Яса (монгуоллуу-бүрээттии “засаг”) – Чингисхан былааска тахсан баран монгуоллар улуу курултайдарын (сийиэстэригэр) кэмигэр киллэрбит саҥа сокуона.
Бу сокуону монгуоллар улуу импиэрийэлэригэр халбаҥнаабакка туһаналлара. Кэлин Чингисхан удьуордара тус-туһунан судаарыстыбаларынан хайдыспыттарын да кэннэ, кини сыдьааннара атын итэҕэлгэ көһүөхтэригэр диэри ону туһана сылдьыбыттара.
Бу тыл сахалыы барыйаана – дьаһай, дьаһах. Билиҥҥи монгуол омуктарыгар “засаг – бырабыыталыстыба, былаас”. Холобур, биһиги сахалар нууччалыыттан үүт-маас түһэрэн ылан “сэбиэскэй былаас” дии сылдьар эбит буоллахпытына, бүрээттэр ону “зүблэлтэ засаг” (сүбэлээх дьаһах, совет – сүбэ) дииллэр. Дьиҥинэн, биһиги бу бэлэм баар “дьаһах” диэн тылы олус уһун, көнтөрүк “бырабыыталыстыба” диэн тыл оннугар туһаныахпытын сөп эбит. Оттон, билиҥҥитэ, бу тылы биһиги “олох-дьаһах” диэн паараласпыт тыл курдук уонна “дьаһал (распоряжение)” диэн барыйаанын эрэ туттабыт.
Монгуоллар “засаг” диэн тыллара былыр кинилэр баһылыы сылдьыбыт сирдэригэр барытыгар тарҕаммыт. Ол курдук, түүр омуктарыгар барыларыгар да кэриэтэ баар. Бары бэркэ билэр “ясак”, “есаул (дьаһабыл)” эҥин диэн тылларбыт бары ону кытта ситимнээхтэр.
Чингисханы таарыйбычча, кини “Ясатыгар” маннык ыстатыйалар баалларын санатабыт.
- Итэҕэл үлэһиттэрэ уонна быраастар-эмчиттэр нолуоктан босхолоноллор.
– Итэҕэллэри барытын ытыктаныллар, ханныгы да өрө туппакка тэҥник сыһыаннаһыллар.
– Ыалдьыты өлөрүү уонна таҥнарыы иһин – буруйдаах киһи дьиэ кэргэнэ барыта өлөрүллэр. (Таҥнарыахсыт хаана тарҕамматын, утумнаабатын туһугар).
– Сылгыны эбэтэр оҕуһу уорбут киһи – өлөрүллэр. Оттон кыра суумалаах мал уоруллубут буоллаҕына, уоруйах – таһыллар. Таһыллыан баҕарбат буоллаҕына, ол уорбут малын сууматын 9 бүк төнүннэрэр.
– Улахан суолталаах кэпсэтиигэ сылдьар посолу ким да тыытар бырааба суох. Эйэлээх посолу өлөрүү иһин куорат, кириэппэс (судаарыстыба) олохтоохторо бары эппиэттииллэр.
– Сэрии кэмигэр буойун, хамандыырын көҥүлэ суох, кими да, тугу да талыыр-халыыр, уорар бырааба суох. Ол сокуону кэстэҕинэ – өлөрүллэр.
– Аармыйаҕа сулууспалаабат эр дьон төһө эрэ кэм устатыгар судаарыстыба туһатыгар босхо үлэлиэхтээхтэр.
– Эрдэрин-ойохторун таҥнарбыт дьон – өлөрүллэллэр. Кинилэр көрсүүлэһэ сыталларын туттахха, туох да суута-сокуона суох өлөрүөххэ сөп...
Иван Гаврильев.
