“Театр биэсэлкэттэн саҕаланар” дииллэр. Оттон “Синема кииҥҥэ” ыытыллыбыт “Дириэктэр” диэн кэмиэдьийэ дорҕоонноох ойдуо охсон киэҥ эйгэҕэ тахсар биһирэмэр... киинэ уһуллубут Маҕарас нэһилиэгэр ыалдьыттаан ылаҕын.  Киирээти кытта үрүҥ таҥастаах далбар хотуттар арчылыы, алаадьынан күндүлүү көрүстүлэр. Тулабыт тыабыт сирин, саха төрүт олоҕун, омук буолар уратыбыт сылаас, иһирэх тыынынан илгийдэ. Истиэнэни кыйа тыа дьонун ыалдьытымсах үгэһинэн тардыллыбыт араас минньигэс аһынан күндүлээтилэр. Пресс-показтарга син сырыттым ини, куорат дьоно наар кэмчилээхтииллэр, маҕарастар курдук дэлэйдик күндүлээбиттэрин өйдөөбөппүн. “Дириэктэр” диэн саҥа бэртээхэй быыппаҕы амсаттылар. Этикетката штрих-код, куар код  бөҕө, быһыыта бренд быыппах биисинэһин саҕалаары гыммыттар быһыылаах. Амтана оһуобай, саахара нуорма, кыаҕын ыллаҕына, били “number one” быыппаҕы “сынньатыыһы”.

директор 5

***

Маҕарастан төрүттээх, биллэн эрэр эдэр режиссер Николай Корякин-Айдын Ате бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сылдьар  кэмиэдьийэ, сатира, драма, трагедия жанрдарын таба таҥан, ол быыһыгар хоррор, фантазия элэмиэннэрин кыбытан, көрөөччүгэ бүгүҥҥү тыабыт олоҕун туһунан умнуллубат үтүө өйдөбүлү биэрэр киинэни бэлэхтээтэ. Киинэ нэһилиэк бүгүҥҥү олоҕун, ол иһигэр мөкү да өрүттэрин, дьонун-сэргэтин, сайдар кэскилин көрөөччүгэ дьээбэ-хообо тылынан, сатиранан да эҕэлээн, көрдөөх-нардаах элбэх түгэннэринэн көрдөрөрө ордук тиийимтиэ эбит.

...Киинэ саҕаланыыта нэһилиэк баһылыгын “планерката ” көстөр. Нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара мустан, ханнык боппуруостары дьүүллэһэбит дииллэр. Биллэн турар, уот, хочуолунай, оскуола, балыыһа  о.д.а. бүппэт кыһалҕалар үп-харчы кырыымчык кэмигэр Геракл да сыҕарыппат сымара таастара буоллахтара. Мунньахтааччылар күн аайы ылахтаһа сатыыртан сылайбыттара, хал буолбуттара оччото эбитэ дуу, кыһалҕа оннугар, нэһилиэк үбүлүөйүн хайдах бэлиэтиири дьүүллэһэри ордордулар. Омос санааҕар  “бу хайдах буолбут тойотторуй, үлэ-хамнас оннугар шоу буола олороллор” диэн мөҕүттэн ылыах курдуккун.

директор 4

Баһылык алҕаска худрук Нарыйа кыыһы (Алиса Ларионова)  кулууп сэбиэдиссэйигэр Лаврентий Спиридоновичка (Дмитрий Баишев) “эйигин солбуйа кэллэ” диэх курдук билиһиннэрэн өһүргэппитэ, киинэ интригатын төлө тарта.

***

Үбүлүөйгэ Нарыйа Тимофей Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн драматын туруорарга эппитин ылыналлар. Ол кэннэ, киинэ сюжета олох остуоруйата буолан, эриллэн-буруллан барар. Ньургуһун тоҥ буору тобуларыныы, эдэр кыыс эниэргийэтэ уларыйбат биир олохтон уота-күөһэ суох умуллан олорбут нэһилиэк дьонун саппаҕырбыт санааларын кыйдаан, саҥа, сибиэһэй тыын киллэрэн, бары түмсэн, испэктээкил туруорууга кыттыһан, кулууп үлэтэ-хамнаһа эрэ буолуо дуо, бүтүн нэһилиэк олоҕо күөстүү оргуйа түһэр.  

директор 2

Урутаан эттэххэ, киинэҕэ Маҕарас дьиҥнээх баһылыга В.М. Текеянов баһылык оруолун оонньуурун көрөн соһуйдум. Онтон хайдах эрэ Лоокуут кини буолара буолуо диэбитим туолбата. Ньургуһуну Нарыйа оонньуур буолла. Онтон араас интрига түмүгүнэн,  кулууп дириэктэрэ Лоокууту бэйэтэ оонньуурга күһэлиннэ. Киинэни барытын кэпсээбэппин. Ол гынан баран араас моһоллору туораан, икки эдэр сүрэхтэр испэктээкил көмөтүнэн ыал буолар, нэһилиэк олоҕун салгыыр төлкөлөрө түстэммит романтикалаах историяларын киинэҕэ сылдьан көрөөрүҥ. Артыыстар, киинэҕэ уһуллубут нэһилиэк олохтоохторо бары наһаа үчүгэйдик, итэҕэтиилээхтик оонньууллар. Киһи  киинэни биир тыынынан көрөр, иккис сиэрийэлээҕэ буоллар диэх курдук.

***

Киинэ хас биирдии каадыра, тыла-өһө дьээбэлээх, көрдөөх-нардаах. Ол эрээри, саха дьонугар эрэ анаммытынан, биһиги эрэ өйдүүбүт. Онон күллэрэрин таһынан, киинэ көрөөччүгэ “нэһилиэк -- саха төрүт биһигэ” диэн өйдөбүлү дириҥник иҥэрэр. Бээ, кэмиэдьийэ диэн баран, хайдах эрэ драманы кэпсээн бараары гынным дуу?  

“Дириэктэр” чахчы олус үчүгэй,  киһи “без быара”  хаалар кэмиэдьийэтэ. Киинэни быһа дьон тохтоло суох күлэн ньиргийии бөҕө. Оннооҕор тоҥуй да дьон ыгыста-ыгыста күлэн бычыгыраан барар киинэлэрэ.  Харчытын харыстаабат киһи, күлэ-үөрэ, салгыбакка хаста да көрүөн сөп. Таарыйа стреһи, ньиэрбэ ыарыытын харахтан сыыһы ылбыт курдук эмтииһи.

***

Бу киинэттэн атын баҕа санаа үөскээтэ. Ленин кырдьаҕас “киинэ искусство көрүҥнэриттэн саамай суолталаахтара” диэн бэлиэтээн турардаах. Нэһилиэк олоҕун туһунан куорат дьонун саататар эрэ киинэ айыллыа суохтааҕа чахчы.

директор 3

Сахабыт норуота нэһилиэк экэниэмикэтин төрдө – тыабыт хаһаайыстыбата аныгы өй, технология күүһүнэн, эдэр ыччат эрчиминэн тыыллан-хабыллан атаҕар турарын күүтэр. Эдэр киинэ устааччылар Горнай ырыаҕа ылламмыт биэс бэһиэлэй ыанньыксыт кыргыттарын аныгы кэм киинэтин героинялара оҥорон таһаараллара олус үчүгэй буолуох этэ. Т/х тиэмэтэ киэҥ, онон хайаан да ыанньыксыт буолбакка, биэс пиэрмэр, эбэтэр оҕуруоччут, агроном, бэтэринээр да буоллуннар. Үлэ  дьонун көрдөрөр, үлэни көҕүлүүр киинэ салгын курдук наада.

директор 6

Түмүккэ өссө тоһоҕолоон эттэххэ, “Дириэктэр” тыа аныгы олоҕун көрдөрөр ураты табыллыбыт киинэ. Саха киинэтигэр тыа сирин сырдатыыга “маҕарастар – хайа үрдүгэр” диэн хайҕанар саҥа хатыламмат суолу арыйбыт, олус бэһиэлэй киинэни астына көрүөххүт диэн эрэнэбит. Сылдьыҥ, көрүҥ, дуоһуйуҥ!  

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар