Сэтинньи 6 күнүгэр, киэһэ 18.00 чаастан, “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр!

 

“Кыым” хаһыат үгэс буолбут кэнсиэригэр хаһан да буолбатах аахсыйа: БИИР билиэттэ атыылас, ИККИҺИН – бэлэх тут!

 

Аахсыйалаах билиэттэр “Бэчээт дьиэтин” 111-с хоһугар ЭРЭ атыыланаллар(!). Аадырыһа – Орджоникидзе уул. 31 дьиэтэ

 

Быйылгы кэнсиэрбит “Кыым” норуот хаһыата тэриллибитэ 105, Саха сиригэр Култуура уонна Арассыыйаҕа норуоттар доҕордоһууларын сылларыгар ананар: бу эрэ күн араас омук ырыатын истиэххит, үҥкүү эгэлгэтин көрүөххүт! Ыытааччы – Александр Бурнашев!

 

Үгэс курдук: кэнсиэр иннинэ үҥкүү-битии, атыы-тутуу, быыстапка, фотозона, ирэ-хоро кэпсэтии, о.д.а.

 

P.S. Онлайн-билиэт Аахсыйата Суох атыыланар: САХАКОНЦЕРТ.РУ саайка, Саха театрын, Өксөкүлээх киинин, “Центральнай” КТ каассаларыгар.

 

Билсэр нүөмэргит: 8-924-367-01-56

 

Кэлбэтэх кэмсинэр, сылдьыбыт сылы быһа саныыр үтүөкэн кэнсиэригэр күүтэбит!

 

Кыым.ру

Бүтэһик сонуннар