Киир

Киир

ХЭТ “Якутскэкосети” эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр бөҕү-саҕы кэмигэр хомуйан иһэр эппиэтинэстээх. Ол гынан баран куорат полигонугар 100 мөл. солк. суумаҕа “иэскэ ыйанан” сылдьарын туһунан СМИ бэрэстэбиитэллэригэр иһитиннэрдилэр. Куорат бөҕүн-саҕын харайар полигон Бүлүүлүүр суол 9-с км. баар.

Дьокуускай куорат баһылыгын ДьУоХХ боппуруостарыгар солбуйааччы Роман Сорокин бэлиэтээн этэринэн, алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан “Якутскэкосети” ХЭТ эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр өттүттэн бөҕү хомуйууга үлэ ситэ ыытылла илигэ, дуогабарга ыйыллар боппуруостар туолбатахтара бэлиэтэнэр.

“Аны туран, “Якутскэкосети” тэрилтэ МУП “Жилкомсервистан” 100 мөл. солк. тиийэ иэскэ киирбитэ биллэр. Алтынньы 13 күнүттэн “Якутскэкосети” полигоҥҥа бөҕү тиэйиигэ хайаан да толуон ылыахтаах. Бу буола турар балаһыанньа куорат олохтоохторун олоҕор охсуо суохтаах. Эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр күн аайы тахсар бөҕү тиэйиэхтээх уонна бөх харайыллар сирин булуохтаах” диэн салайааччы бэлиэтээн этэр.

ХЭТ “Якутскэкосети” тэрилтэ пресс-релизкэ сурулларынан, МУП “Жилкомсервис” тэрилтэни кытта бииргэ үлэлээһин төрүөтэ полигоҥҥа харайыллыахтаах бөх уопсай ыйааһыныгар хонтуруол ууруллубат диэн ыйбыттар. МУП “Жилкомсервис” юриһа Маргарита Банщикова этэринэн, полигон 70-с сыллар саҕаланыыларыгар тутуллубут. Оччолорго полигону 10 сылга диэн туппуттар. Онон ыйааһыны хонтуруоллуур систиэмэ уруккуттан суох эбит. Кэнэҕэс бөх ыйааһынын кээмэйдиир тэрил баар буолуохтааҕа этиллэр. Биллэн турар, үп кырыымчыгынан сибээстээн, бүгүҥҥү туругунан ыйааһыны хонтуруоллуур тэрил суох.

Бэлиэтээн эттэххэ, куорат олохтоохторо ДьУоХХ өҥөтүн ый ахсын төлүүллэр. Кинилэр харчыларыттан бөҕү харайыыга уонна тиэйиигэ тустаах үп барар эрээри, МУП “Жилкомсервиска” тиийбэт эбит. Ол оннугар үп ХЭТ “Якутскэкосети” эрэгийиэннээҕи эпэрээтэргэ тиийэн, харан хаалар диэн өйдүөххэ сөп.

МУП “Жилкомсервис” тэрилтэ полигоҥҥа бөҕү харайыыга үлэ оҥоһуллар кыаҕа суоҕун бигэргэтэр. Онон “Якутскэкосети” эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр салгыы саҥа суолу тобулан, иэстэн тахсар суолу быһаарыахтааҕа эрэйиллэр.

 

Сэҥээриилэр

Леон
0 Леон 25.12.2020 11:40
Дьэ учугэйдик сокуону хаспакка суруйбуккут...
Ответить

Санааҕын суруй