Кыһыммыт кэлэн хаарбыт үллүктүү түстэ. Ол гынан баран халлааммыт тоҥорор гына өссө да тымныйа илик буолан атах таҥаһа илийэр, инчэйэр. Сөпкө куурдуллубатах атах быһыытын-таһаатын, өҥүн-дьүһүнүн сүтэрэр. Түмүгэр кэтиллибэт буолар. Куһаҕана диэн сииктэн киһи атаҕын тириитэ аалыллыан, хайа барыан сөп.

Ибис-инчэҕэй атах таҥаһын аһаҕас уокка уонна итии батарыайаҕа ууран куурдар куһаҕан. Эмискэ итийдэҕинэ, атах таҥаһа дьиҥ быһыытын сүтэрэр, аһаҕас уокка умайан да хаалыан сөп. Айылҕаҕа сылдьан көстүөр уматтаххытына, сылаас хаамыскалары ылан, тэрээпкэҕэ суулаан саппыкы эбэтэр бачыыҥка иһигэр уган кэбиһиҥ. Сарсыарда кураанах атах таҥаһын кэтиэххит.

Оттон дьиэ усулуобуйатыгар атах таҥаһын сөпкө куурдар ньыма элбэх. Куурдуон иннинэ сууйуоххун-сотуоххун наада. Үгүстэр анал стеллажка, болкуоҥҥа, тэрээһэҕэ, ол эбэтэр салгын хамсыыр сиригэр куурдаллар. Иһигэр хаһыаты угааччылар. Хаһыат кумааҕытын матырыйаала сииги үчүгэйдик иҥэрэр эбит. Түргэнник куурарын туһугар, хаһыаты сотору-сотору уларытар ордук.

Бу ньымалар судургулар эрээри, элбэх бириэмэни эрэйэллэр. Түргэнник куурда охсуоххутун баҕарар буоллаххытына, билиҥҥи аныгы кэмҥэ атах таҥаһын куурдар анал электрическэй тэриллэр бааллар. Холобур, элестросушка. Сыаната да удамыр, “Валбериска” 800 солк. саҕалаан булуохха сөп. Бу тэрил хааппыла курдук быһыылаах. 40 кыраадыска тиийэ итийэр уонна атах таҥаһыгар буортуну оҥорбокко сииги түргэнник тардар.

Куурбутун кэннэ кураанах тэрээпкэнэн кичэйэн сотуҥ уонна баахсанан сотон кэбиһиҥ. Оччоҕуна эрэллээхтик өр сулууспалыаҕа.

pchela.news саайт хаартыската.

Бүтэһик сонуннар