АХШ бэрэсидьиэнэ Д.Трамп Украинаҕа эйэ олохтооһунун боппуруоһун Кытайга тиийэн Си Цзиньпини уонна В.Путины кытта сүбэлэһэн быһаарсыан баҕарар үһү. Ол эбэтэр, Трамп “бу боппуруос аһара дириҥ түгэхтээҕин, уустугун, элбэх судаарыстыба интэриэһин хаарыйарын иһин, аан дойду саамай күүстээх дойдулара үһүөн кыттыстахпытына эрэ кыайыыһыбыт” дии саныыр буолуон сөп.

ХНТ билиҥҥи генеральнай сэкирэтээрэ А.Гуттериш “АТЭС саммитын кэмигэр АХШ, Кытай уонна Арассыыйа лиидэрдэрэ бу боппуруоһу быһаарсар буоллахтарына, мин туох кыалларынан барытынан көмөлөһөргө бэлэммин. Бу иирсээн тохтуурун туһугар кыаллар суол барыта оҥоһуллуохтаах” диир.

Онон, Украина иирсээнин быһаарыы саҥа таһымҥа тахсар.

Ойуу "Руксперт" саайтан.

Бүтэһик сонуннар