Эбии төлөбүрү көтөр ааллар экипажтарын урукку чилиэннэрэ уонна чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ ылыахтара.
Сэтинньигэ страховой биэнсийэҕэ анаммыт бигэргэтиллибит төлөбүрдэри көтөр ааллар экипажтарын урукку чилиэннэригэр уонна чох бырамыысыланнаһын урукку үлэһиттэригэр хаттаан ааҕыахтара. Бу туһунан РИА Новости Судаарыстыбаннай Дума үлэ, социальнай бэлиитикэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларын кэмитиэтин бастакы солбуйар бэрэссэдээтэлин Светлана Бессарабка сигэнэн иһитиннэрэр.
Ону таһынан, страховой биэнсийэҕэ анаммыт бигэргэтиллибит төлөбүр алтынньыга 80 сааһын туолбут эбэтэр I группалаах инбэлиит буолбут олохтоохторго үрдүөҕэ, диэн парламентарий эбэн биэрдэ.
Бэй.кэр
Хаартыска: Мария Васильева / СИА
