оройуонугар тиийбитим. Красное Поселение нэһилиэнньэтин иһин кыргыһыыга 1943 сыл кулун тутарга кимэн киирэн иһэн охтубуттар көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбүт сиригэр Мемориал аһыллыбыт этэ. Олохтоох музейга Максим пулемет уоһа ууллан, ханньары барыар диэри ытыалаһан хас да сиринэн бронята дьөлөҕөстөнөн көрдөрүүгэ турара. Ол уоттаах кыргыһыыттан ордубут дьон кэпсээннэринэн Алампа Дьөгүөр  напарнигын сүтэрэн, соҕотоҕун  пулеметын соһо сылдьара диэн. Улахан доруобай киһи ыран хаалбыт этэ диэн сэрииттэн эргиллибит минёр биир дойдулаахпыт Сысолятин Василий Поликарпович бүтэһик көрсүһүүтүн кэпсээбитэ. Кини Аҕата Байыкаар сахаҕа улахан 190 см үрдүктээх оҕонньор.

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.36 1

1970 с. кэпсээбитинэн: "Эһэҥ Алампа Дьөгүөр миигиттэн төбөнөн үрдүк, 2 миэтэрэттэн тахсалаах үрдүк, олус күүстээх, кыанар киһи этэ. Сэрии иннинэ Улахан Алааска балаҕан туппуппут. Эһэҥ Алампа Дьөгүөр балаҕан сис өһүөтүн соҕотоҕун өрө анньара", – диэн эппитэ.

Красной Поселениеттан фашистары үүрбүттэрин кэннэ, олохтоохтор кэрийэн 1000-нан өлбүт саллааттар көмүс уҥуохтарын хомуйа сатаабыттар. 

"Ордук биир пулеметтаах азиат саллаат халыҥ хаарга туран эрэ тоҥон хаалбыта, тыыннаах курдук көстөрө үһү. Ол саллаат олус улаханыттан, оччотооҕу оҕолор өйдөрүгэр хатанан хаалбыт. Ону пулеметун көрөн сөхпүттэр. Уоһа итийэн ханньары барыар диэри ытыаласпытын. Ол дьыл олус  хаардаах эбит. Үгүс саллааттар халыҥ хаарга турбутунан өлбүттэр этэ. Көрөргө дьулаан, хааман иһэр курдуктара", – диэн кэпсээбитэ музей үлэһитэ.

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.39

Онон буоллаҕына, эһэм Алампа Дьөгүөр геройдуу охтуута буолуон сөп курдук. Эһэм уҥуоҕар тиийэн мемориальнай дуоскаҕа аатын суруттарбытым. Дойдутун буорун, кыыһа оҥорбут алаадьытын илдьэн эһэбэр уонна онно охтубут Саха саллааттарыгар санаабын этэн, Амма биэрэгэр үүнэр боҕуруоскай сибэкки сиэмэтин ыһан кэлбитим. 

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.37 1

Музей үлэһиттэрин кытта суруйсабын. Кыайыы 75 сылыгар ыҥырыллыбытым да, пандемиянан тэрээһиннэрин тохтотоннор, барбатаҕым. 

Үүнэр Кыайыы күнүгэр эһэбин Алампа Дьөгүөрү чиэстэһэ, киниэхэ сүгүрүйэ кини мэтириэтин тутан харах уулаах параадка тахсыаҕым!!!

WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.38WhatsApp Image 2022 05 04 at 08.32.39 1

Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма, РФ художниктарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх үлэһитэ. Чурапчы Мындаҕаайы