Биһиги бөһүөлэкпитигэр урукку үтүө да кэмнэргэ оҕолорго лааҕыр диэн үлэлээбэт этэ. Оскуолабыт 4 кылаастаах, онон бэһис кылаастан Кириэс Халдьаайыга баран үөрэнэллэрэ. Сопхуос саҕана оҕолору сайыҥҥы уһун өрөбүлгэ оҕуруокка, окко, ньирэй көрүүтүгэр үлэлэтэллэрэ. Онон оҕолор үлэҕэ-хамнаска сыстан, харчы хайдах кэлэрин билэ үөрэнэллэрэ. «КП» буолуохпутуттан оҕолору үлэлэппэт буолбуттара. Обургу оҕолор тугу да гыналлара суох ускул-тэскил сылдьаллара. Аҕыйах оҕо дьонугар көмөлөһөрө. Ол иһин оҕолор дьарыктаах буоллуннар диэн, Арыы Толооҥҥо ҮСЛ (ЛТО) тэрийэн, окко, хортуоппуйга, күрүө тутуутугар үлэлэппитим.

 

   Бу түбэлтэ 1994 сыллаахха Хочо кытылыгар оттуу сырыттахпытына буолбута. Оҕолор өрүскэ киирэн суунан, сөтүөлээн бэркэ абыраналлара. Ол эрээри өрүспүт наһаа дохсун сүүрүктээҕэ. Онон оҕолору чычаас сиригэр сөтүөлэтэрим. Биирдэ күнүс куолубутунан сөтүөлүү киирдибит. Бэйэм суунан баран, оҕолор сөтүөлүүллэрин көрөн олордум. Владик уол тахсан кулгааҕын уутун тэбэннэ (11-с кылааска үөрэнэр). «Оҕолоор, сотору тахсаарыҥ», — диэн баран, туран эрдэхпинэ, Владигым (туох буолта буолла?) сүүрэн киирдэ да, сүүрүктээх өттүгэр «чоп» гынан хаалла. Соһуйан, айахпын эрэ атан хааллым. Уолум номнуо сүүрүккэ астаран үөс диэки баран эрэр. Түөспэр диэри ууга киирдим, онтон өйдөөбүтүм – бэйэм куһаҕан ууһуппун. Киирдэхпинэ, иккиэн былдьаныыһыбыт. Ол иһин тылбынан күүс-көмө буоллум: «Кытаатан кытыы диэки харбаа!». Уолум: «Сылайдым!» — диэтэ. «Тиэрэ түһэн сыт уонна кытыы диэки харбаа», — диибин. Уол харбыы сатыыр да, сүүрүк күүһэ бэрт буолан, үөтэлээбэт. Оҕолорум харахтарын муҥунан көрөн баран, биэрэк устун сүүрэн иһэллэр. Владикпыт: «Кэскил, көмөлөс!» — диэн, наар табаарыһын ыҥырар. «Харбаа, кытаат, ыксаама!» — доҕоро эмиэ элэ-была тылынан көрдөһө иһэр. Арай онтон эмискэ көрбүтүм, үөс диэкиттэн сүрдээх күүстээх баҕайы сүүрүк, дьиҥнээх өрүс сүүрүгүн туора дьулурутан иһэр эбит. Кэтитэ быһа холуйан, 30-ча см уонна үрдүнэн туох эрэ дьиримниир курдук. Уолбутун ортотунан үлтү үтэн кытыыга таһааран кэбистэ, бэйэтэ симэлийэн хаалла. Уолбар тиийбитим, бөтүөхтээһин бөҕөтө. Атаҕар нэһиилэ туруордум. «Тоҕо сүүрэн тиийэн ууга ыстанныҥ?»— диэн ыйытабын. «Бэйэм да өйдөөбөппүн, хайдах манна турабыный?» — диэн, аны бэйэтэ ыйытар киһи буолла.

   Онон Эбэбит иччитэ уолбутун быыһаабытыгар билиҥҥэ диэри махтана саныыбын. Владик – ыал соҕотох оҕото. Билигин бэйэтэ ыал, икки бэртээхэй уоллаах.
 
Мэхээлэ Охчут Талыман. Томпо.

Бүтэһик сонуннар