Олохтоохтору сэрэтэр тиһиктэри Торум быһыытынан киэҥ кээмэйдээх бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа.

Олохтоохтору сэрэтэр тиһиктэри Торум быһыытынан киэҥ кээмэйдээх бэрэбиэркэ алтынньы 9 күнүгэр, бээтинсэҕэ, Саха сирин территориятыгар ыытыллыаҕа, диэн ЫБММ сэрэтэр.

Олохтоох кэминэн 10:40 чааска Саха сирин бары улуустарыгар, ол иһигэр ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга, электросиреналары уонна тыас күүһүрдэр тэриллэри үлэлэтиэхтэрэ. Ону таһынан, 10:43 чааска уопсастыбаҕа аһаҕас телеканаллар уонна араадьыйа ыстаансыйаларын эфирдэрэ солбуллуоҕа: экраннарга уонна эфиргэ Арассыыйа ЫБММ-тэн Иһитиннэрии баар буолуоҕа.

ЫБММ эрэгийиэннээҕи салалтата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһаайар: сирена тыаһын истэн айманымаҥ, тэлэбииһэри эбэтэр араадьыйаны холбоон Иһитиннэриини истэргит, ону тэҥэ "МЧС России" мобильнай сыһыарыытыгар сэрэтии тиэкиһин кытта билсэргит наада.

Сэрэтэр Тиһик айылҕа эбэтэр техногеннэй төрүөттээх суһал быһыы-майгы үөскээтэҕинэ эбэтэр куттал суоһаатаҕына олохтоохторго Тиэрдиги кэмигэр тиэрдэргэ ананар.

Бэй.кэр
Хаартыска: Оҥоһуу өй 

Бүтэһик сонуннар