Идэлээхтэр хомусотерапия дьиксинии уонна санаа тууйуллуутун таһымыгар, ону тэҥэ өй-санаа үлэтигэр дьайыытын сыаналыыр былааннаахтар.
Аан дойду норуоттарын хомус түмэлигэр уонна киинигэр инсульт кэнниттэн эмтэнээччилэр психоэмоциональнай туруктарыгар хомусотерапия дьайыытын үөрэтиигэ анаммыт көрсүһүү буолан ааста.
Көрсүһүүгэ түмэл дириэктэрэ Дмитрий Бястинов, билим-сырдатар дьайымал методиһа Кия Аммосова, экспозиционнай-быыстапка салаатын сэбиэдиссэйэ Туяра Жиркова, невролог быраас Нина Васильева уонна психолог Марина Софронова кытыннылар.
Кыттааччылар мэйии хааннааһынын сытыы кэһиитин кэнниттэн иккис түһүмэх мэдиссиинэ реабилитациятын ааһар эмтэнээччилэри кытта чинчийии тэрийиитин көрдүлэр.
Бэй.кэр
Хаартыска: Мария Васильева / СИА
