Алтынньыга Тулаҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Russion World Music Chart” этно-тэрээһиҥҥэ Гарпани Солинга диэн ааттаах эдэр киһи Саха сирин аатыттан кытынна. Harrin калмыыктар бырайыактарын уонна карельскай мультиинструменталиһы Владислав Демины кытта бииргэ үлэлэстэ. Сайын бастакы эбээннии рейк-альбомун сүрэхтээбитэ, Сербия уонна Белоруссия мусукааннарын кытта трек устубута.
Солинга Гарпани Усунаайа удьуор табаһыт эбээннэрин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт, киэҥ нэлэмэн ыстаадаҕа табалары миинэн улааппыт. Бэйэтин оннук чаҕылхай куоластаах ырыаһытынан да, толорооччунан да аахпат эбит. “Тас көрүҥүм да килэбэчийбит сурунааллар дьоруойдарыгар эппиэттээбэт. Ол гынан баран айарга-тутарга, ыллыырга-туойарга олус баҕалаахпын. Үлэнэн киһи элбэҕи ситиһиэн сөп”, – диэн билинэр.
Бу эдэр киһиэхэ биһирии көрбүтүм диэн, толлор-симиттэр диэни төрүт билбэт, хайа да куорат сыанатыгар таҕыстын дойдутугар курдук эрэллээхтик туттар-хаптар. Ыллаан-туойан, сээдьэлээн бардаҕына, көрөөччү оннуттан ойон туран тэҥҥэ үҥкүүлэспитинэн барар. Сорохтор: “Ээ чэ, биһиги да диэн...” – диэн улахан түһүлгэлэртэн толлуохтара эбитэ буолуо. Кини “амбиция” бөҕө уол.
Солинга 22 саастаах. 8-с кылаастан Нерюнгрига Арктика оскуолатыгар үөрэммит. Билигин А.И. Герцен аатынан Педагогическай университекка Хотугу норуоттар институттарыгар 5-с кууруска үөрэнэр. Бырайыактарга уһулла сылдьар, онуоха эбии бириэмэбит араастаһыылаах буолан кылгас кэмҥэ кэпсэтэн ыллыбыт.
– Гарпани Солинга, бэйэҥ тускунан кэпсээ.
– Усуйаана табаһыт дьиэ кэргэниттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Эдьиийдээхпин. Олус таптыыр, истиҥник саныыр күндү киһим. Ыал ийэтэ, Депутатскайга олорор. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, эдьиийбин кытта сынньалаҥ кэмигэр мэлдьи ыстаадаҕа барар этибит, онно улааппыппыт. Төрөппүттэрим – Усуйаанаттан тэйбэтэх төрүт олохтоох табаһыттар. Онон, табаһыт олоҕун кинигэттэн ааҕан дуу, киинэҕэ көрөн дуу буолбакка, дьиҥ чахчы эппинэн-хааммынан билэр киһибин.

Мин этно-муусука хайысхатыгар буһа-хата сылдьабын, норуотум ырыатын, култууратын сайыннарарга кылааппын киллэриэхпин баҕарабын. Сыалым – эбээн, саха муусукатын, хотугу норуоттар философияларын, айыҕаҕа, төрөөбүт дойдуга сыһыаннарын тиэрдиэхпин, киэн эйгэҕэ таһаарыахпын баҕарабын.
Омугум – эбээн. Төрөөбүт тылбын билэбин, холкутук саҥарабын. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Мэлдьи этэбин: мин талааммынан даҕаны, тас көрүҥмүнэн даҕаны оннук чаҕылхай буолбатахпын. Дьон кэнсиэрдэрбэр кэлэриттэн, социальнай ситимнэрбэр суруталларыттан көрдөххө, ырыаларбын сэҥээрэллэр, ол аата туох эрэ умсугутардаах буоллаҕа.
– Субу билигин, бу сааскар ырыа эйиэхэ туох суолталааҕый?
– Ырыаны билиҥҥи турукпар сөп түбэһиннэрэн эттэхпинэ, улахан куорат дьалхааныттан тэйитэр, уоскутар ньымам. Ырыаларым нөҥүө мин кэннибэр тыһыынчанан өбүгэм турарын билэбин, суолбун ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Көрөөччүлэрим этэллэринэн, киһи айылҕаны кытта сибээһин суолталыыр буоларыгар, норуотунан киэн туттарыгар үөрэтэр.
– Олоххор суолдьут буолар, тумус туттар киһилээҕин буолуо...
– Усуйаанаҕа Сэлээннээх диэн сайылык баар. “Хэко” диэн фольклорнай бөлөххө дьарыктаммытым. Тылбаастаатахха, “хотугу дьүкээбил” диэн. Бөлөхпүт салайааччыта – Екатерина Егоровна Лебедева. Кини һээдьэ, хабарҕа ырыатыгар бастакынан үөрэппитэ, бу ырыалар уратыларыгар уһуйбута.
Эбэбин олус күндүтүн, истиҥник саныыбын. 11-с кылааһы бүтэрэрим саҕана, олох киэҥ аартыгар үктэнэр кэммэр, эбэм эппит тылларын өйдөөн кэлбитим. Оҕо эрдэхпинэ эбэм: “Мин ыллаабыт ырыаларым, төрүттэрбит сүүһүнэн сылларга илдьэ кэлбит баайдара, сүтэн-оһон хаалыахтара буоллаҕа...” – диэн олус хомойоро. Эбэбэр: “Норуоппут ырыалара сүтэн-симэлийэн хаалыахтара суоҕа. Мин аатырдыам!”, – диирим. Саха эстрадатын ырыаһыт, СӨ култууратын туйгуна Анатолий Гороховка суруйбутум. Өйөөбүтэ, бастакы ырыабын устарбар көмөлөспүтэ. Анатолийга ис сүрэхпиттэн махтанабын.
– Арассыыйа таһымнаах араас бырайыакка кыттаҕын: “ЯСНА Музыка” этно-фестиваль кыайыылааҕа буолаҕын, “Звук Евразии” бырайыак финалиһынаҕын... барытан ааҕа барбаппын. Эйиэхэ хайдах сыһыаннаһалларый?
– Мин бэйэм санаабар, ханна да тиийдэрбин, бэркэ сэҥээрэллэр, эбээн норуотун туһунан билэ-көрө сатыыллар. Социальнай ситимнэргэ сурутааччым элбэх. Хотугу норуоттар да, сахалар да бааллар. Дойду үрдүнэн – Красноярскайтан, Новосибирскайтан, Москваттан – күн аайы суруйаллар. Ити миэхэ сөҕүмэр күүһү эбэр. Ямалга тиийбиппэр, олус үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ. Хаартыскаҕа түһэллэрэ, бэлэх бөҕөтүн бэлэхтээбиттэрэ. Уопсайынан, төрөөбүт тылгын билэр, норуотун култууратын, төрүт үгэһин эккэр-хааҥҥар иҥэриммит буоллаххына, ханна да тиийдэххинэ, өрө туталлар, суолталыыллар. Онтон сиэттэрэн бэйэҕин эрэллээхтик сананаҕын, этэргэ дылы, “төбөҕүн үөһэ көтөҕөн” сылдьаҕын.
– Гарпани Солинга диэн сценическэй аатыҥ дуо?
– Гарпаи Солинга сценическэй диэбэккэ эрэ, эбээннии аатым диэхпин баҕарабын. “Лучезарная заря” диэн тылбаастанар. Эбэм православнай итэҕэллээх этэ, миигин “Гавриил” диэн сүрэхтээбитэ. Соһуйуоҥ, пааспарбынан аатым – Суздалов Гавриил Октябрьевич.
– Көстүүмнэргин ким тигэрий?
– Араас маастары кытта үлэлэһэбин. Бастаан саҕалыырбар көстүүмнэрбин барытын буор босхо Наталья Ивановна Сыроватская тигэн улахан өйөбүл буолбута. Миигин мэлдьи өйүүр-өйдүүр киһим. Хотугу норуоттар, сахалар төрүт таҥастарын ымпыгар-чымпыгар, хас биирдии сиигигэр тиийэ билэр талааннаах, уопуттаах маастар.
Эбэм, Евдокия Гаврильевна Лебедева, тикпит көстүүмнэрэ эмиэ бааллар. Хомойуох иһин, 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, олохтон барбыта. Улаатар сааспын төһө да баттаспатар, кини мин олохпор ураты суолу-ииһи хаалларбыт, өбүгэлэрбин кытта ситиммин олохтообут киһим. Кини тикпит таҥастарын эмиэ кэтэбин.
– Туундараҕын ахтан-санаан ылаҕын дуу?
– Кырдьыгынан этэбин, мин билигин төһө да киириилээх-тахсыылаах улахан куоракка бэһис сылбын олордорбун туундарабын күн аайы саныыбын. Биир дойдулаахтарым олус судургу, көнө майгылаахтар. Сүрэхтэрэ киэҥ, дууһалара ыраас. Мин туундарата суох кыайан олорбоппун. Ол иһин айаммыт-сырыыбыт төһө да уустук буоллар сынньалаҥым аайы сыл иккитэ дойдубар баран кэлэбин.
Ытыктыыр киһибит Андрей Васильевич Кривошапкин этэн турар: “Таба баарын тухары эбээн норуота баар буолуоҕа”. Табаларбын эмиэ наһаа суохтуубун.
– Аркааны сатаан быраҕаҕын дуу?
– Киһи өр кэмҥэ аркааны бырахпатаҕына, умна быһыытыйар. Ол гынан баран биирдэ-иккитэ бырахтым да, өйдөөн кэлэбин. Дьиэбэр тиийдэхпинэ, кэтэх тардыстан баран таах сыппаппын. Туундараҕа мэлдьи үлэ баар. Убайым аркааны быраҕар, мин киниэхэ табалары үүрэбин, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөбүн. Аркааны бырахпатаҕым түөрт сыл буолла.
– Сахалыы бэркэ саҥарар эбиккин.
– Сахалыы билэн бөҕө буоллаҕа. “Саха сириттэн төрүттээх сахалыы тыллаах эбээммин” дэниэхпин сөп.
– Бары олохпутун туох эрэ сыаллаах-соруктаах олорон эрдэхпит. Эн олоххор тугу ситиһиэххин баҕараҕыный?
– Улахан саала муҥунан тобус-толору көрөөччүлээх сольнай кэнсиэрбин тэриэйиэхпин наһаа баҕарабын. Дьон биһиги, эбээннэр, ураты култууралаах, туспа тыллаах-өстөөх буоларбытын билиэхтэрин, муусука нөҥүө биһигини өссө күүскэ убаастыыр буолуохтарын баҕарабын. Бу олоххо кэлбит мииссийэм, эбэм барахсан баҕатын толорон, норуоппут ырыата, култуурунай баайа сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үлэлэһии.
Олунньу 19 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сольнай кэнсиэрбин тэрийээри сылдьабын. бу – бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан ыраламмыт ырам. Күүстээх бэлэмнэнии саҕаланна. “Хотугу көрсүө сүрэхпин, киэн дууһабын арыйарга бэлэммин.
Эбээннэр баарбыт, төрөөбүт тылбыт, норуоппут дьылҕата кэскиллээх буоллун! Би мэнӈиви илэвэ аяврам!
Диана КЛЕПАНДИНА кэпсэттэ.





