Былыргы сахалар киһи улаатан, ситэн-хотон иһэриттэн көрөн, ааты уларытан иһэр үгэстээхтэрин туһунан номох, кэпсээн дэлэй. Уһулуччу биллэр-көстөр, атыттартан уратылаах дьон хас да сүһүөх ааттаах буолаллара биллэр. Холобур, Бороҕон улууһун өбүгэтэ Бэрт Хара маннык ааттардааҕа: Майаҕатта, Борогутта, Бэрт Хара.
***
Тойон Мүрү соҕуруу өттүгэр биир тыаны туораатахха, Кыыс Хаҥа диэн күөллээх алааска олохтоох ыалга уол оҕо төрөөбүтүн Майаҕатта диэн ааттаабыттар. Уол уонуттан тахсыар диэри Майаҕатта буола сылдьыбыт. Ол тухары уол даҕаны, төрөппүттэрэ даҕаны ити ааты бэркэ сөбүлүүллэрэ.
Биирдэ Төҥүлүгэ олохтоох Доллу диэн ойуун оҕонньор Майаҕатта ийэлээх аҕатыгар ыалдьыттаабыт. Дьиэлээхтэр Доллу кырдьаҕаска сүөһү миэстэтин араартарбакка эрэ буһаран күндүлээбиттэр. Оҕонньор аһыы олордоҕуна, Майаҕатта ураһаҕа киирэн, ойууну бэркэ ымсыырбыт хараҕынан тонолуппакка одуулаабыт. Онуоха Доллу оҕонньор сүөһү биир мүһэтин: “Айаххын хамнат!” – диэн баран быраҕан биэрбит. Онуоха Майаҕатта уол хабан ылан, быһахтаммакка эрэ тииһинэн хадьырыйан көрүөх бэтэрээ өттүгэр сии охсубут уонна уллук уҥуоҕун төбөлөрүн быһыта ыстаан, силиитин “сооп” гына оборбут. Ол кэннэ уҥуох көҥдөйүнэн оҕонньору көрө олорбут.
Доллу оҕонньор уолу сөҕөн-махтайан: “Оҕом Борогутта курдук аһаатаҕын-сиэтэҕин баҕас бэрдикэтин!” – диэбит үһү. Онтон ыла Майаҕаттаны Борогутта диэн ааттыыр буолбуттар. Уол бэйэтэ даҕаны, кини төрөппүттэрэ даҕаны ити ааты сирбэтэхтэр. Дьон бары Борогутта диэн ааттыыр буолбуттара үһү. Уол Борогутта диэн аатынан улааппыт, күүстээх-уохтаах булчут эр бэрдэ буолбут.
Аммаҕа, Соморсун сиригэр, Борогутта Хайата диэн таас хайа баар. Ол хайа баарын уонна Бэрт Хара олоҕор сыһыаннааҕын туһунан 1935 сыллаахха Тандаҕа олохтоох Вензель диэн оҕонньор кэпсээбитин истибитим. Борогутта ситэн-хотон баран, Дыгын дуу, онтон атын баай киһи дуу тэрийбит ыһыаҕар илии-атах оонньуутугар тэҥнээҕин булбакка, кыайан-хотон Бэрт Хара диэн ааттаммыта биллэр.
Итинтэн көстөрүнэн, Майаҕатта Бэрт Хара диэн саха норуотун биир сүдү киһитэ, үүнэн-сайдан истэҕин аайы тус-туспа ааттарынан олбу-солбу ааттаммыт эбит.
Онтон да былыргы сахалар хастыы да сүһүөхтээх саҥаттан-саҥа ааттаналлара биллэр. Адьас да саҥардыытааҕы дьон эмиэ хастыы да ааттаахтара. Холобур, Туллай, Малаһаак, Дорбоох диэн таптал, хос, өһүргэнэр ааттары Соморсун олохтооҕо Николай Николаевич Борисов илдьэ сылдьыбыта. Кыбыах, Мээлгээр, Хатырык диэн ааттарынан Абаҕа олохтооҕо Василий Алексеевич Гоголев ааттана сылдьыбыта.
Арааһа, дьонтон уһулуччулаах, туох эмэ уратылаах дьон хастыы эмэ ааттаналлар быһыылаах.
Диана КЛЕПАНДИНА.
