Киир

Киир

Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ коронавирустаабыт киһи баар буоллаҕына подьезтарга дезинфекция ыытыллар. Куорат дьаһалтата быһаарбытынан, маныаха олохтоохтор сайаапка биэрэллэрэ ирдэммэт эбит.

Роспотребнадзор ыарыһах булуллубут аадырыһын куорат дьаһалтатыгар күн ахсын тириэрдэр эбит. Онон көрөн мээрийэ дезинфекцияланыахтаах дьиэлэри быһаарар. Маныаха дезинфекция ыарыһах олорор эрэ подъеһыгар ыытыллар.

Санааҕын суруй